Улуус дьаһалтатын отчуота Чакыр, Хайахсыт, Хадаар нэһилиэктэригэр ыытылынна

Тохсунньу 23 күнүгэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы отчуота Чакыр, Хайахсыт, Хадаар нэһилиэктэригэр буолла.

Чакыр нэһилиэгэр мунньаҕы баһылык Константин Лебедев салайан ыытта, уопсайа 72 киһи кыттыыны ылла. Сыл устата улууска ыытыллыбыт үлэ-хамнас туһунан улуус баһылыга Степан Анатольевич сиһилии дакылааты оҥордо.

Бастатан туран,  Чакырга саҥа оскуола тутуллуутун туһунан туоһуластылар. Олохтоохтор оскуола бырайыага судаарыстыбаннай экспертизаҕа баран эрэрин, күһүн тутуу үлэтэ саҕаланыахтааҕын истэн үөрдүлэр. Салгыы үүт сыанатын харчытын үрдэтии, племенной сүөһүлэри аҕалтарыы, ыанньык сүөһүгэ көрүллэр субсидия, сайынын арыы атыылааһына, Чурапчы-Хайахсыт икки ардыларынааҕы суолу өрөмүөннээһин, уопсай дьиэ тутуллуутун, улуус дьокутааттарын ыытар үлэлэрин туһунан боппуруостар киирэн  эппиэттэннилэр.

Үөрэх эйгэтигэр  үгүс ыйытык киирдэ. Ол курдук, уһуйаан үлэһиттэрин хамнаһын,үлэлиир эрэсиимнэрин уонна оскуола эбийиэктэрэ кииннэммит гаас ситимигэр холбонууларын туһунан сурастылар. Сыл ахсын турар боппуруоһунан Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин олорбут дьиэтигэр киниэхэ анаммыт түмэли тэрийии, онно ыстаат көрүллүүтүн боппуруоһун туруорустулар.

Александра Неустроева, Чакыр орто оскуолатын дириэктэрэ:

-Оскуола тутуллуутун туһунан тыын суолталаах боппуруоспутугар Степан Анатольевич үлэ-хамнас ыытыллан эрэрин эппитин истэн үөрдүбүт. Ол курдук, бү күннэргэ бырайыак экспертизаттан таҕыстаҕына, оскуола тутулларын, суол өрөмүөнүгэр нэһилиэктэр бэйэлэрэ дуогабар түһэрсэн, үлэ-хамнас тэриллиэхтээҕин эттэ. Ону тэҥэ, быйыл биһиэхэ гаас хочуолунай киирээри турар. Үлэлээн бардаҕына, дьиэлэрбит-уоттарбыт, үлэлиир тэрилтэлэрбит сылыйыахтарын астына иһиттибит.

Былырыыҥыттан бу нэһилиэккэ саҥа биэлсэр, акушерка кэлэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар эбит, аптека аһыллан олохтоохтор абыраммыттар.  Уопсайа 20-чэ ыйытыы киирэн эппиэттэннэ. Олохтоохтор улууска ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.

Хайахсыкка мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Тарас Тарасов  салайда, 61 киһи кыттыыны ылла. Отчуокка 24 ыйытык киирэн эппиэттэннэ.

Урукку сылларга нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын, гаас ситимигэр холбонуу субсидиятын, үрдүк күүрүүлээх уот ситимин туһунан боппуруостар киирэр эбит буоллахтарына, быйыл оскуолаҕа саҥа массыына, эбии үөрэхтээһиҥҥэ оҕо сайдарыгар анаан ыстаат көрүллүүтүн, музейга матырыйаалынай баазаны хаҥатыыга үбүлээһин, улуус киинигэр психиатр-нарколог быраас үлэтин туһунан боппуруостар киирдилэр. Сытыы боппуруоһунан «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан уопсай дьиэ тутуллуутун, Абалаах, Бүтэйдээх суолларын өрөмүөннээһин,  суол-иис хаачыстыбата турда. «Дорожник» ХЭТ дириэктэрин солбуйааччы Спартак Пахомов ааспыт сылга ахсынньыга ыытыллыбыт аукцион түмүгүнэн, кэлэр үс сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах Бөтүҥ, Абалаах, Чыаппара суолларын көрүүгэ-истиигэ 188 мөлүйүөн солк. көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ. Эрдэ бу суолларга үс сылга 51 мөлүйүөн үп көрүллэн кэлбитэ. Ону тэҥэ бу суолларга өрөмүөн үлэтигэр эбии харчы көрүллүүтүгэр үлэлэһэ сылдьалларын эттэ.

