Чурапчы улууһугар Римма Иннокентьевна Корякина-Хотууна литэрэтииринэй түмсүү салайааччытынан ананыаҕыттан айар-тутар куттаах дьоммут үлэлэрэ-хамнастара биллэ сытыырхайда, араас хабааннаах тиэмэлэргэ хоһооннорун, айымньыларын бэчээттээн сундулутан иһэллэр.
Бүгүҥҥү сыһыарыыбытыгар Римма Иннокентьевна бэйэтин айымньыларыттан бэрт аҕыйах кэпсээни уонна остуоруйаны билиһиннэриэхпитин баҕарабыт. Хотууна айымньылара мэлдьи кырдьыктаах, олоххо дьиҥ үчүгэйи булан ыларга тиэрдэр ураты түмүктэрдээх буолаллар. Тыла-өһө хомоҕойо, уу сахалыы тугу даҕаны ханалыппакка ааҕааччыга тиийимтиэ гына, буола турар көстүүнү ойуулуура бу суруйааччы ураты талаанын, ис кыаҕын толору дакаастыыр.
Уһун суһуохтаах Дугуйа Куо
(Остуоруйа)
Аҕыс алааһы аастахха, тоҕус тоҕойу туораатахха Халачын баай ойоҕунаан Очуора Хотуннуун байан-тайан олорбуттара эбитэ үһү. Арай итэҕэстэрэ диэн оҕолоро суох эбит. Инньэ гынан, толору дьоло суох курдук санаммыттар. Ол курдук олордохторуна сирэйэ бүтүннүү түү, илдьиркэй таҥастаах, бөгдьөҕөр эмээхсин кэлэн ааннарын тоҥсуйбут.
- Ардахха баттаттым, хонон ааһарбын көҥүллээҥ, — диэн көрдөспүт.
Бөгдьөҕөр эмээхсини Очуора Хотун холдьохпут, хонноруон баҕарбатах. Эмээхсин онтон өһүргэнэн, дьааттаах көмүс сымыыты ууммут:
-Бу аптаах көмүс сымыыты ый иэдэһэ толору туоллаҕына, хаҕын алдьаппакка, бүүс-бүтүннүү ыйыстан кэбиһээр, оччоҕуна оҕолонуоххут, — диэбит. Итиэннэ: “Кыыскыт баттаҕын кыптый кырыйан кылыр гыннаҕына, мин сирэйбин көрүөххүт”, — диэн кыраан ботугураабытын, Халачын баай истэн хаалбыт. Бөгдьөҕөр эмээхсин эппитин курдук, дьиэлээх хотун көмүс сымыыты сыа-сым курдук тутан, ыстаабакка ыйыстан кэбиспит. Өр-өтөр буолбатах, тоҕус ый томтойо туолуутугар, арай биир сарсыарда Очуора Хотун кыыс оҕоломмут. Кыыстара утуйан турдаҕын аайы улаатан, ситэн-хотон, тупсан испит. Кинини Дугуйа Куо диэн ааттаабыттар. Дугуйа Куо чугаһынан ханна да суох кэрэ сэбэрэлээх кыыс буола улааппыт. Хаамтаҕына-үс былас толбоннурар суһуоҕар сүүһүнэн лыахтар тэлээрэн кэлэн түһэллэр эбит. Төрөппүттэрэ кыыстарын көрө-көрө таптыыллар, харахтарын харатын курдук харыстыыллар. Уп-уһун суһуоҕун үрүҥ көмүс тарааҕынан эрэ көннөрөн тарыыллар. Сытыы кыптыйы барытын кистии сылдьыбыттар. Арай биирдэ кыыс хонууга дьаарбайа сырыттаҕына, эмискэ оту-маһы кумалаан холорук кэлэн түспүт, кыыһы халлааҥҥа көтүтэн илдьэ барбыт. Холорук өрө ытыллан, аҕыс сааллар этиҥ арыалдьыттанан, тоҕус сүллэр этиҥ үктэллэнэн, Дугуйа Куону сүкпүтүнэн, таас хайа оройугар биирдэ баар буола түспүт. Итиэннэ сиргэ үктэнээт, ат-кулун миҥэлээх уол оҕо бэрдэ буолан хаалбыт. Дугуйа Куону көрөөт, муус сүрэҕэ ууллубут. Кыыһы олус диэн сөбүлээбит.
— Дугуйа Куо! Мин Кулан уол диэммин. Кыра сылдьан олус мэник, биир сиргэ таба олорбот оҕо этим. Биирдэ түү сирэйдээх, бөгдьөҕөр эмээхсини күлүү гыммытым. Ол буруйбар миигин аптаах эмээхсин, мэник уол-холорук буол диэн аптаан кэбиспитэ. Уонна мин курдук сирэйэ бүтүннүү түү, бөгдьөҕөр кыыс эйигин таптаатаҕына, дьиҥнээх киһи буолуоҥ диэбитэ. Булбатаххына, ый өлүүтэ, өлүөҥ диэн кыраабыта. Уонна тоҕо эрэ солко былааты биэрбитэ.
— Оо, Кулан уол, мин оннук түү сирэйдээх кыыһы ханна да көрбөтөҕүм. Сотору ый өлүөхтээх, аҕыйах хонук хаалла. Аптаах эмээхсини көрдөөн була сатаа. Баҕар аһыныа, ол кыыс ханна баарын этиэ дии -, диэбит. Дугуйа Куо уолу олус таптыы, аһына көрбүт.
Хас да күн устата Дугуйа Куо тыалга ыһыллан иилистибит баттаҕын мас тарааҕынан тарыы сатаан, кыайан көннөрбөтөх. Ону көрөн, Кулан уол кыптыйынан кыыс суһуоҕун быһа баттаан кэбиспит. Эмискэ кыыс үтүө ньуура уларыйбыт. Киһи билбэт гына кэрэ бэйэтэ кэхтэн, сирэйэ уһун түүлэммит, көнө уҥуоҕа бөгдьөллөн, эмээхсин курдук буолбут. Кыыс барахсан онтон кыбыстан, куотан хаалбыт. Кулан уол хас да күнү быһа холорук буолан, сэниэтэ эстиэр диэри кыыһы көрдөөбүт. Халлаан хараҥаран, ый өлбөөрө өлөн барбыт. Дугуйа Куо уол эппитин өйдүү түспүт уонна Кулан уолга сүүрбүт. Уол солко былаатын туппутунан, сиргэ умса түһэн сытар эбит.
- Оо, Кулан уол, уһугун, аптаах эмээхсин иккиэммитин кыраабыт. Эйигин мин таптыыбын эбээт, миигин бырастыы гын!- диэн кыыс ытыы-ытыы уолтан көрдөспүт. Кулан уол өйдөнөн кэлбит, өлбөөрөн эрэр ый үрүҥ көмүс дуйданан сырдаабыт. Уол түүлээх сирэйдээх кыыска солко былаатын баайбытыгар, Дугуйа Куо уруккутун курдук кэрэ, уһун суһуохтаах буола тупсубут. Ити кэнниттэн эмээхсин кырыыһа өһүллүбүт. Киэҥ халлаан аһыллан, күн чаҕылыччы тыкпыт. Үрүҥ Айыы сирэ күндээрэн көстүбүт.
Таптал күнэ
(Кэпсээн)
“Бүгүн таптал күнэ”, — диэн тэлэбиисэргэ ырыа, хоһоон арааһын биэрдилэр да, Куоста Күөлэһэп онтон тугу да иилэ-хабан ылбата. Биир да билэр ырыаһытын булан истибэккэ, тэлэбиисэрин арааран кэбистэ. Эмискэ дьиэ иһэ чуумпура түспүтүгэр, дьыбааҥҥа утуктуу-утуктуу, ырыа истэ сатыы олорбут эбэлэрэ эмээхсин соһуйан, “ходьох” гына түстэ. Уонна ынчыктаан-бөтүөхтээн дьыбаантан оронон, хоһун диэки иэҕэҥнии турда. Елена Романовна урукку өттүгэр почта хотуна этэ. Билигин ол үлэтигэр соҕотох кыыһа Оля үлэлиир. Эмээхсин бэйэтин кэмигэр киирбит-тахсыбыт, туруу үлэһит дьахтар. Билигин бу, кырдьар сааһыгар кыыһын көрүүтүгэр олорор. Күтүөтэ даҕаны, Елена Романовнаны ийэтин курдук санаан, убаастыы саныыр.
Бүгүн таһырдьа сааскылыы сырдык күн буолбут. Сарсыардаттан күн чаҕылыччы тыган, киһи эрэ сэргэхсийиэх, кэлиэх-барыах курдук күнэ үүммүт. Оттон Куосталаах тыа ыала буолан, хотон үлэтиттэн ордубаттар. Саатар, бу күннэргэ икки ынахтара тэҥҥэ төрөөн кэбиһэннэр, үлэ-түбүк бөҕө буоллулар. Куоста хотонугар үксүгэр соҕотоҕун кэриэтэ сылдьар. Эдэр эрдэҕиттэн үөрэҕи ылбакка, хотонтон ыраата илик. Олятынаан сүүрбэттэн тахса сыл бииргэ олордулар да, оҕолоро суох. Оля доруобуйата мөлтөҕүттэн буолуо диэн, Куоста кэргэнин бүтэйдии буруйдуу саныыр. Куорат балыыһаларын барытын кэрийэн, эмтэнэ сатаата да, туһа суох. Эмтиир быраастара «сүрэҕэ, бүөрэ барыта мөлтөх, көрдөрүнүөн наада»- эрэ дииллэр. Куоста оҕоҕо төһө да баҕардар, кэргэнин аһынан, арахсыы туһунан тылы быктарбат.
Үс чаас буолан эрэр. Күнүскү хотонун үлэтин бүтэрэн, холкутуйа быһыытыйан, бэҕэһээҥҥи хаһыаттары үрдүнэн-аннынан көрүтэлии оҕуста. Уонна олорбутунан, дьыбааҥҥа утуйан хаалла.
Оля үлэтиттэн бүгүн эрдэ бүтэн кэллэ. Киэһэ чугас аймахтарын сыбаайбатыгар ыҥырыылаахтар. Тапталлаахтар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн сыбаайбаларын бу бүгүн оҥорор буолбуттар. Куоста көстүүмү, өтүүктээх бүрүүкэни кэтэрин соччо сөбүлээбэтэр да, Оля дьаһайыытынан таҥынна. Хайаатар да, кэргэнэ бырааһынньыктарга киниэхэ хаалтыс кэтэрдэрин сөбүлүүр. Онон бэйэтэ уруккуттан сөбүлүүр хаалтыһын булан ылан, суон моонньугар иилинэн кэбистэ. Олята хара былааччыйатын кэппит, киэргэнэн кэбистэҕинэ киһи сирбэт дьахтара. Болдьоммут бириэмэҕэ бырааһынньыкка тиийбиттэрэ, дьон өссө да кэлэ илик эбит. Толору астаах остуоллар тардыллан ырааппыттар. Хас остуол үрдүн аайы кыһыл сүрэх быһыылаах саарыктар ыйаммыттар.
