Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла биллэриллэн, ааспыт сылларга дойдубут сайдарын туһугар үлэлээн ааспыт үтүө үлэһит дьон, билиҥҥи кэмҥэ, саҥа сайдыылаах үйэҕэ үлэни өрө туппут, олоххо саҥалыы көрүүлээх ыччат дьоммут туһунан бэчээккэ да элбэхтик таҕыста, күөх экраҥҥа да элбэхтэ кэпсээтилэр, үгүстүк сырдаттылар.
Мин бүгүн кэпсиир киһим биһиги аймах киэн туттар убайбыт, дьонугар– сэргэтигэр чөмпүйүөн Сэмэн диэн сөҕө–махтайа кэпсэнэр, ахтыллар — Семен Николаевич Макаров, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера, улуус 17 төгүллээх, өрөспүүбүлүкэ 9 төгүллээх чөмпүйүөн тырахтарыыһа, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Санаан көрүҥ — өрөспүүбүлүкэ 9 төгүллээх чөмпүйүөнэ! Чөмпүйүөн Сэмэн курдук үлэһит киһи нэһилиэккэ эрэ буолбакка, улууска , өрөспүүбүлүкэҕэ да бэрт аҕыйахтара буолуо.
Семен Николаевич төрүттэрэ удьуор үлэһит дьон – Макаар аймах. Улахан Күөл Хатыҥнаах алааһыттан Аҕа дойду сэриитигэр Ийэ дойдуларын көҥүлүн иһин хорсуннук сэриилэспит, сырдык тыыннарын толук уурбут буойуннар, эйэлээх олоххо байылыат олох, дойдубут сайдыытын туһугар күүскэ, үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьон элбэхтэр. Кинилэр сырдык ааттарын билигин эдэр ыччаттарбыт салгыыллар.
Семен Николаевич 1935 сыллаахха Николай Васильевич уонна Елена Ивановна Макаровтар холкуостаах дьиэ кэргэнигэр, бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар ааспыта. Холкуоска кыра эрдэҕиттэн от мунньуутуттан саҕалаан, оту кэбиһиигэ, оҕус сиэтиитигэр, көлө от охсоругар, кучам ат сиэтиитигэр үлэлээбитэ. Арыый улаатан баран атынан от оҕустарыытыгар, мустарыытыгар сылдьыбыта. Булгунньахтаахха Сылаҥ сэттэ кылаастаах, онтон салгыы Чурапчы орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар бастыҥ ыспарсымыанынан биллэрэ уонна оройуон тарбахха баттанар үҥкүүһүтэ этэ. Оччолорго Чурапчы орто оскуолатыгар Саха бастакы балерината Аксения Посельская оҕолору үҥкүүгэ дьарыктыыра. Мин киин библиотекаҕа ааҕааччыны кытта үлэлиир салааны салайа олордохпуна, Аксения Посельская туһунан кинигэ сүрэхтэниитин ыыппыппыт. Онно кини кыыһа РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Посельская кыттыыны ылбыта. Бу көрсүһүүгэ Аксения Посельская үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйбут оҕолоро, сааһырбыт дьоһун дьон кэлэн ыалдьыттаабыттара. Кинилэр ортолоругар убайым Семен Николаевич эмиэ баара. Бу көрсүһүүттэн сүрдээҕин сүргэтэ көтөҕүллэн барбытын өйдүүбүн, телевидениеҕа интервью биэрбиттээҕэ. Сэбиэскэй бартыыйынай салайааччы Семен Петрович Макаров маннык ахтан суруйбута баар: “Оччолорго Е.Д.Макаров, Е.С. Макаров уонна Семен үҥкүүлэрин Чурапчы дьоно, ыччаттара, ордук кыыс аймах стадион үҥкүүлүүр площадкатыгар, культура дьиэтигэр эккирэтэ сылдьан көрөр буолаллара”.
Биһиги дьоммутугар убайбыт араас бэстибээллэргэ, күрэхтэргэ үҥкүүлүү сылдьан түспүт хаартыскалара бааллара. Ону оҕо сылдьан наһаа умсугуйан көрөр этибит уонна испигэр “бу аҕабыт быраата” диэн наһаа киэн туттарбыт.
