“Мин көлүөнэм уустук олоҕу олордо: уодаһыннаах сэрии сыллара, хоту көһөрүллүү. Олохпутун дьэ булунан эрдэхпитинэ, уларыта тутуу, иннэ-кэннэ биллибэт ырыынак… Ол эрээри үлэни өрө тутан олохпутугар сирдэрбэккэ кэллибит”, — диэн санаатын үллэстибитэ 70 сааһын туолаары сылдьан, СӨ үтүөлээх учуутала, ССРС уонна РФ физкултуураҕа уонна спорка туйгуна, “Урожай” уопсастыба бочуоттаах чилиэнэ, ХХ-с үйэҕэ спорт лауреата, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Алексей Спиридонович Шадрин. Кини 75 сааһын туолаат, сотору 2004 сыл муус устар 21 күнүгэр бу орто дойдуттан букатыннаахтык арахсыбыта.
1929 сыллаахха кубулҕаттаах кулун тутар ый 19 күнүгэр Чурапчы улууһун Аччаҕар нэһилиэгэр Дьабыйа алааһыгар Шадриннар дьиэ кэргэҥҥэ тохсус, бүтэһигинэн, уол оҕо төрөөбүтэ. Өлөксөй диэн сүрэхтээбиттэрэ. Оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолоро, сахалыы эттэххэ, сиһин этэ ситиитэ, буутун этэ буһуута, холун этэ хойдуута 1 миэтэрэ 82 см үрдүктээх, 110 киилэ ыйааһыннаах, киһи эрэ барыта үөрэ көрөр, саха уолана буола улааппыта. Шадриннар бары даҕаны киппэ, модьу-таҕа көрүҥнээх, бэйэлэрин кыанар удьуордар этилэр. Ол эрээри баардарын биллэрэ сатаабыттара иһиллибэт. Арай Өлөксөй аҕата Испирдиэн Чурапчы Амматыттан тахсар туора үрэххэ баар Соххордьуйа аартыгар балай да ыйааһыннаах тааһы ылан суол кытыытыгар бырахпыта, билигин да онно сытар диэн кэпсээн баар.
Алексей Спиридонович даҕаны биллэ-көстө сатаабатаҕа. Эдэр оҕо быһыытынан арай аҕыйах күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттаах. Педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, 1946 сыллаахха 17 саастааҕар, хамаанда састаабыгар киирсэн, оччотооҕу “Колхозник” уопсастыбаҕа улахан дьоҥҥо хайыһарга өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэспитэ. Хамаанда хапытаана эмиэ бэрт кэмчи саҥалаах Кирилл Пермяков күрэхтэһии иннинээҕи киэһэҕэ: “Өлөксөй, сарсын ыраах сиргэ сүүрэҕин, мэ, бу кыра арыы баар”, — диэт, кумааҕыга сууламмыт дьоҕус арыыны куду анньан биэрбитэ. “Арыы сиэниллибитэ… Үс көс сиргэ сүүрбүтүм. Хайыһарым бэйэбинээҕэр быдан кылгас оҕо хайыһара этэ. Ону тирбэҕэ быалаах ынах этэрбэспэр кэппитим. Улаханнык иилистибиппин өйдөөбөппүн. Холку соҕустук бастаабытым. Эстафетаҕа эмиэ”, — диэн кэлин аа-дьуо ахтара Алексей Спиридонович.
Салгыы 1957 сыллаахха Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьан, ыччаттар уонна устудьуоннар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэригэр киирэн үҥүүнү быраҕыыга күрэхтэспитэ. Кинини ким үөрэтиэ, эрчийиэ баарай? Үҥүү быраҕыытын арай соҕуруу үөрэнэ сылдьан ыраахтан көрөр буолара. Кини көрдөрүүтүн ким да тупсарбатаҕа, чөмпүйүөннээбитэ, саҥа рекорду олохтообута.
Көҥүл тустуу өрөгөйдөөн сайдыбыт, аар-саарга аатырбыт кэмигэр, Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар биллиилээх тириэньэрдэр, аан дойдуга киэҥник сураҕырбыт тустууктар кэлитэлии сылдьыбыттара. Онуоха дириэктэрдэрэ Алексей Шадрин ол аарыма ааттаахтары кытта илии-илиилэриттэн тутуһар, сороҕор хары баттаһар дьээбэлээҕэ. “Иван Ярыгин, Абильсент Айханов (казах омук бухатыыра) киһи сыстыбат, ойуччу кытаанах дьон этилэр. Александр Медведь сымнаҕас илиилээҕэ, албаһынан, сылбырҕатынан дьону баһыйара. Ылгын чыҥыйатынан икки бууттаах гиирэни аспыппыт. Мин көтөхпүтүм. Киһим, тоҕо эбитэ буолла, үөһэ аспатаҕа”, — диэн кэпсиирэ Алексей Спиридонович. Кини биллэр ыспарсымыан аатын сүкпэтэҕэ, арай успуорду көҕүлээччи, тэрийээччи быһыытынан Саха сиригэр дириҥ суолу-ииһи хаалларда.