“Таптал дьоро киэһэтэ
дьоллоох буолуҥ диэбитэ…” — диэн киһини долгутар сахалыы ырыа иһиллэр. Сыыйа-баайа, биллибэтинэн, ыалдьыттар “лыык” курдук сааланы толорон кэбистилэр. “Эдэрдэр иһэллээр!” — диэн биллэрээттэрин кытта, сыбаайба ырыатын холбоотулар. Ытыс тыаһынан доҕуһуолланан, үөрбүт-көппүт оҕолор сиэтилэспитинэн киирэн кэллилэр. “Дьоллоох түгэн дьэ үүннэ! Оҕолорбутун эҕэрдэлээн биэриэҕиҥ, ытыскыт тыаһын харыстаамаҥ!” -диэн микрофоҥҥа тамада саҥата чоргуйан олорор. Үмүөрүһэ мустубут ыалдьыттар үөрбүт харахтара оҕолортон арахсыбат. “Бүгүн таптал күнэ! Дьоллоох буолуҥ!” — диэн оҕолор төрөппүттэрин алгыстара, эҕэрдэлэрэ барыта кинилэргэ ананна. Тамада ыҥырыылаах ыалдьыттары мааны остуолларга ыҥырбытыгар, бары ыгыта симсэн, оннуларын булан олордулар. “Үөрүүлээх остуолу бу киэһэ салайан ыытыаҕым мин, Катрин”, — диэн тамада бэйэтин сымсах соҕустук билиһиннэрдэ. Бииртэн биир ыалдьыттар туран тыл этэн, ырыа ыллаан, “иэстэрин төлөөн” истилэр. Тамада дьахтар саҥара-иҥэрэ үөрэммит. Дьону көрдөөх оонньууларга кытыннаран күллэртиир, араас бириистэри да хамаҕатык түҥэтэн, туттаран иһэр. Сыбаайбалыыр оҕолорго анаан бэйэтэ эмиэ ырыа ыллаан, эҕэрдэлээн, сэргэхтик остуолу салайар киһи буолан биэрдэ. Бастакы остуол бүтүүтэ, Күөлэһэптэргэ тыл биэрдилэр. “Эдэрдэри эҕэрдэлии кэллилэр чугас аймахтара Ольга, Константин Колесовтар! Дьэ эрэ, эҕэрдэ ырыаны эмиэ биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит!” — диэн тамада Куосталааҕы саал ортотугар ыҥыран таһаарда. Куоста тыл этиэхтээх, ыллыахтаах этэ да, хайдах эрэ долгуйбутун бэйэтэ да сөхтө. Онуоха эбии, тамада дьахтар эмиэ соһуйбуттуу Куостаны одуулаан, саҥатыттан матан турда. Куоста онтон өссө күүскэ мух-мах баран, аҕыйах тылы син ыган таһааран, эҕэрдэлээбитэ буолла уонна урукку “коруоннайын” тардан кэбистэ: “Сибэккилээх сыһыынан, үөмэр-чүөмэр үктэнэн…” Ыллыы туран көрдөҕүнэ — бу тамада дьахтары хаһан эрэ көрбүт курдук эбит. Кимин сатаан быһаарбатар даҕаны, хараҕа сөбүлээн, батыһа көрөн турда. Уһун хара суһуоҕа, хойуу кыламана, уоттаах хараҕа кими санатарый диэн санаа бэрт түргэнник төбөтүгэр элэҥнии турда. Ырыатын сордоон-муҥнаан, ыллаан бүппүтүн кэннэ, тамада “үчүгэй ырыаһыкка” диэн бириис туттарда. Онно, чугаһаабытыгар көрбүтэ, хаҥас иэдэһигэр көстөр-көстүбэт мэҥнээх эбит! Соһуччута бэрдиттэн, сүрэҕэ сүр күүскэ тэбэн, бирииһин ылаат, ыһыктан кэбистэ. Таас иһит сиргэ кэлэн түһэн, сүүс аҥыы бытарыйан, ыһыллан хаалла. Бары “дьолго!” диэн тула күйгүөрэ түстүлэр. Арай Куоста эрэ дөйбүт киһи курдук тамадаттан хараҕа арахсыбат. Олята сиэҕиттэн илгиэлээн, сиэтэн дэллэритэн, остуолугар илдьэ барда. Куоста: “Мин таһырдьа сөрүүкүү таҕыстым, сотору киириэм”, — диэт таһырдьаны былдьаста.
- Бээ, эрэ, хайдах-хайдаҕый? Кини Катята кэлэн тамадалыы сылдьар эбит дии!
Куоста хараҕар дьоллоох эдэр сааһа барыта элэҥнээн ааста.
Хаһан эрэ, эдэр сылдьан хаҥас иэдэһигэр мэҥнээх, хойуу уһун суһуохтаах кыыһы кытта билсэ сылдьыбыта. Кини үөрэҕин бүтэрэн, бу дэриэбинэҕэ бэрт кылгас кэмҥэ бэтэринээринэн үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ Куоста саҥа аармыйаттан кэлэн, сопхуоска суоппарынан үлэлии киирбит кэмэ этэ. Катяны хайдах билистэ этэй? Сопхуос киинигэр “бэтэринээр тиийбэт” диэн хас мунньах аайы Бүөтүр оҕонньор айдааран тахсара. Баҕар ол да иһин буолуо, сотору кэминэн, саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэркээн кыыс тиийэн кэлбитэ. Биир үтүө күн Куоста сопхуос хонтуоратын иннигэр, буору өрүкүппүтүнэн, хорус гына туормастаан, массыынатын тохтоппута. Быыл быыһыттан, сөтөллүбүтүнэн, биир чымыдааннаах кыыс тахсан кэлбитэ. «Эн суоппар Костяҕын дуо? Мин Катябын. Эһиги дэриэбинэҕитигэр ананан үлэлии кэллим. Эйигин кэтэһэн турабын.» Кинилэр бастакы көрсүһүүлэрэ итинтэн саҕаламмыта. Катяны бөһүөлэккэ Ааныска эмээхсиҥҥэ дьукаах олордор гына быһаарбыттара. Кэлии кыыһы дэриэбинэ уолаттарыттан бастакынан кини билсибитэ. Ол улахан суолталаах этэ. Ону таһынан, сотору-сотору Катяны сүөһү моһуоҕурдаҕына, хотоннорунан кэритэн, кини таһар буолбута. Ынах ыарыйдаҕына ордук Куоста үөрэрэ. Ол — Катяны көрсөргө бэлэм сылтах этэ. Оннук сылдьан кыыһы сөбүлээн, киэһэ аайы көрсүһэр идэлэммитэ. Катя да, биир үксүн тэһийбэккэ, Куосталыын массыынаҕа олорон, алаастарынан күүлэйдээн кэлэрин сирбэт этэ. Оччоттон элбэх кэпсээннээх, сэргэх кыыс. Сыл курдук бииргэ сылдьыбыттарын кэннэ, биирдэ сопхуос сүөһүлэрэ туохтан эрэ моһуоҕуран, истэрэ ыалдьыбыта. Онно суһал көмөҕө наадыйан, Катяны ыҥыртарбыттара. Ыраах үрэх баһыгар баар суола-ииһэ мөлтөх, «Саһарҕа» диэн хотоҥҥо барар буоллулар. Массыынатын ситэ оҥостубакка да сылдьан, суһала бэрдиттэн, «Саһарҕа» пиэрмэҕэ айаннаабыттара. Сааскы күн сылааһыгар бигэнэн, Куоста сылайбыта таайан, утуктаан барбыта. Суолтан туораан хаалаары гыммытыгар ыксаан, аара тохтоон сынньаммыттара. Айылҕа барахсан уһуктан, тула сибэккинэн симэнэн турар кэмэ. Саҥа тыллыбыт мутукча сыта дыргыйан, күөрэгэй чыычаах ырыатынан алаас туолан, үчүгэй да этэ. Онно Катятын өйдөөн көрбүтэ- иэдэһигэр кыра мэҥнээҕэ. Ол мэҥ кини кэрэ сэбэрэтин өссө эбии киэргэтэр курдуга.
«Дьоллоох дьоҥҥо бириэмэ көрүллүбэт», — дииллэрэ кырдьык эбит. Хайыы үйэ күн арҕаа сыҕарыйан, түһэн эрэрэ. Массыыналарын собуоттаан эмиэ иннилэрин хоту айанныы турбуттара. Ойуур иһин суола өссө да бадараанынан көрөн сытара. Халыҥ сискэ тиийэн, эргийэр, тумнар суола-ииһэ суох сиргэ уазиктара бадарааҥҥа түһэн, муоһуттан «ыйанан» хаалла. Хайа да өттүгэр эрийтэрэн туһата суох буолла. Халлаан арыый сырдыгын туһанан, көлүөһэ анныгар мас хомуйан аҕалан астылар. Күрдьэхтэрин угун тосту охсон кэбиһэн, балаһыанньалара өссө мөлтөөтө. Сүгэ да, быа да ылбатахтар. Массыыналарын араастаан «орулатан, сарылатан» көрдүлэр да, өссө эбии тимирэн иһэр курдук буолла. Иккиэн таҥастарын бадарааҥҥа ыстаран, сирэй-харах хаалан, марайдаммыттар. Бэйэ-бэйэлэрин көрсө-көрсө күл да күл буолаллар. Күн арҕаа ойуур кэтэҕэр түһэн, ойуур кэтэҕэр саһан хаалла.
— Чэ, манна хонор буоллубут. Уот оттон, чэйдиэхпит. Куттаммат инигин, Бааба Дьаагаттан? дии-дии Куоста күлэр. Уот оттон, чэй өрүннүлэр. Кыра өйүөлээхтэрин таһааран, аһаабыта буоллулар. Сааскы сиик түһэн, салгын тымныйан киирэн барда. Тула чуумпуран, тыа иһэ хараҥаран, киһи этэ тардыах курдук. Катя, бадараан буолбут таҥаһын устан, уоттан чугас талахха ыйаталлата. Ону көрөн, Куоста эмиэ ыстаанын талахха куурда уурда. Көстүөр аттыгар олорон, ону-маны кэпсэтэн, түүн буолбутун билбэккэ да хааллылар. Уокка эбии мас быраҕан биэрэ-биэрэ олордулар. Онтон эмискэ, чугас туртас хаһыытаан, Катя сүрэҕин «хайытта». Кыыс кутталыттан Куостаны кууһа түстэ.
— Ити тугуй? Эһэ дуо? диэн, дьиҥнээхтик куттанан уолга сыстан, өр иһиллии турда.
Куоста кыыс баттаҕын сытыттан туймааран, сүрэҕэ өрүтэ тэбиэлээтэ. Хам кууһан ылан кыыһы убураа да убураа буолла. Катя да уолу төттөрү аспакка, бэйэтинэн сыстан, уолга көҥүл биэрдэ. Эдэр дьон тапталын бастакы түүнүгэр от-мас, кутаа уот барыта туоһу буоллулар… Сарсыарда уһуктубуттара, күн үөһэ көтөн ырааппыт. Чыычаах ырыата ойуур иһин толорбут. Ып-ыраас салгын мүөттээх сыта өссө күүскэ дыргыйбыт. Бу сиргэ кинилэр саҕа дьоллоох ким да суоҕун кэриэтэ — дьоллоохтор. Тула барыта таптал эрэ тыына биллэр. Күн ортото ханна эрэ тыраахтар тыаһа иһилиннэ. Сотору буолаат, тыраахтардаах дьон тиийэн кэлэн, массыыналарын бадараантан хостоон биэрдилэр. Инньэ гынан киэһэ хойутуу да буоллар, пиэрмэлэригэр тиийдилэр. Борооску көрөөччү Настаа уонча сүөһүтэ истэринэн моһуоҕуран сыптарыйбыттара нэдиэлэ буолбут. Икки борооскута үрүҥүнэн көрөн баран сыталлар, төбөлөрүн өндөппөт да буолбуттар. Тугу сиэн сүһүрбүттэрин ким да билбэт. Сарсыарда, өлүү түбэлтэлээх, ити икки борооскулара иккиэн өлбүттэрэ. «Туохтан өлбүттэрин быһаарыахпыт» — диэн биригэдьиир Бааска өлүктэри булууска түһэрэн кэбистэ. Ити кэнниттэн Катяны «сопхуоска улахан хоромньуну оҥордо»- диэн үлэтиттэн устубуттара. «Катя дойдутугар, хоту барбыт үһү»- диэни Куоста истэн эрэ хаалбыта…Таптыыр кыыһын сүтэрбит аһыытыгар аһыы сылдьан күһүөрү Оляны кэргэн ылан ыал буолбута.
-Куоста! Хайа, ханна бааргыный? Оля Куостаны көрдүүр саҥата иһиллибитигэр, «дьик» гына түстэ. Таһырдьа балайда өр буолан, тоҥо быһыытыйбыт.
-Иккис остуол саҕаланна, киирдибит!
Иккис остуол саҕаланан, музыка тыаһыгар дьон үҥкүүлээн эргийэ сылдьаллар эбит. Куоста Олятын кытта эмиэ бытаан үҥкүүгэ киирэн, кыратык эргийэн ыллылар.
-Оля, мин дьиэбэр барыыһыкпын. Эн хаалан бэйэҥ сынньан. — диэбитигэр Оля сөбүлэһэн хаалла. Үҥкүү бүппүтүн кэннэ, Куоста дьиэтигэр бараары сонун көрдүү турдаҕына, ким эрэ кэлэн саннын таптайда.
-Костя, дорообо.-диэн саҥа иһиллибитигэр, эргиллэн көрбүтэ Катя илэ бэйэтинэн кэлэн турар эбит.
-Мин иккис остуолу ыыппаппын. Онон иллэҥмин. Таһырдьа тахсан, хаамса түһэбит дуо? -диэт Катя таҥныбытынан барда. Иккиэн хараҥа уулусса устунан аргыый хаамсан бара турдулар.
-Катя, мин эйигин сүтэрэн сылдьыбытым. Ханна бааргыный? Тоҕо тугу да биллэрбэккэ сүтэн хаалбыккыный? Мин күн аайы сурук суруйан ыытарым. Күн аайы эйигин эрэ саныырым.
-Костя, мин дойдубар төннүбүтүм. Эйиэхэ сурук суруйарым да, хардата суох буолааччы. Тоҕо суруйбатаххыный? диэн Катя хата бэйэтиттэн утары ыйытан, ытаан киирэн барда. Иэдэһин устунан хараҕын уута тохтоло суох субуруйан, сыҥсыйар. Куоста эмиэ уруккутун курдук Катятын сыллаан, убураан уоскута сатаата. Оннук тоҥуохтарыгар дылы ытаһа турдулар.
-Хас оҕолооххунуй? Кэргэниҥ кимий? -диэн ол быыһыгар Катя ыйытар.
-Оля диэн, почтальонканан үлэлиир. Оҕобут суох…оттон эн?
-Мин куорккка олоробун. Соҕотох уоллаахпын, кэргэним суох… Костя, эйиэхэ биири этиэхпин баҕарабын, уолбун эн ааккынан ааттаабытым. Бииргэ буолуохпут диэн куруук саныыр этим. Константин Константинович Колесов диэн — ол эн уолуҥ…
-Катя! Туох диигиний?! Мин уолум даа?! Кырдьык дуо? — соһуччута бэрдиттэн, Куоста итэҕэйбэккэ, Катя үөрбүт сирэйин-хараҕын көрөр.
-Оо! Катя, мин Катям барахсан! Мин оҕолоох эбиппин! Мин уоллаахпын! Бу дьолбун! Катя, кырдьык дуо? Өссө эт эрэ! диэн хатылыы-хатылыы тыынын ылан үөрбүт харахтара чаҕылыһан, Катятын хам кууһан ылан сыллыыр, убуруур.
-Костя, уоскуй! Мин эйигин эрэ таптыыбын. Эн биһикки оҕобут билигин куоракка устудьуоннуу сылдьар. Сарсын мин онно төннөбүн. Көр, бу хаартыскатын. Бу турар. Уҥуоҕунан эмиэ эн курдук уһун, дьүһүнүнэн эмиэ эн курдук кыраһыабай. Куоста суотабай төлөпүөҥҥэ баар хаартыскалары хараҕын уутун сотто-сотто кичэйэн көрдө. Кырдьык, Куоста эдэрин курдук эбит. Ол кэннэ уоскуйбакка өр да өр куустуһан турдулар. Сыбаайбалаахтар бырааһынньыктара бүтэн халлааҥҥа салют ытан, тула тыас-уус буола түстүлэр. Сытыы уоттар өрө уһууран көтөн тахсаат, умуллан иһэллэр.
-Катя, мин сарсын эйигин кытта куораттаһыам. Оҕобун, уолбун кытта көрсүөхпүн баҕарабын. Көҥүллүүр буоллаххына. Катя сөбүлэҥин биллэрэн, үөрэн мичик гынна уонна сарсын көрсүөх буолан араҕыстылар.
Куоста дьиэтигэр дылы хайдах тиийбитин билбэккэ да хаалла. Үөрүүтүттэн туттара-хаптара түргэтээбиккэ дылы буолбут. Онуоха эбии долгуйуутуттан сүрэҕин тыаһа тэбиэлээн, иһиллэргэ дылы. «Оляҕа туох диэн этэбин»- диэн толкуйга түһэн, өрүтэ тыынар. Оля сыбаайбаттан хайыы-үйэ бүтэн кэлэн, хоһугар оронун оҥоро сылдьар эбит.
-Оля, мин сарсын куораттыыр буоллум. Ыйытыма, туохха барарбын.
-Билэбин, барытын билэбин… диэт сыттыгар умса түһэн ытаан киирэн барда.
-Барытыгар мин буруйдаахпын, мин, мин! Мин эн олоххун, тапталгын алдьаппытым! Эйигин бэйэм эрэ таптаары барытын соруйан оҥорбутум. Эн иннигэр улахан буруйдаахпын, бырастыы гын баһаалыста… Ийэм почтаҕа үлэлиир кэмигэр киниэхэ көмөлөһө тиийэрим. Уонна эн суруктаргын ханна да ыыппакка, эйиэхэ кэлбит суруктары тиксэрбэккэ барытын ааҕар этим…
Катя бүгүн сыбаайбаҕа кэлбитин истибэтэҕим… Тамада буолбут эбит дии. Эһиги суруктаргыт барыта миэхэ бааллар. Ыскаап түгэҕиттэн салапааҥҥа сууламмыт суруктары булан, аҕалан биэрдэ. -Катя эйигин чахчы таптыыр. «Уолланным»- диэн суруйбут этэ, аахпытым уонна ону эйиэхэ эппэтэҕим…
Костя, эн уоллааххын, дьоллоох киһигин. Ол түүн Олялаах Куоста утуйбатылар. Куоста суруктары биир-биир арыйан, сыныйан ааҕа олордо. Хараҕын уутун сиэҕинэн сотто-сотто арыт сырдаан кэлэр, арыт суругун сыллаан ылар.
-Оля, туох иһин мин олохпун алдьаттыҥ? Тоҕо,туох буруйбар?
-Костя, миигин бырастыы гын… эйигин олус күүскэ таптыыбын. Ол гынан баран киниэхэ, уолгар барар буоллаххына — туппаппын. Бар…Дьоллоох эрэ буолаар…
Сарсыарда халлаан сырдыыта Куоста малын-салын хомунан, Катялыын таксига олорон, куораттаабыта. Суоппар суолу быһа таптал туһунан ырыаны холбоото.
«Таптал дьоро киэһэтэь дьоллоох буолуҥ диэбитэ…» ырыа кинилэргэ эрэ анаммыт курдуга. Дьоллоох олох уһун суола иннилэригэр тыргыллан испитэ…
Икки ийэ
(Кэпсээн)
Төгүрүк иэдэстээх ый халлаан устун аа-дьуо мөлбөйө устарын Натааһа түннүк нөҥүө одуулаан, утуйбакка сытта. Маннык ыйдаҥалаах түүннэргэ утуйар уута ыһыллан хаалааччы. Ордук урукку олоҕун, оҕотун, тапталын таҥнарбыт киһитин санаатаҕына, сүрэҕэ нүөлүйбүтүнэн барар…
Натааһа Өндөрөйдүүн оҕо саастарыттан бииргэ оонньоон улааппыттара. Ыраас таптал иэйиитин билбиттэрэ. Өндөрөй аармыйаттан сулууспалаан кэлбит дьылыгар ыал буоларга сананан, холбоспуттара. Оннук буолуохтааҕын да курдуга. Ким да онно соһуйбатаҕа. Уруу бырааһынньыгын күһүн тэлгэһэлэригэр оҥорбуттара. Натааһа дьүөгэтин Дааһыҥканы арыалдьыттыырыгар көрдөспүтэ. Ол саҕана киниттэн ордук чугас дьүөгэтэ суохха дылыта…
Ыал буолбуттара хаһыс да сыла буолла. Ол тухары оҕоломмокко, Өндөрөй санаата түһэн, кэргэниттэн тэйэ быһыытыйда. Биир сарсыарда Натааһа сүрэҕэ тоҕо эрэ өлөхсүйэн, хотуолаабытынан уһугунна. Бэҕэһээ оннук айылаах атын аһы аһаабатаҕа. Арай, Дааһыҥка ыалдьыттыы кэлбитигэр алаадьы астанан, сүөгэйгэ ымньаан сиэбиттэрэ. Онно да, туох буолуоҕай? Килиэпкэ тиксибэтэҕинэ, алаадьыланар этэ буоллаҕа. Дааһыҥка кэпсээнэ элбэх буолла, дэриэбинэ бүтэһик хобун-сибин барытын көрөн турбут киһи курдук, аһыы олорон кэпсээн ыллаҥнатта.
Натааһа хотуолуура ааспата. Күн аайы ыарыыта өссө бэргээн иһэргэ дылы. Инньэ гынан, балыыһаҕа иһин көрдөрүнэ оройуон киинигэр барда. Сарсыардааҥы оптуобуска анньыһан, нэһиилэ кыбыллан киирдэ. Балыыһаҕа тиийбитэ, дьахталлар бырааска уочараттаан ырааппыттар. Эбиэттэн киэһэ эрэ киһи тиксииһи. Онон күнэ бүтэр буолбут. Кэмниэ-кэнэҕэс, уочарата дьэ кэлэн, кэбиниэккэ киирдэ. Быраас көрөн-истэн баран: “Сотору кэминэн ийэ буолууһуккун”, — диэн эппитигэр, Натааһа өр кэтэспитин истэн, үөрүүтүттэн мэйиитэ эргийэн, хараҕа ирим-дьирим баран ылла. Атаҕа сири билбэт буола үөрэн, кэбиниэттэн таҕыста. Быраас: “Сотору кэминэн ийэ буолууһуккун”, -диэн эппитэ кулгааҕар иһиллэ турар. Ол онтон туох эрэ дьикти сылаас дьоло дуу, үөрүүтэ дуу иһигэр олохсуйбут курдук буолла. Иһин түгэҕин икки ытыһынан сэрэнэн бигээн, имэрийэр. Өндөрөйүгэр үөрүүлээх сонунун кэпсээри дьиэтигэр тиэтэйдэ. Натааһа дьиэтигэр киирбитэ-дьүөгэтэ Дааһыҥка кэлэн Өндөрөйдүүн чэйдэһэ олорор эбит. Төһө да, үөрүүтүн кэпсии охсуоҕун баҕарбытын иһин, син туттунан, кэпсээбэтэ. Дааһыҥка ону иһиттэ да, ол күн дэриэбинэ иһин толороро биллэр. Ол иһин, кини барбытын кэннэ биирдэ кэпсээтэ. Киһитэ итэҕэйбэтэхтии Натааһа сирэйин-хараҕын одуулаата. Кырдьыгы этэр дуу, эбэтэр эмиэ алҕаһы кэпсии турар дуу диэн саарбаахтаабыта хараҕар көстөн ааста. Хаһан эрэ эмиэ ыарахан буоллум диэн эппиттээҕэ да, алҕас этэ. Онон үөрбүтэ да, хомойбута да биллибэтэ.