Ийэлээх аҕата ыарыһах буоланнар онус кылааһынан үөрэҕиттэн тохтообута. Оскуоланы бүтэрэн баран, Чурапчыга хас да сыл тутууга үлэлээбитэ. Онтон Күндүлгэ тырахтарыыһынан, суоппарынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Екатерина Васильевна балыыһаҕа сиэстэрэлиир этэ. Оҕолорун Галялаах Сеняны олус маанылаан ииппиттэрэ.
1971 сыллаахха дойдутугар Сылаҥҥа көһөн кэлбиттэрэ. Күндүлтэн бэрт улахан дьиэтин көһөрөн аҕалбыта. Убайынаан Гаврил Николаевичтыын, икки туруу үлэһит дьон дьиэни түргэнник туппуттара. Хара маҥнайгыттан дойдутугар үлэһит киһини үөрэ көрсүбүттэрэ. Кэлээт да “ДТ -75” тыраахтырга үлэлээбитэ. Түөйэнэн, Улахан Күөлүнэн, Уһун Күөлүнэн уонна Бэрэнэн фермаларга убайын кытта икки тыраахтырынан от таһыытыгар сылдьыбыттара. Оччолорго ыанньыксыттар: “Сарсыарда эрдэ 6 чааска хотоммутугар киирэрбитигэр, номнуо от тиэйэн кэлэр буолаллара, ол бастакы сырыылара буолара” диэн кэпсиир буолаллара. Итинник эрдэлээн күҥҥэ хаста да кырыналлара. Онтон сотору буор таһар скрепердэммитэ. Дьэ, мантан саҕаламмыта Семен Николаевич килбиэннээх үлэтэ. Убайбыт Семен бүтүн Субуруускай аатынан сопхуоска былдьаһыкка сылдьар үлэһит этэ: саҥа тутуллар эбийиэктэргэ буор кутуута, сиилэс дьааматын хаһыы, суол оҥоһуутугар үлэ барыта соҕотох Семен Николаевиһынан толоруллар этэ. Чурапчы–Сылаҥ, Сылаҥ–Килэҥки–Арыылаах суолугар төһөлөөх үгүс буору үс кубтаах скреперинэн бастаран таспыта буолуой?! Сайыҥҥы өттүгэр суол ямочнай өрөмүөнүгэр ылсан, грейдери состорууга үтүмэн элбэх үлэни оҥороро, суол тупсарыгар үгүс сыратын-харатын биэрбитэ. “Чурапчы– Сылаҥ буор суола арыт массыынаны барарын да биллэрбэт курдук тэҥ, көнө буолара, атыттар ардыгар ордугургуур буолаллара. Уһун Күөл иһинээҕи суолун бэйэтэ көрө сылдьан тэҥнээн биэрэрэ” диэн билигин үгүс дьон махталынан ахталлар. Оройуон салалтатыгар үлэлээбит, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Ефимович Пермяков маннык суруйбут: “ “Чурапчы” сопхуоска ис суолу оҥорууга оройуон хас да төгүллээх чемпион тракториһа, киһиттэн эрэ таһыччы сүрэхтээх, кыһамньылаах, үтүөкэннээх үлэһит Макаров Семен Николаевич элбэх көлөһүнүн тохпута. “Сэмэн суолун оҥоро барбыт” диэн буоллаҕына, ол аата нэһилиэктэргэ сырыы–айан аартыга арылларыгар толору эрэллээх буоларбыт”.
Ити курдук Семен Николаевич суолу оҥорууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ саҥаны киллэрэр толкуйунан, үлэҕэ сыһыанынан рационализатор үлэһит быһыытынан сыаналанар этэ. Кини илин эҥэргэ суолга биир бастыҥ энтузиаст- механизатор буоларын бары билинэллэрэ. Төрөөбүт улууһугар эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтин таһаарыылаах үлэтинэн уонна үлэҕэ дьулуурунан үгүс сылларга кимиэхэ да иннин биэрбэтэҕэ. Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатын кыттыылааҕа, онно “Москвич 412” массыынанан наҕараадаламмыта. 1980 сыллаахха “Чурапчы” сопхуос Бочуотун кинигэтигэр, Чурапчы оройуонун Бочуотун кинигэтигэр 10 пятилетка түмүгүнэн киллэрбиттэрэ.
Семен Николлаевич үлэ үөһүгэр сылдьан эмискэ ыалдьыбыта. Ол ыарыытыттан өрүттүбэккэ олус хомолтолоохтук олохтон туораабыта.
Наталья Захарова, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй