Уйгулаан Тулааһынап: «Чурапчы күнүгэр үгүс тэрээһин ыытыллыаҕа»

Балаҕан ыйын 8-9 күннэригэр Чурапчы нэһилиэгин 375 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэниэҕэ. Бэлиэ даатаны көрсөргө СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллибитэ. Хамыыһыйа сыл устата элбэх былааннаах үлэни ыытта. Ону Чурапчы олохтоохторо күннэтэ көрө-билэ сылдьаллар. Хаалбыт аҕыйах күҥҥэ үлэни үмүрүтэн, Чурапчы нэһилиэгэ 375 сылы киэҥ далааһыннаахтык көрсөргө бэлэмнэнэр.

Нэһилиэк баһылыгын бастакы солбуйааччыта Уйгулаан Тулааһынап үөрүүлээх күн бырагырааматыттан сырдатта:

  • Икки күннээҕи бырааһынньыкпыт бырагыраамата барыллаан оҥоһуллан бэлэм. Олортон сүрүннэрин билиһиннэриэм.

 

ППМИ бырагырааматынан 3 бырайыак олоххо киирдэ. “Чараҥ” ТОС-ка ыспартыыбынай былаһаакка 2,5 мөл солкуобайга саҥардыллан өрөмүөннэннэ. “Куоҕалы” ТОС-ка уулуссанан сырдатыыга 95 лаампа турда. Бу икки бырайыак үөрүүлээх аһыллыыта балаҕан ыйын 8 күнүгэр буолуоҕа. Маны таһынан “Киин” ТОС-ка Ефимов аатынан сквер кытыытынан 350 м усталаах тротуар тэлгэниэҕэ, үлэтэ алтынньы 15 күнүгэр түмүктэниэҕэ.

 

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Ленин аатынан уулуссабытыгар кутуллубут асфальт суолбут үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа. Маны сэргэ киирии суолга турар “Витязь с невестой” пааматынньык саҥалыы өрөмүөннэнэн аһыллыаҕа. Өрөмүөнүгэр нэһилиэк бүддьүөтүттэн 3 мөл көрүллүбүтэ.

 

Балаҕан ыйын 9 күнүгэр 375 сыллаах үбүлүөйбүт сүрүн чааһа буолуоҕа. “Формирование городской среды” бырагырааманан 45 мөл оҥоһуллубут Лениммит болуоссатын арыйыахпыт. Тэрээһиннэр барыта манна буолуохтара.

 

Сарсыардаттан оҕолорго аналлаах батуттар, аттракционнар, аниматордар о.д.а., нэһилиэнньэҕэ анаан “Чурапчы” ТХПК, “Маарыкчаан”  ПО, урбаанньыттар быыстапка-дьаарбаҥкалара тэриллиэҕэ.

 

Үөрүүлээх чааска Үлэ сылынан 9 хайысханан 9 туруу үлэһит дьону, ону сэргэ нэһилиэк бочуоттаах гражданиннарын чиэстиэхпит. Биир сүрүнүнэн Чурапчыбыт 400 сылыгар анаан, “Кэм капсулатын” олохтоохтору кытары угуохпут.  Манна кэнэҕэски ыччаппытыгар, оҕолорбутугар анаммыт кэс тылларбыт ананыахтара.

 

Этнограф Владимир Иохельсон 101 сыл аннараа өттүгэр Чурапчы ыһыаҕын хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппитин бары билэбит. Быйыл үбүлүөйдээх сылбытыгар Бөтүгүттэҕэ баран, ону хатылаан, саҥаттан хаартыскаҕа түспүппүт, видеоҕа устубуппут. Ону балаҕан ыйын 9 күнүгэр дьоммутугар-сэргэбитигэр анаан сүрэхтиэхпит.

 

Бу күн күнүскү өттүгэр уус-уран самодеятельность кэнсиэрэ, оттон киэһээҥҥи өттүгэр аһаҕас халлаан анныгар эстрада сулустара кыттыылаах кэнсиэр, үҥкүү ыытыллыаҕа. Билиҥҥи дойдуга буола турар быһыынан улахан фейерверк буолбат.

 

***

Үбүлүөйдээх сылы көрсө, Ыччат политикатын министиэристибэтэ үбүлээн, 21 араас үөрэх кыһатыттан устудьуоннар кэлэн үлэлээтилэр. “Кэнчээри” диэн 3 оҕолоох эдэр ыалларга анаммыт 160 уһаайбалаах микрорайон тутуутугар 7 гаа тыаны солоотулар, нэһилиэк иһинээҕи үрэҕи туоруур муосталары, пааматынньыктары, уопсастыбаннай миэстэлэри кырааскалаатылар, бөҕү хомуйдулар.

 

Елена Макаринская