Натааһа оҕолоно балыыһаҕа киириэхтээх күнэ чугаһаатар чугаһаан истэ. Эрдэтинэ таҥаһын-сабын кыралаан бэлэмнэммитинэн барда. Этэҥҥэ буоллаҕына диэн-оҕо таҥаһын атыылаһарга туспа харчы уурунна. Аҕыйах хонугунан талыыта киирэн, Өндөрөйдүүн оройуон киинигэр киирдилэр. Натааһа саҥа ыарытыйан эрэр буолан холку соҕус. Көннөрү кыратык ынчыктаан ылар да, ол аахсыллыбат буоллаҕа. Бастакы оҕолонуута буолан, талыыта уһун-киэҥ буолла. Талыы диэннэрэ быһыта кымаахтаан, сүрдээх ыарыы буолар эбит. Үһүс күнүгэр дьэ, оҕолонно. Ону да, ыараханнык. Оҕото төрөөт да ытаабакка, “ууга-уокка” түһэрэ сырытта. Көҕөрө өлөн кэлбит оҕоҕо быраас тыын киллэрэ сатаан, түөһүн араастаан баттыалаан көрдө. Кэтэспит санааҕа, балайда өр буолан баран биирдэ, оҕо иһиллэр-иһиллибэттик, сэниэтэ суохтук, ытаан кыыкынаата. Тыын ылбытыгар, сирэйэ тэтэрэ быһыытыйда. Онуоха “кыыстанныҥ” диэт, быраас оҕону суулаан, ханна эрэ илдьэ барда. Натааһа оҕотун үчүгэйдик көрбөккө да хаалла. Ытыырыттан иһиттэххэ, туга эрэ мөлтөхтөөх быһыылаах. “Оҕом сыыһа, өлүмэ эрэ…” диэн таҥараттан көрдөһө сытта. Үһүс күнүгэр быраас Натааһаны ыҥыран ылан кэпсэттэ. “Оҕоҥ ыйааһына улахан буолан төбөтүгэр эчэйиилээх төрөөбүт. Билигин анал балаатаҕа сытар. Хаанын анаалыһа күн аайы мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр, кыраадыһа түспэт. Онон тугу да эрэннэрбэппит. Үс күнү тулуйуон наада. Тыыннаах хааллаҕына, сааһын тухары инбэлиит буолуо. Онон эрдэтинэ аккаастаныаххын сөп”, -диэбитигэр, быраас саҥата ырааттар-ыраатан барда. Оҕолоноругар хаана элбэх баран, бэйэтэ да нэһиилэ сылдьара. Онон хараҕа хараҥаран, мэйиитэ эргийэн, байааттаҥнаан ылла. Мөлтөх оҕо төрөөбүтүн биллэр да, үс күн диэн болдьохтообуттара эчи, кытаанаҕын! Тустаах дьоҥҥо ыараханын!
Натааһа дьиэтигэр оҕото суох таҕыста. Төһө да, хас да күн аастар, оҕо мөлтөҕүн курдук мөлтөх. Быраастартан ыйыттахха, туох да эбиллии суох дииллэр. Онон Өндөрөйдөөх Натааһа ыар санааҕа ылларан сырыттылар. “Оҕоҕут өлөрө буолуо. Туруга мөлтөх. Үлэтин, сытар сирин толкуйдуу сылдьыҥ”, — диэн аһаҕастык эппиттэрэ. Натааһа күнү быһа ытаан эрэ тахсар. Сэниэтэ суох бэйэтэ аһаабакка, утуйбакка өссө иэдэйдэ. Санаата барыта-оҕотугар. Билэр-билбэт таҥараларыттан барыларыттан ааттаһан көрдөһөр. “Оҕобун саатар тыыннааҕар көрбөккө хааллым”, — диэн айманар. Ый курдук буолан баран оҕону бөртөлүөтүнэн куораттаттылар. Натааһаны балыыһаҕа ылбатылар. Онон, тастан сылдьан, күн аайы оҕо балыыһатын аанын манаан, бырааһын кытта билсэ-көрсө сатыыр. Ол тухары тупсуу суох диэн этэллэрин уларыппаттар.
Икки ый ааспытын кэннэ оҕону балыыһаттан дьэ, таһаарар буоллулар. Сордоон-муҥнаан, син бэттэхтэстэ диэн, “тэллэх” саҕа халыҥ кумааҕыны толорон биэрдилэр. Киһи тугу да иилэн ылбат гына элбэх ыарыыны суруйбуттар. Бу быыкаайык саҥа төрөөбүт барахсаҥҥа! Натааһа кып-кыра оҕотун бастакытын түөһүгэр сыһыары тутан көтөхтө. Аны былдьаан ылыахтара диэбиттии, бырааһын диэки эрэммэтэхтии көрдө. Оо, бу үчүгэйин, бу минньигэһин! Сылааһын, сымнаҕаһын, түөһүн иһэ толору дьолунан туолла. Суутун арыйан көрбүтэ, кып-кыракый киһи аһаары ытаан бэбээрдэ. Аччыктаабыт быһыылаах, аһатыан аны, эмиийин үүтэ уолбута ыраатта. Бачча кыра киһи ынах үүтүн иһэрэ эрдэ. Онон биир эмэ эмиийдиир ийэни кэпсэтэн көрбүт киһи диэн санаа охсуллан ааста. Дьиэлэригэр кэлбит түүннэригэр оҕо барахсан бороһуок үүтү сирэн, иэрийэн туран ытаата. Саахардаах ууну аҕыйаҕы ыймахтаат, суоскатын тыбыыран иһэр. Инньэ гынан аны туспа түбүккэ түстүлэр. Биир үтүө күн диэххэ дуу, дьүөгэтэ Дааһыҥка тиийэн кэллэ. Куоракка олорон баран, дойдутугар төттөрү көһөн кэлбит эбит. Саҥа төрөөбүт оҕону көрөөт: “Мин кыыһым эмиэ маннык курдук буолуо…” — дии-дии илиитигэр ылан көтөхтө. “Дааһыҥка, ол хаһан оҕолоно охсубуккунуй?” -диэн оҕо үүтүн бэлэмнии сылдьан, Натааһа ыйыппытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. “Ый курдук буолла”, — Дааһыҥка уйадыйан, хараҕа ууланна. Арыыйда уоскуйан баран, хаһан да, кимиэхэ да кэпсиэ суох буолбут кистэлэҥин кэпсээтэ. Соторутааҕыта кыыс оҕоломмута, табыллыбатах. Оҕото төрүөҕүттэн уоһугар, таҥалайыгар улахан итэҕэстээх төрөөбүт. Киһитэ ону истэн: “Чиччик оҕону хааллар!” — диэбитигэр, төрүүр дьиэҕэ быраҕан тахсыбыт. Кимтэн да оҕоломмутун эппэтэ. Көннөрү, биир киһи баар этэ диэн кэпсэтиини түмүктээн кэбистэ. Натааһа кыыһын аһатаары суоскалаах үүтү туппутунан кэлбитигэр, Дааһыҥка түөһүн арыйан, оҕону эмтэрбитинэн барда. Оҕо барахсан ыанньыйбыт эмиий тумугун булан, эмэн чомурҕатта. Уонна тотон, дуоһуйан, утуйан хаалла. Натааһа бу олорон санаатаҕына, Дааһыҥка кини оҕотун бу курдук аһата сылдьыан сөп эбит. Күн аайы биирдэ кэлэн аһаттаҕына, эбэтэр үүтүн иһиккэ ыан аҕаллаҕына да, абырыах эбит. Биллэн турар, кыра төлөбүргэ. Ити курдук сөҥнөһөн, кэпсэттилэр. Дааһыҥка оҕону сааһа туолуор диэри эмтэрдэ. Улам оҕоҕо ылларан барда. “Үһүөммүт оҕото буоллун!” — диир. Ардыгар Натааһа киниэхэ күнүүлүөх курдук гынар. Кыыһа ордук Дааһыҥка кэллэҕинэ үөрэр. Оҕоҕо эмиий үүтэ ордук туһалааҕын өйдүүр буолан, кыһаллыбатаҕа буола сатыыр. Оҕолорун Айыы оҕото диэннэр сахалыы Айыына диэн ааттаабыттара. Айыына күн аайы эбиллэн, улаатан истэ. Киһини “албыннаан” үөрэн ымайар, кып-кыракый илиилэринэн даллаҥнаан, көтөх көрдүүр. Ол аайы ийэтэ үөрүүнү кытта соло булбакка көтөҕөр, оҕотун таптаан ымманыйар. Оннук күнү быһа көтөхсөн, илиигэ үөрэттэ. Кыратык да ытаары гыннаҕына ылан иһэр. Биирдэ Натааһа маҕаһыыҥҥа баран кэлээри, оҕотун дьүөгэтигэр хаалларан барда. Наһаа өр буолбакка, оҕом утуйдаҕа буолуо диэн, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, тыаһа суох дьиэҕэ киирэн кэлбитигэр, Өндөрөйдөөх Дааһыҥка тугу эрэ отур-ботур кэпсэтэллэрэ, быһыта-орута иһилиннэ. “Хаарыан оҕобут ханна баара буолла? Эн сөбүлээбэккэ хааллартарбытыҥ…” — диэн Дааһыҥка оҕону эмиийдии олорон сыҥсыйар. Онуоха: “Оҕолонуо суох этиҥ буоллаҕа. Акаары дьахтар, аны Натааһаҕа биллэрэн кэбиһээйэҕин!” — эр киһи бардьыгыныыра иһилиннэ. Натааһа өйүгэр да оҕустарбатаҕын истэн, олус соһуйда. Ол аата-биир баар суох күндү дьүөгэтэ кини кэргэниттэн оҕоломмут эбит! Ити кистэлэҥнэрэ аһыллыбытын кэннэ, Натааһа Өндөрөйүттэн арахсыбыта. Инбэлиит оҕотун көтөхпүтүнэн соҕотох хаалбыта.
Айыына үһүн туолла да, бэйэтэ сатаан хаампат. Уҥа илиитэ, атаҕа хамсаппат гына такыччы тарда сылдьаллар. Ол иһин, оҕотун көрүүтэ суох соҕотохтуу хаһан да хаалларбат. Соторутааҕыта Натааһа нэһилиэк остолобуойугар иһит сууйааччынан үлэҕэ киирбитэ. Хамнаһа кыра соҕус да буоллар, ол да үлэ баҕалаах. Үлэтигэр оҕотун сүгэн-көтөҕөн илдьэ барар. Хотуна аһынара бэрт буолан, көҥүллүүр. Хас өрөбүл аайы сыбаайбалар буолаллар. Онон сынньалаҥа суох, күн аайы үлэ. Натааһа сороҕор кыра харчыга урууларга ыллыыр. Айылҕаттан бэриллибит күүстээх куоластаах. Үлэлии бардаҕына, баҕар ыллатыахтара диэн, мааны таҥаһын суулаан, суумкаҕа укта сылдьар. Ордук сөбүлээн: “Дьоллоох буолуҥ, дьоһун мааны ыал буолуҥ!” -диэн ырыаны ыллааччы. Киниттэн ордук үчүгэйдик бу ырыаны ким да ыллаабат. Айыына эмиэ ити ырыаны истэрин олус сөбүлүүр. Ийэтин куолаһын эндэппэккэ билэр. Уонна ытыһын таһына-таһына, биир сиргэ олороохтуур.