Хас да боппуруос оройуоннааҕы РЭС тэрилтэтигэр киирдэ. Ол  курдук, уот остуолбаларын өрөмүөннээһин, нэһилиэккэ электрик ыстаатын көрүү, остуолбаҕа туруоруллар счетчик туһунан ыйытыктар киирэн эппиэттэннилэр.

Хайахсыт  тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга биир үчүгэй көрдөрүүлээх нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирэр. Бу салааҕа олохтоохтор Саһыл үрэҕэр дулҕа астарыытын, түргэнник ситэр салааны  сайыннарыы, дьиэ кыылларын аһылыгын нэһилиэккэ миэстэтигэр аҕалыы, тиэхиньикэлэри ылыыга субсидиялаах кирэдьиит, кэпэрэтиип үлэтин, сааскы, күһүҥҥү өртөөһүн боппуруостарын көтөхтүлэр.

Отчуот түмүгүнэн олохтоохтор улуус дьаһалтатын үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар, инникитин таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэни баҕардылар.

Хадаарга мунньаҕы баһылык Афанасий Степанов салайан ыытта. Мунньахха 90 киһи кыттыыны ылла. Олохтоохтор сүрүннээн суолу өрөмүөннээһин, тыа хаһаайыстыбатыгар племенной оҕус көрүллүүтүн, сүөһүнү элбэтиигэ ыытыллар үлэ-хамнас, нэһилиэккэ аптека пуунун аһан үлэлэтии,  оройуоннааҕы балыыһа үлэтин о.д.а. үлэ бары хайысхатыгар туһуламмыт боппуруостары биэрдилэр.

Улуус баһылыга Степан Саргыдаев «Абалаах» суолга 15 килэмиэтирин өрөмүөннээһиҥҥэ «Дороги Саха» тэрилтэни кытта 750 мөлүйүөн суумалаах икки сыллаах хантыраак баттаммытын, олунньу ыйтан үлэ саҕаланарын иһитиннэрдэ.

Олохтоохтор оскуола турар сирэ тостон, улахан кыһалҕаны үөскэппитин, манна улахан үлэни тэрийэргэ туруорустулар. Үрүҥ Күөл илин өттө сиҥнэн эрэрин, үп көрүллэн үлэ барбатаҕына ыаллар ууга барар кутталламмыттарын эттилэр, Уорҕа Дириҥ суолугар муоста тутуллуутун эмиэ биир сүрүн боппуруос быһыытынан туруордулар. Маны сэргэ “Самнаҕайдаах” пиэрмэҕэ уот ситимин тардыы, трансформаторы өрөмүөннээһин туһунан туоһуластылар.

Этиилэргэ нэһилиэнньэ өттүттэн саҥа кулуубу , уопсай дьиэни, гаас хочуолунайын туттарар боппуруоһу киллэрдилэр.

Айталина Федорова, начаалынай кылаас учуутала, элбэх оҕолоох ийэ:

— Ааспыт 2023 сыл биһиги нэһилиэкпитигэр таһаарыылаах буолла, ол курдук, сайыҥҥы уу  уонна күөх төлөн ситимэ киирэн,  саҥа дьиэ бөҕө тутулунна. Аллараа даамбаны оҥорууга үгүс үлэ ыытылынна. Биһиги кэргэмминээн төрөөбүт дойдубутугар олохсуйар  санаалаах үлэһит буолан кэлэн олохсуйбуппут номнуо уон сыл буолла. Үүнэр-сайдар кэскиллээх дойду диэн санаалаах быйыл дьиэ туттан киирдибит. Салайааччыларбыт Степан Анатольевич, Афанасий Афанасьевич үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыбыт!

Түмүккэ олохтоохтор улуус дьаһалтатын былырыыҥҥы үлэтин-хамнаһын сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.

Людмила Горохова