1948 сыл сааһыгар Чурапчы педучилищетын бүтэрбитэ. Оччолорго педучилище выпускниктарын Саха сирин уһук хотугу оройуоннарыгар ыыталлара. Ким да куотуна, аккаастана сатаабат этэ, үөрэ-көтө тарҕаһарбыт. Алексей оннук саныы сырыттаҕына, түһээн баттаппатах өттүттэн: “Красноярскай кыраай Эбэҥки национальнай уокуругар Дьэһиэй 7 кылаастаах оскуолатыгар Н. Габышевтыын (бииргэ үөрэнэр табаарыһа) учууталлыы бараҕыт. Онно сахалар бааллар, сахалыы тылы билэр учууталлар наадалар”, — диэн соһуппуттара. Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, ханна баарын удумаҕалатан да билбэт сирдэригэр барбыттара. Ууга түһэр самолет сылга иккитэ көтөрө. Сир аайы хаайтаран, үөрэх сыла саҕаланыыта, Дьэһиэйдэрин булбуттара. Оскуола 7 кылаастааҕа, 140-ча оҕо үөрэнэрэ, саха алпаабытынан үөрэнэллэрэ. Бодоруһан биллэххэ, адьас түҥ былыргы, эргэрбит саха тыллара манна бааллара. Алексей Спиридоновиһы дириэктэринэн анаан кэбиспиттэрэ. Дьэ, ол курдук, салайар үлэҕэ бастаан сүрэхтэниитэ ыраах Дьэһиэйгэ 19 саастааҕар саҕаламмыта. Онно 4 сыл үлэлээбитэ. Учуутал, салайааччы быһыытынан уопутурбута, буспут-хаппыта.
Үөрэххэ баҕа Ленинград куоракка тиэрдибитэ. Саха ыччатын биһигэ буолбут А.И. Герцен аатынан педагогическай үнүстүүтү ситиһиилээхтик (кыһыл дипломунан) бүтэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 18 сыл үөрэх миниистиринэн үлэлээбит Н.И. Шарины, талааннаах тириэньэр Д.П. Коркины, биллиилээх тустууктары В.Г. Румянцевы, К.П. Григорьевы уо.д.а. кытта бииргэ үөрэммитэ, кэлин кини дьылҕатыгар үтүө сабыдыалламмыта.
Дойдутугар, Сахатын сиригэр эргиллэн кэлэн Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар дириэктэринэн анаммыта. “Үчүгэй дьонноох-сэргэлээх, ыччаттаах оройуон этэ, бэркэ табыллан үлэлээбитим”, — диэн ахтара Алексей Спиридонович. Үлэлээтэҕин иккис сааһыгар, Н.Н. Тарскай оскуолаҕа кэлэ сылдьыбыта. Спортивнай үлэ үчүгэйдик ыытылларын хайҕаабыта, саала тутарга өй укпута.
Сайын үөрэх миниистирэ З.П. Саввин ыҥыртаран ылбыта. “Булуҥ оройуонугар Күһүүргэ саҥалыы тииптээх оскуола-интэринээти аһабыт. Оройуон киинэ Тиксиигэ көһөр. Арыый эрэнэр, кыахтаах дьоммутун бу оскуолаларга ыытабыт. Баран дириэктэрдээ”, — диэн быһаччы эппитэ. Күһүүргэ тиийбитэ – саллыылаах дойду этэ, хайаларын үрдэ хаарынан кылбайан олороллоро. Бастаан утаа, төннүбүт киһи диэн санаалар кииртэлээн ааспыттара. Онтон дьэ саҕаламмыта, өрөбүлэ, сынньалаҥа, эбии төлөбүрэ да суох үлэ.
Саҥа дириэктэр кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин үлэҕэ түмпүтэ. Оччолорго оскуолаларга саҥа олохтонон эрэр оҕо бэйэтин бэйэтэ дьаныһыытынан уонна үлэҕэ иитиини кытаанахтык киллэрбитэ.
