Уйулҕа бигэ туруктаныыта олоххо эрэли саҕар

Билиҥҥи үйэҕэ, уларыйа турар кэмҥэ психолог үлэтэ олус суолталаах. Онон бүгүҥҥү «Исписэлиис тырыбыната» рубрикаҕа улуустааҕы психологическай киин дириэктэрин Виктория Борисованы кытта көрсөн кэпсэттим. Кини психологическай ханнык өҥөлөр оҥоһуллалларын уонна туох көмөлөр баалларын туһунан сэһэргээтэ.

 

— Виктория Михайловна, Киин үлэтин туһунан, баһаалыста,  билиһиннэрэ түс эрэ.

— Биһиги СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникациятыгар министиэристибэтин иитинэн үлэлиир өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Чурапчытааҕы салаата буолабыт. Билигин филиалбытыгар иккиэбит. Үһүс штат баар, анал үөрэхтээх исписэлииһи көрдүүбүт. Быйыл аһыллан үлэлээбиппит 20 сылын туолар. Үбүлүөйбүтүн күһүн, улуустааҕы киин бибилэтиэкэ эргэ дьиэтэ толору өрөмүөннэнэн, онно киирдэхпитинэ, бэлиэтиир былааннаах олоробут.

Сүрүн тэрилтэбит сөбүлэҥ түһэрсэн, Саха сириттэн 40-ча исписэлиис былырыын саас Москва куоракка клиническэй психолог идэтигэр үөрэммиппит. Онтон госпиталга үлэлииргэ быраап ылан, графигынан иккилии буолан, биирдии ый үлэлээн кэлбиппит. Билигин да маннык киэбинэн көмөлөр оҥоһуллаллар. Мин Ростов На Дону сүрүн госпиталыгар үлэлээбитим. Бу эмтэнэр сиргэ инники кирбииттэн бааһырбыт байыастары барыларын аҕалаллар этэ. Манна, аан бастаан, ыарыыларынан көрөн салааларынан наардыыллара. Билигин госпиталь тутула уларыйан, ыарахан туруктаах ыарыһахтары кииллэрэр буолбуттар. Маны таһынан Санкт Петербург, Москва уобаластарыгар байыаннай госпиталлар үлэлииллэр. Саха сирин психологтара, сүрүннээн, саха саллааттарын кытта үлэлэһэбит. Быйыл сайын үлэһитим Юлия көмө оҥоро барыахтаах.

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дэлэгээссийэтэ Чурапчыга үлэлээтэ. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэттэригэр биирдиилээн көрсөн, консультациялары оҥордулар. Маны тэҥэ тэрилтэ салайааччыларыгар аналлаах регион психологическай кыһалҕаларын туһунан сэминээри иилээн-саҕалаан ыыттылар. Үлэ түмүгүнэн нэһилиэнньэ психолог өҥөтүн туһаныахтарын баҕаралларын бэлиэтээтибит. Ол курдук, бөлөҕүнэн дьарыкка буолбакка, биирдиилээн консультацияҕа элбэх киһи сырытта.

— Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын чугас дьоно хайдах сыһыаннаһыахтаахтарый?

— Байыаннай дьайыыттан кэлбит байыаска арахпакка кыһаллар сыыһа. Холобур, сорох ийэлэр аһара эпиэкэлииллэр, «салгын” биэрбэттэр. Судургутук «эн аттыгар баарбыт, соҕотох буолбатаххын, өйөбүл буолабыт» диэн өйдөбүлү иҥэриэхтээхпит. Сыыйа, бириэмэ эмтээн, киһи көннөрү олоҕор киириэхтээх. Онуоха чугас дьоно өйөбүл, тирэх, кыһамньы буолуохтаахпыт. Аан бастаан, уолаттар син-биир кыратык булкуллан ылар түгэннэрэ баар буолар. Бу кэмҥэ куһаҕан дьаллыкка да ылларыахтарын сөп. Онно тулуурдаах эрэ буолуохпутун наада.

— Ханнык тэрилтэлэри кытта үлэлэһэҕитий?

— Биһиги нэһилиэнньэ бары араҥатын хабан үлэлиибит. Холобур, улуустааҕы киин балыыһаны кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, Дьахтар консультациятыгар учуокка турар хат дьахталлары кытта үлэлэһэбит. Маны таһынан психолог өҥөтүн үлэ көрдөнөр, усулуобунай болдьоххо буруйдаах дьоҥҥо, КДН  учуотугар турар дьиэ кэргэттэргэ оҥоробут. Оскуолаҕа төрөппүттэр, учууталлар ыҥырыыларынан кылаас оҕолоругар анал дьарыктары ыытабыт. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор уһуйааҥҥа бэлэмнэрин быһаарар диагностиканы оҥоруохпутун сөп. Ону тэҥэ уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта ыкса үлэлэһэбит. «Самоцветы» инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ наһаа үчүгэй бырайыактаахтар. Ол иитинэн араас дьарыктары, биирдиилээн консультациялары оҥоробут.

— Ордук ханнык боппуруоһунан көмө көрдүүллэр?

— Дьон үксүгэр оҕо иитиитигэр, төрөппүт оҕону кытта сыһыаныгар сүбэлэтэ сатыыллар. Кэнники сылларга, бэлиэтээн көрдөххө, эр дьон кэлиитэ элбээн иһэр. Уопсайынан, эр киһи, чуолаан саха киһитэ айылҕаттан ис санаатын иһигэр тута сылдьар үгэстээх. Ол эрээри, бу – пандемия, байыаннай дьайыы киһи олоҕор улаханнык дьайда. Ордук дьиэ кэргэн, үлэ сыһыаныгар баҕа өттүлэринэн сааһылана, сүбэлэтэ кэлэллэр.

— Виктория Михайловна, кэпсэтииҥ иһин махтал! Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

— Психолог – быраас буолбатах, кини ыарыһахтары эмтээбэт. Биһиги киһи ис туруга тупсарыгар, сааһыланарыгар, быһаарыныы ылынарыгар көмөлөһөбүт, эмоциональнай өйөбүлү оҥоробут. Бастатан туран, көмпүүтэргэ анал бырагырааманан диагностика оҥоробут. Ол түмүгүнэн көрөн, тустаах үлэни ыытабыт. Филиалбытыгар массаастыыр кириэһилэ үлэлиир. Баҕалаах киһи массаастаныан сөп. Биһиги өҥөбүт көрүҥнэрэ барыта босхо, үлэ чааһынан үлэлиибит.

Марфа Петрова