Нэһилиэк олохтоохторо саҥа таас оскуолаланан, улуус дьаһалтатыгар уонна Бырабыыталыстыбаҕа улахан махталлаах олороллор. Отчуоту истибиттэр улуус баһылыгынан Степан Саргыдаев уонна нэһилиэк баһылыгынан Руслан Васильев ананыахтарыттан нэһилиэккэ сайдыы тэтимнээхтик барарын, чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомто ууруллар буолбутун бэлиэтээтилэр. Инньэ диэн туран, ааспыт сыллаах үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
Билигин нэһилиэнньэ эбии саҥа хочуолунайы, заправканы, дизельнай станцияны, Мындаҕаайыттан Мырылаҕа, Сулҕаччыга, Чурапчыга барар суоллары оҥорору, сытар балыыһаны, ходуһа сирдэрин туһаҕа таһаарары уонна уһуйаан өрөмүөнүн туруорсар.
Тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмөҕө, “Ыал саргыта” сылга сыһыаннаах ыйытыылар киирэн эппиэттэннилэр.
Улуус баһылыга Степан Саргыдаев: “Гаас киирбэт нэһилиэктэрин киинтэн ититиигэ холбуур сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ОДьКХ-ны кытта сөбүлэҥи түһэрсибиппит, ону тэҥэ Болугур нэһилиэгин сайдыытыгар диэн бүддьүөттэн үбү көрдүбүт. Ити үптэн дьон ититиигэ холбонуутугар чэпчэтиини туһаналларыгар көрүллүөҕэ.
Уһуйаан өрөмүөнүн экспертизатын ааста, уопсайа 36 мөл өрөмүөн бырайыага оҥоһулунна, 2025 сыллааҕы былааҥҥа киирдэ.
“Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бырагырааматынан баһылык Руслан Васильев быһаччы үлэлэһиитинэн быйыл 13 квартиралаах дьиэ тутуллуоҕа.
“Мындаҕаайы” ТХПК үүтү туттарыыта икки төгүл улаатта. Быйыл 150 төбө турар хотонун тутуохпут, боруоданы тупсарыыга симментал ынахтары аҕалыахпыт.
“Кустук” лааҕыр сайдыытыгар 3 мөл көрдүбүт.
Туризмы сайыннарыыга урбаанньыттар ылсыахтарын наада, онно фондаҕа 3 мөл көрдүбүт.
Онон биһиги улууска Болугур стратегическай нэһилиэгинэн буолар, инникитин нэһилиэк сайдар тосхоллоро улаатан-кэҥээн иһиэхтэрэ”, — диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Елена Макаринская