Улахан Күөл олохтооҕо Борис Трофимов күөл былыыгын хостоон, сүөһүгэ-сылгыга минеральнай эбии аһылыгы оҥорон аһатар

Кини маны хостоон, эбиэһи, комбикорму, тууһу булкуйан, балбаах курдук тоҥортуур уонна анаан оҥорбут хоруудаларыгар кутар. Сылгы кэлэ-бара ону салыы сылдьар. Оттон сүөһүгэ бурдукка булкуйан биэрэр. Тыа дьоно оҥостуҥ, туһаныҥ диэн Борис Алексеевич бэйэтин уопутун тарҕатар.

“Күөл былыыгын уруккуттан, сопхуос саҕаттан хостоон, эбии аһылык оҥостоллоро. Былыык микро-макро элеменнэринэн баай састааптаах минеральнай аһылык буолар”, — диэн кини этэр.

Любовь Трофимова