Улахан Күөл оҕолоро ситиһиилэнэллэр

Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ республикаҕа ыытыллар олимпиадаларга, араас конкурстарга актыыбынайдык кытталлар.  Улуус иһигэр ыытыллыбыт олимпиадаларга Слепцов Дьулустаан омук тылыгар (сал. Иванова Виктория) бастакы миэстэни, обществоҕа (сал. Божедонова Наталья) иккис миэстэлэри ылары ситистэ.

«Айардар» тэрийэн ыыппыт «Ааҕарга сүбэлиибин» диэн Буктрейлердар республикатааҕы конкурстарыгар аахпыт кинигэтин рекламалаан, мультик оҥорон,  Хаарчаана Гермогенова  (сал. Пермякова Надежда) бастакы степеннээх дипломунан,7000 солк харчынан бириэмийэлэннэ.

Оскуола иһинэн хаһыс да сылын үлэлиир «Кэрэ  Эйгэ» мода театрын   талааннаах оҕолоро Виола, Хаарчаана Гермогеновалар, Делизия Дормидонтова айан, уруһуйдаан, тигэн оҥорбут «Олоҥхоҕо дьахтар уобарастара» диэн коллекциянан «Таланты Земли Олонхо» диэн республикатааҕы күрэххэ кыттан, бастакы степеннээх лауреат буолары ситистилэр. Ону тэҥэ бу коллекциянан «Сияние Севера» республикатааҕы күрэх бастакы степеннээх дипломаннара буолары ситистилэр. Бу күрэхтэр түмүктэринэн оҕолор Москваҕа, Сочига, Татарстаҥҥа, Кытайга араас конкурстарга, фестивалларга кыттарга ыҥырыы туттулар.

Одьулууҥҥа буолбут «Таланты Земли Олонхо»      конкурска оскуола  2 кылааһын үөрэнээччитэ Сайаан  Трофимов  чабырҕаҕы ааҕыы онлайн күрэҕэр 2 степеннээх дипломант буолан, эмиэ ити ааттаммыт фестивалларга ыҥырыыны тутта.

Ити курдук оскуола оҕолоро, учууталлара ыытыллар тэрээһиннэргэ мэлдьи актыыбынайдык кытталлар. Оскуола салалтата  өйөөн, өйдөөн, кэлэргэ-барарга кэмигэр транспорынан хаачыйар. Онон төрөппүттэр оскуола салалтатыгар, чуолаан директор Иванов Фёдор Фёдоровичка, суоппарбытыгар Макаров Василий Васильевичка махталлара улахан. Оскуола организаторыгар Күндүйээнэ Петровна Кирилловаҕа мэлдьи оҕолору арыаллыыр, көрөр-истэр киһилэригэр эмиэ махталлара муҥура суох.

Любовь Трофимова