Саха киһитэ сатабыллаах, айылҕаттан бэриллибит талааннаах, онтукатын дьоҥҥо- норуокка анаан, үтүө өйдөбүлү үөскэтэр айылгылаах. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр төһө эрэ оннук көстүбэккэ, биллибэккэ бэйэлэрин кыахтарынан, ис дууһаларыттан кыһаллан, дьон туһа диэн дьикти дьарыктарыгар иллэҥ кэмнэрин анаан сырыттахтара.
Биир оннук киһинэн биһиги дэриэбинэбит биир ытыктанар ыалын хаһаайына Дмитрий Трофимов буолар.Төһө да 65 сааһын томточчу туоллар, оттоон-мастаан, сүөһү-ас ииттэн, оҕуруот олордон, оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ уһуйан, кэргэнинээн Вера Ивановналыын быр-бааччы олороллор. Түөрт оҕону төрөтөн, үөрэттэрэн, атахтарыгар туруортаан, үлэһит, ыал оҥортоон, дьиэ-уот тэрийсэн, орто дойдуга кэлбит ытык иэһин толорон, билигин да туруулаһан астарбыт Улахан Күөлүн оскуолатыгар үлэлии- хамсыы, эдэр ыччакка холобур, сүбэ-ама буола сылдьар.
Тыа киһитин түбүктээх үлэтиттэн быыс булан кини дьикти идэлээх.
Кыайыы күнүгэр хомуйан, кырааскалаан оҥорбут тимир оҥоһуктара сыл аайы парааты киэргэтэллэр, оҕо аймах илэ-бааччы көрөн интэриэһиргээн, тула түмсэр, сэҥээрэр. Ол курдук, тааҥка, бүлүмүөт, оннооҕор саллаат кухнята баар. Ол кухня хааһытын амсайан, тааҥкаҕа олорсон, Кыайыы күнүгэр бэрт сэргэх параат тэриллэр.
Кыстык хаар тэлимнии түспүтүн кэннэ, эрдэттэн Саҥа дьылы көрсөөрү, хаары күрдьэн, муус оҥоһуктар былаһааккаларын бэлэмнээн барар. Онтон түөлбэтин эдэр ыччатын түмэ тардан, Чысхааны, Хаарчаананы, илиҥҥи халандаарынан кэлэр сыл кэрэһитэ буолар кыыллары, хайаан да оҕо хатааһылыыр сыырын, уу кутан дьоҕус катогу оҥорон сиэннэригэр, нэһилиэк оҕолоругар үөрүүнү бэлэхтиир.
Араас дьэрэкээн өҥүнэн кырааскалаан, уот-күөс тардан дьиримнэтэн, дьон сэҥээриитин ылыан ылар. Нэһилиэккэ тиэргэн киэргэтиитин күрэҕэр бириистээх миэстэлэри ылар. Өссө мууһу тоҥорон, фонарик оҥорон, араас дьүһүннээн урукку сэбиэскэй кэмнэри санатар. Оскуолаҕа барар суолу кытары хаар оҥоһугунан киэргэтэн дэриэбинэни сэргэхситэр, ааһан иһэр дьон болҕомтотун тардар, сынньалаҥҥа кэлбит оҕолор сырылаан, хаҥкылаан, хаартыскаҕа түһэн астынан бараллар.
Саҥа дьылга сүрдээх интэриэһинэй мааска оҥостон дьону соһутар, сөхтөрөр.
Дьэ, маннык дьикти дьарыктаах биир дойдулаахпыт Дмитрий Трофимов.
Любовь Трофимова, Улахан Күөл