Биирдэ остолобуойга оройуон тойонун уола сыбаайбалыыр диэн үлэһиттэр эрдэттэн бэлэмнэннилэр. Ас арааһын, минньигэһин астаан, сааланы киэргэтэн түбүгүрдүлэр. Натааһа оҕотун остолобуойга илдьэ кэлэрин хотуна бу сырыыга көҥүллээбэтэ. Онон аһын астаан, Айыынатын дьиэтигэр хаалларар буолла. Сыбаайба түүн хойукка диэри буолла. Элбэх иһит-хомуос туттуллан, сууйулунна. Натааһа сыбаайба бүттэҕинэ эрэ дьиэлиэхтээх. Санаатыгар ыксыыр да, барар кыаҕа суох. Дьиэтигэр туох эрэ иэдээн буолбутун сүрэҕинэн сэрэйэр курдук. Айыынам уотунан оонньообото ини диэн уйулҕата ыһыллан, сүгүн үлэлээбэтэ. Санаата барыта оҕотугар. Түүн ортото дьиэтигэр сүр ыксалынан тиийдэ. Ааны арыйа баттаан киирбитэ-кыыһа муостаҕа умса түһэн сытар. Туох буолбута биллибэт. “Айыына! Айыына, хайдах буоллуҥ?” -дии-дии өндөтөн көрдө. Оҕото былаат курдук нукаай. Ыксаан сүрэҕин иһиллээн көрбүтэ, биллэр-биллибэттик тэбиэлиир… Ханна да барыан-кэлиэн билбэккэ, уолуйан хаалла. Онтон дьэ, өй булан: “Бырааска, бырааска барыахха”, — диэн бэйэтэ-бэйэтигэр баллыгыраа да, баллыгыраа буолла. Оҕотун таҥыннарбыта буолаат, таһырдьаны былдьаста. Кыыһын көтөхпүтүнэн быраас дьиэтин аанын тоҥсуйан дибдийдэ. Син өр тоҥсуйбутун кэннэ, аан аһылынна. Уута аймаммыт быраас кыыһыра тоһуйда. Ол да буоллар, оҕону көрөөт, кубарыйан хаалла. Ону-маны ыйыталаһаат, бокуойа суох төлөпүөнүгэр түстэ. Оройуонтан суһаллык көмө көрдөөтө. Түүн ортото суһал көмө массыыната кэлэн, оҕону илдьэ барда. Натааһаны ыла да сатаабатылар. “Мэһэй буолума!” диэн күргүйдээн кэбистилэр. Натааһа ытыы-ытыы тоҥ хаһаа дьиэтигэр төннөн кэллэ. Барыта куһаҕан түүл-бит курдук. Туохтан Айыыната ыалдьыбытын быһаарбата, арааһы бары санаата. Арааһа, оҕото кинини кэтэһэ сатаан баран, тэһийбэтэх. Онтон сылыктаатахха, муостаҕа сыыла сылдьыбыт курдук. Ол сылдьан, орон анныттан куоската хаһан эрэ сиэбэтэх балыгын кэнсиэрбэтин булан, сиэбит. Ол кэнсиэрбэ аһыллыбыта ыраатан, күүгэнинэн алла сылдьар буолуор диэри, сытыйбыт. Быраҕыах буола сылдьыбыта да, умнуллан хаалан иэдээни оҥорбут. “Оо, оҕом барахсаны да-а…” дии-дии Натааһа бэйэтин буруйдаата. Сарсыарда ким эрэ ааны тоҥсуйар тыаһыттан уһуктан кэллэ. Аан олуурун арыйбытыгар, бырааһа кэлэн турар эбит. Киирээт, дьиэни-уоту сиргэммиттии эргиччи көрдө. Туох буолбутун сураста. Онтон буорту буолбут балык кэнсиэрбэтин булан сиэбит эбит диэн быһаарда. Уонна: “Айыына туруга мөлтөх. Буруйга тардыллыаххын сөп.” -диэн тимир-тамыр курдук туттан, тахсан барда.
Айыына барахсан быраастар кэтэбиллэригэр өйө суох хас да күн сытта. Натааһа оҕотугар киирээри быраастартан көрдөһө сатаан, элэ-была тылын барытын эттэ. Онуоха: “Көҥүллэммэт. Кими да киллэрбэппит!” — диэн чугаһаппатылар. Саатар, билэр бырааһа да суох. Ол олорон, балыыһа көрүдүөрүн сууйа сылдьар дьахтарга хараҕа хатана түстэ. Хайдах эрэ билиэх курдук. Аттынан ааһан истэҕинэ көрбүтэ, Дааһыҥка эбит! Натааһа үөрүүтүттэн, дьүөгэтин батыһа сылдьан, көрдөһөр аакка барда. “Оҕом, Айыынам, манна ыарахан туруктаах сытар. Көмөлөс, күн-ый буол”, -абыраатаҕына кини эрэ абырыа диэбиттии, көрдөһөн барда. Дааһыҥка аһыммыта биллибэтэ, иэдэс биэрэн, кэпсэппэккэ ааһа турда. Ый кэриҥэ курдук кэмҥэ Айыына өлөр-тиллэр икки ардыгар балыыһаҕа сытта. Ол тухары оҕотугар биирдэ да киллэрбэтилэр. Биирдэ алҕас эмтиир бырааһын кытта кэпсэппитигэр: “Айыынаҕа күн аайы ийэтэ кэлэр, ас таһар”, –диэбитигэр, мах бэрдэрэн, саҥата суох хаалла. Кими эппитэ буолла диэн, таайа сатаата. Онуоха эбии оройуон суутугар тоҕо эрэ ыҥырылынна. Сарсын аны онно барыахтаах.
Киһи киириэҕин дьулайар, элбэх түннүктэрдээх суут дьиэтигэр Натааһа куттана-куттана, болдьоммут кэмигэр тиийдэ. Уһун көрүдүөргэ син балайда өр кэтэспитин кэннэ, ыҥырдылар. Саалаҕа киирбитэ, аҕыйах киһи кинини тонолуппакка одуулаан, үөрэппиттии, батыһа көрөн олордулар. Билэр дьонуттан нэһилиэгин бырааһа эрэ баар. Суут сэтээтэлэ кудуххай соҕустук дьыаланы билиһиннэрдэ. Быһаччы быһаардахха: Егорова Наталья Борисовна үс саастаах оҕотун кыайан үчүгэйдик иитэр кыаҕа суоҕунан ийэ быраабын быһарга, Айыына Егорованы оҕо дьиэтигэр биэрэргэ диэн бириигэбэри аахпыттара, күннээххэ этиҥ эппитин курдук иһилиннэ. Оҕону тыыннаах ийэттэн былдьаан ылаллара түргэн да буолар эбит! Иитиһэр аҕата суох, ийэтэ инбэлиит оҕотунан дьарыктаммат диэн быһаарбыттар. Түҥ-таҥ үктэнэн, итини эрэ истиэм диэбэтэҕин истэн, суут дьиэтиттэн итирбит киһи курдук байааттаҥнаан таҕыста…
Ити кэнниттэн Натааһа күнэ-түүн, түүнэ-күнүс буолан, олорбут олоҕо барыта түөрэ ыһыллан хаалбыта. Туохха да кыһаммат, ээл-дээл, күлүк курдук сылдьыбыта. Уонна тоҕо эрэ бу сатамматах олоҕор куоскатын буруйдаан, күтүрүү көрөр буолбута. Биирдэ үлэтиттэн кэлбитэ, куоската сүтэрбит оҕотун оннугар, хантан эрэ ыт оҕотун булан аҕалан, кууспутунан утуйа сытара. Хараҕа аһылла илик ыт оҕото ийэтин эмиийин көрдөөн ыйылыыра. Оо, ону көрөн олус да уйадыйбыта, куоскатын наһаа да аһыммыта. Оннооҕор куоска өстөөҕүн оҕотугар ийэтин солбуйбут. “Соҕотох оҕотун ыт туппутун умна охсон, бырастыы гыннаҕа дуу?” — диэн Натааһа олус сөхпүтэ. Уонна куоскатыгар муннукка сытар сирин оҥорон, бадьыыстаспытынан барбыта. Ыт оҕото сыыйа улаатан, сүүрэрэ-көтөрө элбээбитэ. Оҕо диэн-оҕо, ийэ диэн-ийэ. Кыылга даҕаны, киһиэхэ курдук күүстээх нарын турук баар буолар эбит.
Кэлин Натааһа арыыйда уоскуйан баран, куоракка киирбитэ. Оҕо дьиэлэрин кэрийэн, оҕотун сураһар идэлэммитэ. Арай биир сиргэ онно үлэлиир ньээҥкэни көрсүбүтүгэр: “Егорова Айыынаны саҥа төрөппүттэрэ кэлэн ылбыттара.” –диэн аахайбатахтыы хардарбыта. Натааһа оҕотун букатыннаахтыы сүтэрбитин истэн, харахтара ууланан барбыттара. Аан хайаҕаһынан ону көрөн турбут кыра кыыс сүүрэн кэлэн: “Ийээ, ийээ, мин бу баарбын дии”, -дии-дии кылап-халап көрбүтэ. Натааһа оҕотун санаан, уйадыйан, кыыһы кууһан ылбыта. Өйдөөн көрбүтэ, барахсан, үөһэ уоһун хайаҕаһынан тиистэрэ килэйэн көстө сылдьаллара, хаҥсыа саҥалаах оҕо эбит. “Ии, оҕом сыыһа, аһыныгас ээ. Чэ, чэ, бар Зая, хоскор бар” — диэн ньээҥкэ оҕону үүрэ сатаабыта. Кыыс Натааһа түөһүгэр хам сыстан, ньилбэгэр көтөхтөрөн олорбута. “Ийэм миигин ыла кэлбит! Мин ийэбин кытта барсабын”, — дии-дии кууспутугар, хайа киһи сүрэҕэ ууллубат буолуоҕай?
-Зая эрэйдээҕи төрүөҕүттэн итэҕэстээҕин иһин ийэтэ төрүүр дьиэҕэ хаалларан барбыт. Ким маннык оҕону ылыаҕай? Көрүүй бу, уоһун, тииһин. Сүүһүн ортотугар аны бу улахан баҕайы мэҥнээх. Бу — таҥара бэлиэтэ”, -диэн унаарытан баран, ньээҥкэ кириэс охсунан сапсыммыта.
Сүүрбэ сыл ааста… Эттэххэ дөбөҥ, сүүрбэ сыл диэн. Натааһа оҕотун онтон-мантан ыйыталаһан, булбатаҕа. Кимнээх кини инбэлиит оҕотун оччо дөбөҥнүк кэлэн ылбыттарын эппэтэхтэрэ, улахан кистэлэҥ диэбиттэрэ. Ол тухары ийэ киһи барахсан хас сарсыарда аайы оҕотун санаабытынан уһуктар. “Оҕом сыыһа, үчүгэй ыалга эрэ түбэспит буоллун. Баҕар ыарыытын эмтэтиэхтэрэ. Мин син-биир кыайан эмтэппэт буоллаҕым”, — диэн бэйэтин уоскутунар.
Кини бу ааспыт олоҕуттан аралдьыта, санаатын көтөҕө сылдьар иитэ ылбыт кыыс оҕолоох. Ол — Зая. Зая барахсан Натааһаны ийэ оҥостон сылдьар. Кини баар буолан Натааһа олоххо тардыһыыта улаатан, дьон тэҥинэн ыал буолан олорор. Кыыһа улаатыытыгар соҕуруу куоракка баран уоһун, таҥалайын итэҕэһин оҥорторон кэлбиттэрэ. Билигин ол бааһын кичэйэн көрдөххө эрэ билиэххэ сөп.