Эргийэн-эргийэн, 1963 сыл сэтинньи саҥатыгар дойдутугар Чурапчыга кэлбитэ. Интэринээт-оскуолаҕа дириэктэринэн анаммыта. Оччотооҕуга оскуола базата быстар мөлтөҕө. Ол эрээри көҥүл тустуу саҥа сайдан эрэрэ. Дмитрий Коркин манна үлэлии кэлбит кэмэ этэ. Дмитрий Петровиһы өйүөххэ, базаны тэриниэххэ наадатын Алексей Спиридонович үчүгэйдик өйдөөбүтэ. Эмиэ учууталларын, оҕолорун түмэн, бэйэ күүһүнэн мас кэрдэн, тиэйэн-таһан икки спорт сааланы уонна Дмитрий Коркин олорор тэлгэһэтигэр баар, көрбүт эрэ барыта биһириир сайыҥҥы манеһын туппуттара. Элбэх туруорсуу түмүгүнэн, 1966 сыллаахха оҕо спортивнай оскуолата саҥа босхоломмут каадырдарынан хааччыллыбыта. Салгыы икки олорор дьиэ, баанньык, таҥас сууйар дьиэ, гараас үлэҕэ киирбиттэрэ. Интэринээт-оскуола иитиллээччилэрин ситиһиитэ Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, Сойууска, атын дойдуларга, бүтэһигэр Олимпийскай оонньууларга тиийэ дорҕоонноохтук дуораһыйбыта. В. Карпов, И. Федосеев, С. Макаров, Н. Захаров, Р. Дмитриев, П. Пинигин, А. Иванов саха норуотун албан ааттаабыттара, интэринээт-оскуоланы “тустуу университетынан” сүрэхтээбиттэрэ. Маннык үрдүк спортивнай көрдөрүүнү ситиспит тыа оскуолата баарын истэ иликпин. Бу Алексей Спиридонович үлэлээбит үлэтин үрдүк чыпчаала этэ.
Дмитрий Коркин уһулуччулаах тириэньэр буоларын ким да мэлдьэспэт. Ол эрээри Алексей Спиридонович көнө сүрэхтээх атас-доҕор, салайааччы өйөбүлэ Дмитрий Петрович ситиһиитигэр улахан көмө буолбута саарбаҕа суох. Бэйэлэрин дьиэлэригэр олордо сылдьыбыттара, ыал-кэргэн буоларыгар сүбэ-ама буолбуттара, дьиэтин-уотун тэринэригэр көмөлөспүтэ, араас кэпсэтиилэргэ, туруорсууларга Дмитрий Петрович Алексей Спиридоновиһы дурда-хахха оҥосторо, истиэнэ курдук эрэнэрэ.
Спортивнай оскуолаларга үлэлээбит сылларыгар сүүһүнэн ааҕыллар спорт маастардара, спортивнай үктэл саамай үрдүкү чыпчаалыгар дабайбыт албан аатырбыт спортсменнар, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатыгар биллэр кылааты киллэрсибит уонна үлэлии сылдьар дьоҕурдаах ыччаттар үүнэн таҕыстылар.
Алексей Шадрин тугу-тугу үлэлээбэтэҕэ баарай?! Интэринээт-оскуолаҕа олоҕун булунан, кэскиллээхтик үлэлии сырыттаҕына, ойутан киллэрэн, райсэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан быыбардаппыттара. Үрдүк дуоһунаһы соччо сөбүлээбэтэҕэ, иһигэр ылымматаҕа. Түөрт сыл үлэлээн баран интэринээт-оскуолатыгар төннүбүтэ. Куоракка истибэт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуолатыгар балай да уһуннук дириэктэрдээбитэ.
Дьиҥинэн, Алексей Спиридонович Саха биир ыччатыгар улахан олоҕу олорон ааста. Иннэ-кэннэ суох бүүс-бүтүннүү ыччакка, ыччаты иитиигэ анаммыт олоҕу! Оттон кини педагогиката бэйэтэ туспа, ураты, норуоттан тахсар диириҥ силистээх, мутуктаах. Кини дьиҥ сахалыы өйүнэн-санаатынан ылбыт теоретическай, педагогическай, методическай билиилэригэр тирэҕирэн, бэйэтин норуотун педагогикатын үс хайысхатын тутуһан үлэлээбит эбит диэн түмүккэ кэлэҕин.
Алексей Шадрин үөрэҕэ суох тыа ыалыгар төрөөбүтэ, иитиллибитэ. Ынах хомуйан, ньирэй эмтэрэн улааппыта, оҕус муннун быатын соһор буолуоҕуттан от-мас үлэтигэр эриллибитэ, үлэ тыынынан тыыннаммыта, үлэни өрө туппута, үлэни олоҕун илгэтэ оҥостубута. Үлэнэн иитии педагогикатын киниэхэ төрөппүт ийэтэ, аҕата иҥэрбитэ.
Кини үлэлээбит оскуолаларыгар оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар аналлаах базаны бастатан туран тэрийэрэ уонна үөрэнээччилэр, иитээччилэр физкултууранан уонна спордунан дьарыктаналларыгар кыаҕы биэрэрэ, бэйэтинэн кытта көҕүлүүрэ.
Бэйэтин норуотун муударай педагогикатын этигэр-хааныгар иҥэринэн, ону бары өттүнэн аныгы педагогическай наука ситиһиилэригэр олоҕуран салгыы сайыннаран, саҥа үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ, эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга саҥа суоллары арыйбыт, сүҥкэн кылааты киллэрбит ХХ-с үйэ уһулуччулаах дириэктэрэ Алексей Спиридонович Шадрин этэ диэтэхпинэ, арааһа, алҕаһаабатым буолуо.
Михаил Пермяков, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй