Улахан Күөлгэ оҕо сайыҥҥы лааҕыра үлэлээтэ

Лааҕырга икки сезонунан 15 оҕо хабыллан сынньанна. Манна олохтоох оҕолору таһынан атын улуустан, Дьокуускайтан сайын аймахтарыгар, эбэлэригэр-эһэлэригэр кэлбит сиэттэр тиийэ кэлэн, олус астынан  бардылар.

Быйылгы дьыл иккис сезонугар “Кустукчаан” лааҕыр начаалынньыга Анна Платонова, баспытаатал Федор Трофимов, повар Дария Макарова оҕолору «Завест» уонна «Вип» хамаандаларга  арааран, бэрт сэргэх үлэни ыыттылар.

Урукку кэминээҕи лапта, былаах былдьаһыыта оонньуулары таһынан бэрт элбэх күрэхтэһиилэр буоллулар. Куонкурустар, викториналар тематическай хайысханан ыытылыннылар. Ол курдук, велосипедка аналлаах “Оҕо бастакы тырааныспара” куонкуруска велосипеды киэргэттилэр, кэрэҕэ уһуйууга муода куонкуруһа оҕо айар талаанын арыйда. Саамай кэрэхсэбиллээх күрэҕинэн оҕолор тапталлаах Улахан Күөллэрэ сайдарын, элбэх таас дьиэ тутуллубутун уруһуйдаан, хаһыаты таһаарбыттара буолар. Айылҕалыын алтыһыы тиэмэтигэр Сантараат сайылыкка сатыы походтаатылар. Сайылык оһоҕун билсэн , айылҕаҕа аһаан астынан кэллилэр.

Оҕолор үҥкүүнү сэҥээрэллэрин учуоттаан, диско-батл ыытылынна. Ыраастык туттан олорууга уулуссаны ыраастааһын, оскуола таһын сибэккинэн симээн, көрүү-харайыы оҕолорго эбээһинэс курдук сүктэрилиннэ. Пааматынньыктары харыстааһын чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ Улуу Кыайыыга анаммыт сквери көрдүлэр- харайдылар.

Лааҕыр аһыллыытыгар-сабыллыытыгар   оҕолор олус астынан, ас астаһан, кэнсиэр тэрийэн, ыалдьыттары ыҥыран, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Ити курдук биир сезон бэрт сэргэхтик элэс гынан ааста. Оҕолор тарҕаһан, оҕо саас биир умнуллубат кэмин ахтан-санаан ааһыахтара турдаҕа.

Маны барытын тэрийбит оскуола салалтатыгар, ис сүрэхтэн кыһаллан үлэлээбит лааҕыр үлэһиттэригэр төрөппүттэр, эһэлэр-эбэлэр махталлара улахан. Оскуолаҕа пришкольнай учаастагы тэрийэн, оҕуруот аһын үүннэрэн, кыһын оҕо итии аһылыгар элбэх битэмииннээх бэйэ аһынан аһыыллара  буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.

         Улахан Күөл олохтооҕо Любовь Трофимова