Бүгүн остолобуойга эмиэ улахан сыбаайба. Баҕар ыллатыахтара диэн Натааһа саҥа атыыласпыт былааччыйатын суумкатыгар уктан барда. Хайыы үйэ ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэн, тыл этэн, ырыа ыллаан ырааппыттар. Натааһа хойутаан кэлэн, саҥа үлэлээн эрдэҕинэ: “Биир ырыаны эйигиттэн көрдөһөллөр”, — диэн бииргэ үлэлиир дьахтара сибис гынан ааста. Натааһа үөрүйэх соҕустук туттан, саҥа таҥаһын кэтээт, бырааһынньыктыы олорор дьоҥҥо таҕыста. Дьону билбэт буолан, сыбаайбалыыр оҕолору да, төрөппүттэри да көрө сатааччыта суох. Ол үгэһинэн, дьону одууласпакка, ыал буолан эрэр эдэрдэри эҕэрдэлээт, уруккуттан ыллыыр ырыатын толорбутунан барда. Ыллаан ортолоон эрдэҕинэ, сыбаайбалыы олорор кыыс долгуйбут куолаһынан: “Ийээ, ийээ! Бу мин, Айыынабын…” — диэбитинэн, туран кэллэ. Уонна доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу ийэтигэр Натааһаҕа утары хаамта. Киһини дөйүтэр тыас-уус тохтуу биэрдэ. Ыҥырыылаах ыалдьыттар туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө да хааллылар. Натааһа кыыһын көрөөт да, долгуйан, сүрэҕэ тохтуу сыста. Айыына куолаһа титирэстээн: “Ийээ, мин эйигин ырыаҕыттан биллим. Бу ырыа кулгаахпар куруутун иһиллэр…” Уонна ытыырын кыатаммакка, ийэтин кууһан туран сыллаа да сыллаа буолла. Ону көрөн олорбут кыыс төрөппүттэрэ Өндөрөйдөөх Дааһыҥка тиийэн кэллилэр. Хаһан эрэ кинилэр Айыынаны оҕо гына ылбыттар эбит уонна куоракка олохсуйбуттар. Бу соһуччу көрсүһүүттэн аймана турдахтарына, аны Зая кэлэн кыттыста.
- Ийээ, туох буоллугут? Бу кимий? Тоҕо ытыырый?
Натааһа үөрүүтүттэн тугу да кыайан хардарбата. Сүтэрбитин булан, хараҕын кыыһыттан араарбат. Хайдах эрэ тулата барыта түүл курдук, итэҕэйбэт. Ол дьоллоох түгэни Дааһыҥка умайыктанан, ыһан кэбистэ: “Натааһа, оҕобун ыыт, бу мин оҕом, кыратыттан мин эмиийдээбитим”, — дии-дии тардыаласта. Өндөрөй кэлэн ороосто. Онтон аны, Дааһыҥка Зая сирэйин-хараҕын одууласта. Төрөппүт кыыһын билэн айманна.
-Өндөрөй, бу турар кыыс биһиги оҕобут! Оҕобун көрөөт да биллим. Сүүһүгэр бу курдук улахан мэҥнээх этэ. Натааһа, эт эрэ, бу оҕо — эн оҕоҥ буолбатах диэн!
Сыбаайба дьоно ол сыананы көрө олорон, бары ах баран хааллылар. Тамада уһун-киэҥ айдаан буолаары гыммытын сэрэйэн, улахан тыастаах ырыаны холбоон кэбистэ. Дьон “һуу-һаа” буолан, сэргэхсийэ түстэ.
Сыбаайбалааччылар уонна Натааһа Заятын кытта түгэх хоско быһаарса диэн бардылар. Өндөрөй Дааһыҥкалыын кэннилэриттэн батыстылар. Кыараҕас хоско киирэн бары саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн, уолуйбут дьон курдук, тылларыттан матан олордулар. Бастаан Өндөрөй эр киһи быһыытынан, урукку олохторугар туох буолбутун оҕолорго сиһилии быһаара сатаата. Дааһыҥка улахан буруйун иһин, кыыһын иннигэр сөһүргэстээн туран, бырастыы гынарыгар көрдөстө-ааттаста. Зая кинини истиэн да баҕарбата. “Мин ийэм-кини”, — диэн Натааһаны илиититтэн имэрийэ олордо. Айыына эмиэ ийэтин диэки буолла. Иккиэн Натааһаны икки өттүттэн кууһан олордулар. Онтон арай Айыына: “Дария, мин эйиэхэ махтанабын. Ийэм курдук эмиий үүтүнэн эмсэхтэтэн, кырабыттан бүөбэйдээбиккэр. Эһиги буруйгут буолбатах. Зая биһикки иккиэн иккилии ийэлээх, дьоллоох оҕолор эбиппит!” Ити тыл кэнниттэн бары уоскуйан, өйдөспүт курдук буоллулар. Уруу бырааһынньыга салгыы ыытыллан, “Дьоллоох буолуҥ!” — диэн Натааһа ырыатынан доҕуһуолланан, уруйданан-айхалланан барда.
Хомойбута бэрдиттэн
(Кэпсээн)
Уоттаах сэрии буолуон сыл эрэ иннинэ, биир киин оройуон кыра колхуоһун ыһыаҕа буолбута. Онно аттынааҕы нэһилиэктэн кытта кэлитэлээбиттэрэ. Сайылык дьоно сэргэхсийэн, билэр дьоннорун, аймахтарын кытта көрсүһэн, үөрбүттэрэ. Ньукулай убайын ааҕы кытта ыһыахха тиийбитэ, дьон хайыы үйэ оһуохайдаан ырааппыт этэ. Кинилэр колхуостарын дьоно тиийдэ тиийээт, оһуохайга киирбитинэн барбыттара. Оттон Бүөтүрдээх күлүк сири булан, күөх окко олорунан кэбистилэр. Маайа түһүлгэҕэ олорон аһыырга анаан аҕалбыт ыһык алаадьытын, этин таһааран тэлгээтэ. Аалыҥнас дьон быыһыттан эмискэ, чугас нэһилиэктэн сылдьар Догдооноп Баһылай тиийэн кэлэн, аттыларыгар олорунан кэбистэ. Билэр киһилэрин көрсөн, олоҕу-дьаһаҕы ыйыталаһан, ону-маны кэпсэтэн, аһаан киирэн бардылар. Баһылай элбэх саҥатын быыһыгар Ньукулайы хаадьылаата. Ол саҕана уол уон тоҕуһун саҥа туолбут эдэр киһи. Кини хатыҥыр, орто уҥуохтаах, сырдык харахтаах, майгытынан сытыары сымнаҕас, сүрдээх сэмэй этэ.
— Бачча эдэр уол хайдах баччааҥҥа диэри сулумах сылдьаҕын? Оһуохайдыы сылдьар кыргыттары көр ээ, оо, абаккам! Эдэрим эбитэ буоллар, биир эмэ кыыһы булуом этэ доҕор!- дии-дии күллэ. Онуоха Бүөтүрэ тэптэрэн биэрдэ.
-Хата, биир эмэ ойох буолуон сөптөөх кыыста булан биэр эрэ. Бу уол бэйэтэ өтөрүнэн булунуо суох быһыылаах.
Ньукулай төгүрүк маҥан сирэйэ кытаран хаалла уонна киччэччи кырыллыбыт баттаҕын имэринэн, мүчүҥнүү олордо. Ону көрөн, Баһылай мааһа табыллан, улам кимэн истэ.
-Миэхэ бэйэбэр икки сулумах эгил-тэгил саастаах кыргыттардаахпын. Ханна да барбаттар-кэлбэттэр. Саатар бу ыһыахха кэлбэт кыргыттар буоллаҕа. Бүөтүр, эн биһи ийэҕит истэн олордоҕуна, илии тутуһан кэбиһиэххэ эрэ. Аны күһүн сир тоҥуута биһиэхэ кэлээриҥ. Онуоха диэри кыыһы кытта кэпсэтэн, бэлэмниэхпит. Сыа сиэхпит этэ буоллаҕа.
Оонньуу-көр икки ардынан, дьээбэлэспитэ буолан кэпсэтэн, бэрт дэбигистик илии тутуһан кэбистилэр. Сотору окко киирии саҕаламмыта, ити кэпсэтии умнулла да быһыытыйбыта.
Сайыҥҥы былдьаһыктаах ыгым кэмнэр түмүктэнэн, от үлэтэ бүппүтэ. Күргүөмнээх үлэлэрин күүрээнигэр күн-дьыл түргэнник устан ааспытын билбэккэ да хаалбыттара. Хонук хоннох аайы халлаан улам тымныйан киирэн барбыта. Кыстык хаар түһэн, Догдооноп Баһылайдаахха барардыы тэриммиттэрэ. Ньукулай бастаан утаа буолумматаҕа. Хайдах эрэ, харахтаан да көрбөтөх кыыһын кэргэн ылыан баҕарбат этэ. Ол санаатын быктаран көрбүтүн, убайа Бүөтүр: “Саатар баран кыыһы көрүөхпүт. Илии тутуһан баран, эргийэн кэбиһиэхпит дуо? ”- диэн кыыһырбытыгар, барсар буолан хаалбыта.
Айанныыр күннэригэр былытыран, хаар түһэн намылыйда. Алтынньы ортото диэтэххэ-ичигэс күн турда. Уруккуттан билэр суолларынан халыҥ систэри быһан, үрдүк сыырдары үөһэ-таҥнары сыыйан, тус илин түһэ турдулар. Ол күн киэһэлик айаннаан тиийдилэр. Баһылайдаах балаҕаннара алаас хонноҕор турар. Ыалдьыттар уһун айантан сылайан, сыарҕаттан ыарахан соҕустук оронон турдулар. Бүөтүрдээх дьиэҕэ киирэн кэллилэр. Дьиэлээхтэр бааллар эбит. Баһылай дьонун билэн, үөрэ көрүстэ. Ыалдьыттары кытта илии тутуһан дорооболосто. Ону-маны кэпсэппэхтээн баран дьиэлээхтэр остуол тардан түбүгүрбүтүнэн бардылар: “Били сайыҥҥы кэпсэтиибитинэн, аат ааттаан, кийиит көһөрө кэллибит”, — диэт, Бүөтүр аҕалбыт кэһиитин биир иһит үрүҥү ойутан таһаарда. “Кыргыттар хотоҥҥо сылдьаллар, сотору киириэхтэрэ”, — дии-дии дьиэлээх дьахтар туох астааҕынан, ас астаабытынан барда. Сотору кэминэн, остуол тардыллан бүппүтүн кэннэ, таһырдьаттан икки кыыс киирэн кэллилэр. Иккиэн үөрбүт-көппүт көрүҥнээхтэр. Күтүөт кэллэ диэн арааһа, истэ охсубуттар быһыылаах. Таҥастарын-саптарын уларыттан, иккиэн саҥата суох кэлэн кэккэлэһэ, күтүөт уолу утары, олорунан кэбистилэр. Бүөтүрдээх Баһылай лаппа холуочуйан, айахтара аһыллан, кэпсэтэр ыырдара ырааҕынан халыйда. “Уоллаах кыыһы бу түүн холбуохха, кыыс сөбүлэһэр”, — дэстилэр. Ол тухары икки кыыстан хайалара эргэ барарын Ньукулай билбэккэ да олордо. Кыргыттартан биирдэстэрэ олус ис киирбэх, нарын-намчы кыыс эбит. Уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, киһи эрэ таптыах курдук. Уол сотору-сотору кыыс диэки кылап-халап көрөн ылар. “Бу кыыс буолара буоллар”,- диэн иһигэр баҕара олордо. Кыыһы көрөөт сүрэхтиин ууллан, ылларда. Иккиһэ-этиргэн соҕус, модьу-таҕа көрүҥнээх кыыс. Ону ааһан кыратык бөкчөгөр соҕус эбит. Аһаан-сиэн, кэпсэтэн бүтэн, түүн үөһэ утуйуу буолбутугар, уоллаах кыыска быыс кэтэҕэр холбуу орон оҥорон биэрдилэр. Дьиэлээхтэр оронноругар сытан утуйан хааллылар. Уол быыс кэннигэр киирэн, оҥостон сытта. Хайдах эрэ, били сөбүлүү көрбүт кыыһа быыһы арыйан, киириэхтээх диэн саныыр. Сотору-сотору өрүтэ тыынан, сүрэҕэ мөҕүл гынар. Кыыһы кэтэһэриттэн, оронугар эргичиҥнээн, долгуйан ылар. Хаһан да кыыска чугаһаабатах киһи тириттэ-хорутта. Ыйдаҥалаах түүн буолан, балаҕан кыра түннүгүнэн ый уота сыыйыллан, ойуулаах сиидэс быыска түһэр. Балайда өр кэтэһэн сыппытын кэннэ, биир кыыс атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, быыһы арыйан киирэн кэллэ. Ньукулай кыыс киирбитигэр көрө түспүтэ, били бөкчөгөр кыыс эбит. Тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла. Кыыс чочумча ороҥҥо олорбохтоото, онтон оргууй аҕай тас таҥаһын устан барда. Ый уота кыыс уһун суһуоҕар түһэр. Баттаҕын санныгар ыста. Кини эмиэ долгуйан, субу-субу өрүтэ тыыммахтыыр. Онтон, синим биир диэбиттии, аргыый аҕай суорҕаны сэгэтэн, ороҥҥо сытынан кэбистэ. Ньукулай сөбүлээбэт кыыһа киирбитин көрөн, олус хомойдо. Санаата түһэн, улаҕа диэки хайыһан, бүүтүйэлэнэн хаалла. Ол кэннэ түүнү быһа эргиллибэккэ, биир саҥаны быктарбакка сытаахтаата. Маайа киһитэ кинини сөбүлээбэтэҕин сэрэйэн, киниэхэ эмиэ көхсүнэн буолла. Кыыс хомойон чараас санна ибигирээн, сыҥсыйан киирэн барда.
Сарсыҥҥы күнүгэр дьонноро үөрэн-көтөн: “Дьоммут хоонньостулар. Үчүгэй буоллубут”,- диэн күө-дьаа буолан чэйдээтилэр. Аймахтыы буолбуттарын өссө төгүл “сууйдулар”. “Эдэрдэр” үөрбүт-көппүт көрүҥнэрэ көстүбэт. Маайа түүнү быһа ытаан кытарбыт хараҕын дьонуттан кистии туттан, таҥаһын-сабын хомунна. “Дойдутуттан араҕан баран эрэриттэн хомойон ытаахтыыр”, -диэн дьоно улахаҥҥа уурбатылар. Сарсыарда хомуллан, кыыһы сүгүннэрэн, Бүөтүрдээх дойдуларын диэки айанната турдулар.
Ньукулай аймахтара кийиити алаадьылаан, үөрэн-көтөн көрүстүлэр. Маайа төһө да көстөр дьүһүнэ мөкү соҕуһун иһин тыллаах-өстөөх, үлэһит бэрдэ, сүрэхтээх кыыс эбит. Хотоҥҥо сүөһү көрсөр, ынах ыаһар. Кийиити саҥа аймахтара бары олус сөбүлээбиттэр. Арай Ньукулай эрэ ырааҕынан сылдьар. Маайа манна кэлэн арыыйда чугастык билсибит кыыһыгар: “Киһим миигин абааһы көрөр, таптаабат. Кэргэннии курдукпут да, чугаһаабат. Баччааҥҥа диэри кыыспынан сылдьабын. Кэтэһэ сатаан көрдүм да, биирдэ да чугаһаабата. Хайдах гынабын, сүбэлээ эрэ”, — диэн ытамньыйа олорон үҥсэргиир. “Оо, Маайаа, сүрүкэтин ньии! Ол аата хайдах буоларый? Бу кыбыстыытын көр! Сөбүлээбэт эрээри тоҕо ойох ылбытай?” — диэн дьүөгэтэ кыыс соһуйан, саҥа аллайар. Ол курдук ый аҥаара эрэйдэнэн баран: “Чэ, мин дойдубар, дьоммор бара сылдьыыһыбын”,- диэн, Маайа олоҕор табыллыбакка, дойдутугар төттөрү барбыта. Ол онтон ыла төннүбэтэҕэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар, Ньукулай убайын Бүөтүрү кытта бииргэ бастакы хомуурга түбэспиттэрэ. Кинилэр колхуостарыттан өссө хас да киһи сэриигэ барар бэбиэскэни туппуттар этэ. Сэриигэ барааччылары барыларын олохтоохтор улахан айан суолугар дылы ытаһан-соҥоһон атаарбыттара. Ньукулай сэрии бастакы сылыгар Москуба куорат анныгар сэриигэ атаакаҕа киирэн иһэн, хаҥас илиитин тосту ыттарбыта. Уһуннук эмтэнэн баран, саас дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдутун салгынын түөһүн муҥунан толору тыыммахтаан ылбыта. Халыҥ синиэлин эргэ саппыйаан курунан быарын аннынан бобо курданан, дьиэтигэр киирэн кэлбитэ. Ийэтэ барахсан кыараҕас балаҕаҥҥа аймахтарын кытта дьукаахтаһан олороохтуур эбит. Эмээхсин уола хаҥас илиитигэр улаханнык эчэйэн кэлбитин көрөн: ”Оҕом барахсаны таҥара баарына хата, тыыннаах ордорбут!”- диэн хараҕыттан уу-хаар баһан, саба түһэн сыллаамахтаан ылбыта. Киэһэ дьиэлээхтэр кыра остуол сыыһын тардан аһаабыттара. Ыскаап түгэҕэр уурулла сылдьыбыт аһыы утахтарын амсайан, итиэннэ ким ытаан, ким ыллаан, айманан барбыттара. Сэрии уоттаах кыргыһыытын дуораана манна да дуораһыйан иһиллэргэ дылыта…
Колхуостаахтар түүннэри-күнүстэри ыарахан үлэҕэ эриллэн сылдьаллара. Хараҥаттан хараҥаны силбээн, утуйар ууларын умнан туран үлэлииллэрэ. Ньукулайы колхуоска кыладыапсыгынан үлэҕэ ылбыттара. Кини бэркэ суруйар-ааҕар, оҕо эрдэҕиттэн олус үчүгэй, биир тэҥ кырылас буочардааҕа. Төһө да аҕыйах сыл оскуолаҕа үөрэннэр, кыладыапсык үлэтин кыайа туппута. Кыайыы ыһыаҕар сэрии кыттыылаахтарыгар Ыстаалын төбөлөөх мэтээллэри, киниискэлэри туттартаабыттара. Ньукулайдаах улахан бөһүөлэккэ көһөн кэлбиттэрэ. Онно убайын ааҕы кытта көһөрөн аҕалыллыбыт салҕааһын дьиэ аҥаарыгар олорбуттара. Ийэтэ эрэйдээх уһаабатаҕа, эрдэ ыалдьан өлбүтэ. Кыайыы сүүрбэ сылын кэнниттэн сэрии бэтэрээннэрин чиэстээннэр, мэтээллээхтэргэ биэнсийэлэригэр эбии харчы көрөр буолбуттара. Ньукулай мэтээлин сүтэрэн кэбиһэн, көрдүү сатаан булбатаҕа. Онон онно хапсыбатаҕа. Ийэтэ олохтон барбытын кэннэ, малын-салын сыбаалкаҕа тохпуттара. Ньукулай мэтээлин баҕар онно барыстаҕа дуу дии санаан, тахсан бөҕү хасыһан көрбүтэ да, мэлийбитэ. Биирдэ Ньукулай оройуон ыһыаҕар киирэ сылдьан Маайатын көрсө түспүтэ. “Хайа Ньукулай, кэргэн ыллыҥ дуо?” — диэн ыйыппытыгар, Нукулай саҥарбакка ааһа турбут. Кэлин, Маайа кэргэн баран, хас да оҕоломмут сураҕа иһиллибитэ.
Ньукулай ийэтэ өлүөҕүттэн ыла кыралаан арыгы иһэр, устунан ылларан барбыта. Биирдэ оннук муор-туор сылдьан, ыалга аһаан баран, күһүҥҥү хараҥаҕа дьиэлээбитэ. Ол кэлэн иһэн, атын суолунан баран хаалан, дэриэбинэтин таһыгар баар чычаас күөл бадарааныгар батыллан, мөлтөөбүтэ бэрдиттэн кыайан турбакка, ууга чачайан олоҕо быстаахтаабыта. Ньукулай кылгас олоҕор биирдэ, эмискэ көрсүбүт туҥуй таптала табыллыбатаҕыттан, хомойбута бэрдиттэн, сааһыгар биир кыыска, дьахтарга чугаһаабакка, ыал буолбакка, оҕо-уруу төрөппөккө, олоҕун олус хомолтлоохтук түмүктээбитэ. Бу дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэ кистэлэҥ быыһа сэгэтиллэн сурулунна.
Күүт миигин
(Кэпсээн)
Быыстала суох хас да күнү быһа уһун унньуктаах ардах түһэн, салгытта. Сир-дойду сиигирэн абыраннаҕа буолуо. Арай Маайыс эрэ ону сөбүлээбэккэ муннун анныгар мөҥүттэ сылдьар. Дьиэтэ тэстэн, таҥас-сап сытыйда. Сыл аайы дьону көрдөһөн кырыыһатын оҥорторуох буолар да, кыаллыбат. Сайын бүттэ да, барыта умнуллан, хаалан иһэр. Эмиэ, уруккутун курдук, ардах тэстэн таммалыыр сиригэр иһит-хомуос тоһуйан, онон-манан уурталаата. Бэйэтэ да умнугана сүрдээх, дьиэтэ тэстэрин ардах түстэҕинэ эрэ өйдөөн кэлэр. «Чэ, эһиил буоллун, харчы мунньуннахха саҥа кырыыһаланыам», — диэн уоскутунан иһэр. «Халлааҥҥа элбэх да уу баар эбит!» – дии-дии уунан туолбут тааһы дьалкыппытынан, таһырдьа таһааран, хонууга ыһан иһэр. Бу маннык сииктээх-силбиктээх күннэргэ араас санаа барыта көтөн түһээччи. Ордук ыал буолбакка хаалбыта, саатар биир оҕону иитэ ылбатаҕа, онтон дьиэтэ бэйэтин курдук эргэрбитэ, оһоҕо хайыта баран, отуннаҕын аайы буруолуура — барыта ахтыллан, санаата саппаҕыран барааччы. Ол кэннэ дьэ, хайаатар да кырдьар сааһыгар кылыыһыт да буолбатар, бииргэ чээйдэһэр киһи наада эбит диэн өйдөнөн кэлбит курдук гынааччы. Хайа муҥун, туох буруйугар-аньыытыгар тулаайах курдук соҕотох олоруой? Бу да сырыыга билэр дьонун барытын сыымайдаата. Уруккуттан хараҕа сөбүлүү көрөр биир киһилээх. Бүөтүр диэн огдообо баар. Сааһынан да араа-бараа соҕус, испэт-аһаабат, үлэһит киһи. Кэргэнин кытта отуттан тахса сыл олорбута, үс уоллаах, хас да сиэннэрдээх. Баҕар, кини да доҕоро суох хаалан, санаата оонньоон эрдэҕэ. Маайыс күн сарсын Бүөтүргэ бара сылдьыах курдук сананна. Кыратык киэргэнэ түстэҕинэ – киһи сирбэт дьахтара. Эдэригэр кинини: “Ханнык эрэ омук хааннааххын быһыылаах, уу саха буолбатаххын”- диэн өһүргэтээччилэр бааллара. Онуоха: “Хайа омук бу үрэх баһыгар кэлбит үһүө? Ийэм барахсан иккилээхпэр бараахтаабыт уонна кини уҥа-хаҥас хаампатах буолуохтаах. Аҕам сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт, мин кинини өйдөөбөппүн даҕаны”,- диэн кырдьыгын этээччи.
Нөҥүө сарсыарда син-биир ардах ибиирбитин курдук, сэниэтэ суох түһэр. Маайыс чалбаҕы тумна сатаан, кырыстаах соҕус сиринэн чаллырҕатан истэ. Бүөтүр дьиэтигэр чугаһаатаҕын аайы, эдэр оҕо курдук, сүрэҕэ сүр күүскэ тэбэрэ иһиллэргэ дылы буолла.
-Бээ, туох диэх бэйэбиний? Өмүрэх киһи курдук кэлбитим да түргэнэ! — диэн аны, саараҥнаан ылла. «Бу үйэҕэ соҕотох олорбутум, тугум эмиэ киһитэй? Бу кыбыстыытын!»,- диэт, эргиллэ түстэ да, дьиэтин диэки бадарааны ортотунан бара турда.
Күн-дьыл устара бытаана, киһи тыынын-быарын ыгыах курдук. Иистэн илиитин араарбат бэйэтэ, кыптыыйын да тутуон баҕарбат. Сылайбыта итиччэ дуу, былыт баттаабыта дуу — биллибэт. Эргэ кириэһилэтигэр кэлэн, тиэрэ түһээт, тэлэбиисэрин холбоон көрбүтэ буолла. «Жди меня» биэрии буола турар эбит. Ыытааччы дьахтар хараҕар уу-хаар баһан, ытыахча курдук, сыҥсыйар. Кими эрэ көрдөөн булбуттар быһыылаах. Аны, сүппүт дьону көрдөөн, биллэриилэри биэрдилэр. Элбэх да киһи сүтэр эбит. Маайыс утуктаан киирэн барда, халтаһата ыараан, төбөтө босхо баран истэ. Арай, уутун быыһынан: «Ищу Марию Натановну, дочь Марианны Трофимовны Поповой», — диэн иһилиннэ. Маайыс тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, ходьох гына олоро түстэ. «Түһээтим дуу, тугуй? Мин ааппын эттилэр дии! Миигин ким билэр буоллаҕай? Ийэм аатын чуолкайдык иһиттим дии! Хайдах, хайдаҕый?»- итэҕэйбэккэ, тулатын көрүтэлээтэ. Хомойуох иһин, биэрии бүтэн хаалла. Сэргэхсийэн, хоһугар төттөрү-таары хаамыталаата. «Ханна наадалаахха утуйа олорбутум да баар ээ!» — диэн бэйэтин бэйэтэ мөҕүтүннэ. Эмискэ төлөпүөн тырылаата: «Бачча ыксалга хайалара эрийдэҕэй?»- дии-дии туруупканы ылла.
— Аллуо, Маайаа, эйигин көрдүү сылдьаллар үһү. «Жди меня» биэриигэ эттилэр. Сарсын иккиэн куораттыахха» — диэн Бүөтүр долгуйбут куолаһа иһилиннэ. Маайыс соһуччута бэрдиттэн, саҥатыттан матан, хоруйдаабакка өр олордо. Бүөтүр саҥата быһыта-орута иһиллэр. Саатар сибээс да мөлтөҕө, сүгүн үлэлээбэтэҕэ ыраатта. «Марию Натановну» диэбиттэрин чуолкай истибитэ, оннук ааттаах киһи чугаһынан суох ини. Итиччэни истэн баран олоруо дуо, уйатыгар уу киирбитинии, түбүгүрэ түстэ.
Сарсыҥҥытыгар саҥа сонун кыра дэриэбинэ иһин тилийэ көттө. Дьон туох санаалааҕынан, талбытынан туойда. Ол да буоллар, дьиҥ чахчы ситэ быһаарыллыбакка хаалла. Маайыс Бүөтүр массыынатынан куораттаабыт сураҕа эрэ иһиллэн хаалла.
Бүөтүр улахан уолугар Коляҕа туохха бачча ыксалынан куоракка кэлбиттэрин сиһилии кэпсээтэ. Ол кэннэ, Коля бэҕэһээҥҥи “Жди меня” биэриини тэлэбиисэргэ хат эриттэрэн куугунатта. Эдэр киһи билэрэ-көрөрө, түргэнэ-тарҕана. Хата, дьолго, сүрдээх дэбигистик булларан, бары тэлэбиисэр иннигэр тыыммакка да, ыга симсэн олорон көрдүлэр. Биэрии саҕаланыытыгар Маайыс хаартыскатын көрдөрдүлэр. Ол гынан баран кинини ким да көрдөппүтэ биллибэт эбит. Арай: “Бу нүөмэргэ эрийэн билсиҥ”,-диэн эттилэр, онон бүтэрэн кэбистилэр. Бүөтүр уола уһаппакка-кэҥэппэккэ сып курдук эрийэн, туоһулаһа оҕуста. Маайыс аҕыйах саҥалаах бэйэтэ өссө ньимийэн хаалла. “Ити мин хаартыскам буолбатах ээ. Мин итинник оҥостон баран хаһан да хаартыскаҕа түспэтэҕим”, — диэн иһиллэр-иһиллибэттик этэн, дьонун өссө эбии соһутта. Бары сирэй-сирэйдэрин көрсө түстүлэр. “Маайаа, уоскуй, эйигин билбэт үһүбүт дуо? Эн дии, хайдах буоллуҥ?”- Бүөтүр уоскута сатаата. Коля кумааҕыга тугу эрэ суруйан иһэр, кэпсэтэриттэн иһиттэххэ, аннараалар нууччалыы үчүгэйдик саҥарбаттар быһыылаах. Олуттаҕас соҕустук да буоллар, дьахтар саҥата үөрбүт курдук чаҕаара олорор. Син балайда өр кэпсэтэн, быһаарыстылар. Түмүгэр – Маайыһы ханнык эрэ чугас аймахтара Москваҕа ыҥыраллар диэн буолла! Бары тылларыттан матан тугу да диэхтэрин булбакка олордулар. Онтон өй ылан Бүөтүр: “Чэ, хомунар буоллаҕыҥ. Таарыччы сири-дойдуну көрөн кэлиэҥ. Ханна да сылдьыбаккын дии.” “Кырдьык даҕаны”- диэбиттии Маайыс мичик гынан ылла.
Сотору кэминэн Маайыс хаһан да түһээн баттаппатах куоратыгар бараары хомунна. Ыраах көтөр билиэтин, түһэр аадырыһын – барытын Бүөтүр уола Коля булан, кумааҕыга суруйан биэрдэ. Бүөтүр атаара кэлсэн баран: “Маайаа, этэҥҥэ айаннаан, санааҕын ситиһэн кэлээр. Күүтүөҕүм.”
Маайыс киһи эрэ буоллар, син долгуйар — соҕотоҕун ханна эрэ ыраах баран эрэриттэн. Ол да буоллар, санаата бөҕөх, кинитээҕэр буолуох кырдьаҕастар аан дойдуну кэрийэн айанныыллар. Кини да туох итэҕэстээх үһү. Хас да чаас сөмөлүөтүнэн көтөн, тиийиэхтээх сиригэр дьэ тиийдэ. Киниэхэ утары сибэкки дьөрбөтүн туппутунан эдэркээн кыыс оҕо тиийэн кэллэ. “ Вы Мария Натановна?”-диэн ыйытта. Маайыс “мин” диирдии төбөтүн тоҥхоҥнотто. Кыыс Маайыһы кытта илии тутуһан дорооболосто уонна кууһан ылан, иэдэһиттэн сыллаан ылла:“Вы как моя мама”,- диэн үөрбүттүү этэн аһарда. Маайыс тугу да өйдөөбөккө биир сиргэ тэпсэҥнии турдаҕына, кыыс кинини илиититтэн сиэтэн илдьэ барда, таһырдьа күүтэн турар массыынаҕа олорто. Үрдүк дьиэлэр быыстарынан, уоттаах-күөстээх уулуссаларынан түүҥҥү куорат устун айаннаттылар. Кыыс тугу эрэ Маайыска көрдөрө-көрдөрө кэпсиир да, киниэхэ туох да төбөтүгэр хатаммата. Арай киинэҕэ көстөр курдук биир кэм аалыҥнас дьон, тула олордуу сибэкки, мас арааһа-барыта түүл-бит курдук элэҥнээн истэ. Күһүҥҥү халлаан диэтэххэ манна сылаас эбит.
Сотору буолаат, элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэ иннигэр тохтоотулар. Кыыс сэттис этээскэ сирдээн илтэ. Дьиэ аанын арыйааттарын кытта, дьиэлээхтэр утары тахсан, күө-дьаа буолан Маайыһы үөрэ-көтө көрүстүлэр.
-Вы — Мария Натановна Попова? Вас наша мама ищет. Пойдемте, вас познакомлю с ней, — диэн дьиэлээх кыыс иһирдьэ хоско илдьэ барда. Маайыс таҥас суумкатын кыбыммытынан кыыһы батыста. Хоско киирбитэ – үүт-үкчү киниэхэ майгынныыр дьахтар турар эбит! Соһуччута бэрдиттэн Маайыс кэннинэн чинэрис гына түстэ. Истиэнэҕэ ийэтин хаартыската ыйанан турарын көрөн өссө соһуйда. “Ну, здравствуй, сестра моя Мария!” — диэн сүрдээх намылхай куолаһынан дорооболоһоору синньигэс илиитин уунна. “Здраствуйте, кто вы?”- диэн аҕыйах тылы ыган таһаарда. Онтон атын туох да диэн тыл өйүгэр көтөн түспэтэ. Дьиэлээхтэр Маайыска уу аҕалан биэрдилэр. Маайыс утаппыт киһи курдук ууну биир тыынынан иһэн куллурҕатан кэбистэ. Өйдөөн көрбүтэ – кырдьык, кини курдук дьүһүннээх дьахтар иннигэр кэлэн турар эбит. “Меня зовут Дария Натановна Шульгина. Я твоя сестра — близнец”, — диэт, моонньуттан кууһан ылла уонна саннылара титирэстээн, ытаан киирэн барда. Маайыс күөмэйигэр туох эрэ кытаанах бүөлүү түһэрин ыйыста сатаата. Атахтара уйбакка, бокуһан бардылар. Онтон иккиэн куустуспутунан ытастылар. Дария Натановна: “ Мне всегда снился этот твой запах родной и почему-то протекающая крыша старого дома”. Маайыс таҥас суумкатыттан ийэтин хаартыскатын хостоон таһааран көрдөрдө. Дария эмиэ хас да хаартысканы альбомуттан ылан биэрдэ. Ити курдук, бу киэһэни быһа кэпсэтэн, син быһаарыстылар. Ийэлэрэ сэрии иннинэ Москваҕа үөрэнэ сылдьан Натан Шульгин диэн уоллуун холбоһон, ыал буолбут эбит. Онно игирэ кыргыттардаммыт. Сэрии буолбутугар аҕалара бэбиэскэ тутан, сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Уонна сэрии бастакы сылыгар сураҕа суох сүппүт. Ол кэннэ Натан ийэтэ: “Саатар биир сиэммин миэхэ хааллар”- диэн көрдөспүтүгэр, Дашаны киниэхэ хаалларан дойдулаабыт эбит. Маайыс аҕатын хаартыскатын ылан, өр көрөн олордо. Хаартыска кэннигэр: “Моим близняшкам дочуркам Даше и Маше, любимой женушке Марианне” диэн суруктаах. Барахсан саҥа олох олорон иһэн, эдэр да сааһыгар бараахтаабыт эбит. Маайыс сүрэҕэ ытырбахтаан, аһый гынан ылла. Кини ийэтэ өлүөҕүттэн тулаайахтар дьиэлэригэр иитиллибитэ. Хаһан да бииргэ төрөөбүттээҕим буолуо диэбэт этэ. Ийэтэ да кэпсээбэккэ бараахтаабыт эбит.
Маайыс хас да күнү быһа ыалдьыттаан, Москуба куораты көрөн дойдулаары турдаҕына: “Скоро приеду, жди меня”, — дии-дии Дария аҕатын хаартыскатын туттарда. Сөмөлүөккэ киирэн хаартысканы эргим-ургум тутан көрө олордоҕуна, араама иһиттэн харчы түһэн кэлэн соһутта. Хаартыска кэннигэр: “Хочу, чтобы крыша нашего дома не протекала”,- диэн суруктаах. Былыта суох ыраас халлааҥҥа тимир аал үөһэ көтөн куугуната турда.
Маайыс ахтылҕаннаах дойдута чугаһаатаҕын аайы Бүөтүргэ кэпсиирэ элбээбитин саныы-саныы дьоллоно манньыйда.
Ааптар Римма Корякина-Хотууна – СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Чурапчы” литэрэтииринэй түмсүү салайааччыта
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй