Билигин моонньоҕону итиэннэ тэллэйи хомуйуу үгэннээн турар кэмэ. Тэллэй күннээҕи аhылыкка, кыhыҥҥы хаhааска туттуллар астартан биир бастыҥнара, амтаннаахтара. Дэлэҕэ тэллэйи, сибиэһэй эти кытары холуохтара дуо?

Ол эрэн, сыыһа-халты туттууттан сыл аайы дьон-сэргэ тэллэйтэн сүhүрэр түбэлтэлэрэ кыралаан да буоллар тахсыталыы тураллар. Итиниэхэ бэйэни харыстанар миэрэлэр тустарынан “Роспотребнадзор” иһитиннэрэр. Бастакытынан, оҕолорго (14 саастарыгар диэри) тэллэйтэн астаммыт бүлүүдэлэри сиэппэккитигэр сүбэлиир. Тоҕо диир эбит буоллахха, хас биирдии оҕо организмыгар тэллэйи буhарар ферменнэр сөптөөх ахсааннара суоҕун быhаарбыттар.

Итини таһынан, тэллэйи куттала суох аска туттарга “Роспотребнадзор” маннык сүбэлиир:

— үчүгэйдик билэр эрэ тэллэйгитин хомуйуҥ;

— тэллэйи айан суолун кытыытыттан ылбакка буолуҥ;

— тэллэй ѳр кэмҥэ сибиэhэй буоларын туhугар ѳрүллүбүт корзинаҕа хомуйар ордук, бакыакка эбэтэр биэдэрэҕэ хомуйартан туттунуҥ;

— тэллэй умнаһын алдьаппакка эрэ бүтүннүү быhан ыларга кыһаныҥ;

— эргэрбит, үѳннээх тэллэйи хомуйумаҥ;

— дьиэҕитигэр кэлээт даҕаны тэллэйгитин тута ыраастааҥ, астааҥ, куhаҕанын бүтүннүү быраҕарга дьулуһуҥ.

Өскөтүн тэллэйтэн сүhүрүү чинчилэрэ билиннэхтэринэ, тутатына суhал кѳмѳ сулууспатыгар төлөпүөннээҥ. Эмчиттэр кэлиэхтэрин иннинэ төһө кыалларынан хотуолуу сатааҥ, онтон кыаллыбат түгэнигэр, куртаххытын туустаах уунан сууйтарыҥ эбэтэр активированный чоҕу иhиҥ диэн салгыы сүбэлииллэр.

 

Сэмэн Жендринскэй