Бу орто дойдуга оройбутунан түһүөхпүтүттэн тула өттүбүтүн көрүнэн барыга-бары үөрэнэбит, үөрэтэбит. Бастаан утаа ийэбит, аҕабыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт үөрэхтэрин ылабыт, онтон оскуолаҕа киирэн учуутал кэпсиирин ылынан, үөрэхтээх дьон буолабыт.
Учуутал иннигэр сүгүрүйбэт, кини аатын үрдүктүк ааттаабат киһи суох буолуохтаах. Кинилэри хоһооҥҥо хоһуйабыт, ырыаҕа ыллыыбыт. Учуутал баар буолан бу суруйан, бэчээттээн тобугурата олордоҕум, кинилэр баар буоланнар аан дойду киһитэ үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх буолан сырыттаҕа.
Бүгүн ааҕааччыларбар Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын настаабынньык учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, “Улуус сайдыытыгар үтүөлэрин иһин”, “Улуус үөрэҕин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына Вера Михайловна Пермякова оскуолаҕа айымньылаах үлэтин туһунан  билиһиннэриэм.

 2023 сыл дойдубутугар Учуутал уонна настаабынньык сылынан биллэриллибитэ. Настаабынньык тиэмэтэ, биллэн турар, саҥа буолбатах. Үөрэтии-иитии хаамыытыгар кини баара, баар даҕаны буолуо. Аныгы таһымҥа, мин санаабар, үөрэх уонна иитии хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан уопуттаах педагогтар эдэр учууталлары кытта биир ситимҥэ үлэлиэхтээхтэр. Ол үлэ кыттыгас бырайыактары эрэ оҥоруунан муҥурдаммакка, биир-икки үөрэнээччи туһугар буолбакка, бүтүн кылаас ситиһиитин туһугар ыытыллара ордук түмүктээх буолара биллэр.

Былыр-былыргыттан настаабынньык көмөтүнэн үөрэҕэ суох буолууну утары охсуспуттара, начаалынай, ситэтэ суох орто уонна орто үөрэх кыһаларын, кылааска хаалыы кыһалҕаларын уо.д.а. быһаарбыттара.

— Вера Михайловна, мэлдьи учуутал буолар санаалааҕыҥ дуу эбэтэр атын идэҕэ туттарсан көрбүтүҥ дуу?

  • Суох, мин кыра эрдэхпиттэн эдьиийдэрим учууталлар этэ. Онон эрдэттэн оскуола эйгэтигэр улааппыт киһибин. Аҕам учууталлыыра, ийэм оскуола үлэһитэ этэ. Ол да иһин буолуо оҕо сааспыттан бу орто дойдуга оскуола эрэ баар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Ис испиттэн оскуола эрэ миэхэҕэ баара, ол иһин оскуоланы үөрэнэн бүтэрэн бараммын Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа, эдьиийим начаалынай кылаас учуутала буоларын быһыытынан, алын сүһүөх кылаастары үөрэтэр салааҕа туттарсаммын киирбитим, улахан кылаас оҕолорун үөрэтэргэ тардыспатаҕым. Бэйэбин бастакы кылааска, Саха АССР үтүөлээх учуутала Анна Константиновна Эртюкова диэн наһаа үчүгэй учууталга түбэһэммин үөрэммитим, ол иһин буолуо кини сырдык уобараһа харахпар букатыннаахтыы хаалан хаалбыт. Билигин даҕаны учуутал диэни начаалынай кылаас эрэ учууталын курдук саныыбын.

— Төрүттэргэр педагогтар бааллар дуу?

  • Бэйэм төрдүм Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэ. Ийэм Татьяна Михайловна Слепцова диэн Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай чугас аймаҕа. Кинилэр чугас аймахтыы буолалларынан, төрөөбүт Дэлбэрийбит уонна Ньырылах диэн алаастара кэккэлэһэ тураллар. Ол онно кини аҕата уонна Платон Алексеевич бииргэ улааппыттар. Сайылыктара билигин аатырар Тохтобул диэн сиргэ турбут. Эһэм Михаил Афанасьевич Слепцов диэн. Итинник кэпсээн бардахха устуоруйалара сүрдээх дириҥ уонна халыҥ. Онтон аҕам Михаил Федотович Сунхалыров учуутал этэ. Кини бэйэтэ Чурапчыны кытары сибээстээх устуоруйаҕа киирбит киһи. Сэрии кэмигэр Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ сылдьан, устудьуоннар көмө харчы ыыталларын туоһулуур Сталиҥҥа телеграммаларыгар, бастыҥ үөрэнээччи буоларын быһыытынан Михаил Сунхалыров диэн илии баттаан ыыппыт киһинэн буолар. Онуоха сотору буолаат, таб. Сталинтан “отличнику учебы Михаилу Сунхалырову” диэн махтал сурук ыыппыта мусуойга хараллан сытар. Кини бэйэтэ хара өлүөр диэри учууталынан үлэлээбитэ, ийэм оскуолаҕа кассирдаабыта. Онтон династия быһыытынан эттэххэ аҕам учуутал этэ, онтон бэйэм учуутал буолбутум ол кэнниттэн кыыһым Айна Егоровна учууталлыы сылдьар, кэргэним Таппааһай уола Мындыр Куйаар эмиэ учууталлаабыта. Онон аҥардас Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар биһиги аймах педстажпыт 60-тан тахса сыл буолар. Бэйэм Чурапчы орто оскуолатыгар 37-с сылбын үлэлии сылдьабын. Бастакы сылбын Чөркөөх орто оскуолатыгар саҕалаабытым. Ол онно чугас аймаҕым Екатерина Петровна Чехордуна диэн билигин Олоҥхо педагогикатын салайааччыта. Кини миэхэ бастакы настаабынньыгым этэ. Оччотооҕу настаабынньык диэн бу эдэр учуутал киһини туохха барытыгар үөрэтэрэ: уруоктаан саҕалаан былаан суруйуута, оҕону кытары үлэҕэ, тугу барытын көрө сылдьан ийэлии сыһыаннаһан учуутал эйгэтигэр киллэрэ чугас киһиҥ. Учуутал идэтэ диэн наһаа уустук, киирдиҥ даҕаны сууйан-тараан үлэлээн киирэн барбаккын. Ис кистэлэҥэ наһаа элбэх. Урут уруккуттан настаабынньык диэн хайаан даҕаны учуутал киһиэхэ ананар, хайаан даҕаны кинини билии суолугар киллэрэн биэрэр ураты киһи баар буолара.

Онтон 1986 сыллаахха, кэргэн тахсан бараммын манна Чурапчы орто оскуолатыгар ананан кэлбитим. Ол онно миэхэ бастакы настаабынньыгынан Роза Семеновна Макарова диэн наһаа үчүгэй начаалынай кылаас учуутала анаммыта. Ол иһин билигин мин бэйэм настаабынньыктарбар, учуутал идэтигэр иҥэн-тоҥон киириибэр үтүөлэрин иһин улахан махталлаахпын.

Вера Михайловна Пермякова, күндү дьүөгэм, убаастыыр коллегам үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр ааҕааччыларга саамай тоҕоостоох. Мин кинини Чурапчы орто оскуолатыгар үлэбин саҕалыахпыттан билэбин. Ол 1989 сыллаахха этэ. Вера оччолорго оскуола эдэр, кэскиллээх учууталларын ортолоругар үлэтигэр ураты эппиэтинэстээх, салайар дьоҕурдаах, оҕолор, төрөппүттэр итэҕэллэрин ылан эрэр учуутал этэ. Онно кини устудьуонну сылдьанө тутуу этэрээтин хамандыыра, бэйэтин кууруһугар комсорг, староста буолбута. Бэйэтин саастыылаахтарыгар лидер быһыытынан биллэрэ үлэһит буолуутугар төһүү күүс буолбута саарбахтаммат. 90-с сылларга үөрэх систиэмэтигэр балысхан уларыйыылар киирбит кэмнэрэ этэ. Чурапчы орто оскуолата бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх буоларыгар, Вера Михайловна киллэрбит кылаата билиҥҥи да кэмҥэ улахан суолталаах. Ол курдук кини, Чурапчы нэһилиэгин илин баһыгар баар 5-с куорпус диэн аатынан биллэр начаалынай оскуола куорпуһугар биир санаанан ыалдьар, айар-тутар баҕалаах учууталлар мустан үлэлиирбитигэр баар-суох бас-көс киһибитинэн буолбута. Бу сылларга улуус, өрөспүүбүлүкэ Бүтүн Арассыыйа таһымыгар көмүскэммит “Ребенок – уникальная саморазвивающая система” диэн бырагыраамманы оҥорсубут, көмүскээбит учуутал буолар. Маҥнай бырагыраамма оччотооҕу кэм сиэринэн нууччалыы суруллубута. Онтон омукпут уратытын, оҕону иитиигэ туспа ньымалардааҕын өйдөөн, 2007 сыллаахха Москва куоракка үөрэҕирии сайдар оҥкулун оҥорор “Эврика” куонкуруска кыттан, сахалыы тыыннаах бырагыраамманы бигэргэттэрэн кэлбит тус өҥөлөөх киһинэн Вера Пермякова буолар. Бу бырагыраамма иһинэн: “Сайдам”, “Толбул”, “Иэйии”, “Ил-турук” диэн оҕону сайыннарар авторскай хайысхалар суруллубуттара. Вера сахалыы мындыр толкуйунан, эппиэтинэстээҕинэн, дьону тылыгар киллэрэр талааннааҕын биһиги дьиҥ-чахчы билбиппит, холобур оҥостубуппут. Бырагыраамма СӨ үөрэҕин министиэристибэтинэн бигэргэммитэ, бэчээттэммитэ. Алын сүһүөх кылаас учууталын үлэтэ – күн аайы оҕолору кытары алтыһыы, кинилэр үүнэн сайдан тахсалларыгар саҥаттан-саҥа суолу тобулуу буоларын, Вера Михайловна бэйэтин үлэтинэн-хамнаһынан толору көрдөрөр. Кини төрөөбүт төрүт тыл хас биирдии киһи тирэҕэ, күүһэ буоларын оҕолорго тиэрдэр, өйдөтөр, судургута суох соругу туруорунан үлэлии сылдьар. “Дорҕоон айана” диэн бэйэтин коллегаларын кытары оҥорбут анал бырагыраамматынан, оскуола алын сүһүөх кылаастарын үөрэнээччилэригэр уруогу таһынан дьарыктары ыытар. Оҕолор сахалыы таба саҥаралларыгар, суруйалларыгар олук уурар. Вера Михайловна — дьиэ кэргэн Далбар Хотуна, иһирэх кэргэн, ийэ, эбэ. Бииргэ үлэлиир коллегаларыгар аҕа сүбэһит, талааннаах учуутал буоларын астына бэлиэтиибин”.

 Айталина Коркина – Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ.  

 

— “Учуутал идэтин талбатаҕым буоллар, атын сиргэ үлэлиэм этэ” диэн санаалар охсуллан ааһаллар дуо?

  • Киһи бастаан, эдэр сырыттахха “оскуолаттан бардахпына тугу үлэлиэм этэй?” диэн санаа киирэр курдук буолар этэ. Кэнники төһөнөн уһуннук үлэлиигин даҕаны, биир оччонон ханна даҕаны, хайа да балаһыанньаҕа учууталтан ордук идэни киһи көрбөт буолар эбит. Бу идэҥ кэнниттэн атын ханнык да үлэҕэ туоххунан да барсыбат буолан хаалар эбиккин.

— Бастакы ыыппыт уруоккун өйдүүгүн дуу? Хайдах ааспытай?

  • Маҥнай үлэлии кэлээт даҕаны бастакы кылаастары үөрэтэ ылбытым. Ол онно киирэн ыыппыт уруокпун өйдөөн бөҕө буоллаҕа. Олуһун долгуйан, онно бастакытынан үлэһит киһи быһыытынан, ким эрэ иннитигэр диэн буолбакка, бэйэҥ барытын айан-тутан, саҥаран-иҥэрэн үөрэтэриҥ – ол хаһан даҕаны умнуллубат, өйгө-санааҕа хаалан хаалар.

— Уустук майгылаах оҕолор бааллар дуу? Хайдах үөрэтэҕин?

  • Оҕо арааһынай буолар. Төһөнөн кини уустук майгылаах кинини биир оччонон таптыаххын наада. Уустук майгылаах оҕолор биир үксүн учууталга наһаа чугас буолаллар. Учууталларын хаһан даҕаны умнубат буолаллар. Эн кинини төһөнөн бэйэҕэр сыһыараҕын, төһөнөн таптыыгын, кини туһугар кыһаллаҕын да оҕо ону барытын этинэн-хаанынан билэр. Кэлиҥҥинэн бэйэтэ сыстан, арыллан үчүгэйин барытын көрдөрөр буолар. Онтон бэйэҕэ киллэрбэтэххэ дьэ оччоҕуна ыарахаттар үөскүүллэр.

— Сорохтор “оҕо оскуолаҕа ааҕан киирэрэ ордук”, атыттар “учууталлар хамнастаах үлэһиттэр, аахтардыннар” дииллэр. Эн санааҥ хайдаҕый?

  • Бэйэм уопуппуттан көрдөхпүнэ, оҕо оскуолаҕа ааҕар буолан киирэрэ туох даҕаны куһаҕана суох. Оҕону хайа да балаһыанньаҕа мөхпөккө, тэйиппэккэ үөрэтэр ордук. Ааҕыы диэн саамай кылаабынай. Ханнык баҕарар оҕо улам сыстан аахпытынан барар. Ааҕыыттан үөрүү, астыныы, дуоһуйуу кинилэргэ үчүгэйинэн эрэ дьайар.

Вера Михайловна биһиги биир уопуттаах учууталбыт, настаабынньыкпыт буолар. Кини бу үлэлиирин устата элбэх көлүөнэ ыччаты ааҕарга, суруйарга үөрэтэн, кэрэҕэ угуйан, сатабылларын сайыннаран үлэлээн-хамсаан кэллэ. Үөрэхтээһиҥҥэ бэйэтэ кылаатын киллэрбит киһинэн буолар, методическай үлэҕэ эмиэ улахан кылааттаах киһи. Ааптарскай бырагыраамма со автора, алын кылаас оҕолоругар анаан оробуочай тэтэрээттэри оҥорууга, улахан, элбэх үлэни ыыппыттара. Осуола устуоруйатыгар биһиэхэ улахан буукубанан суруллар, убаастанар киһи буолар. Кини баай уопута уонна кини үлэлээн-хамсаан кэлбит холобура диэххэ, биһиги кининэн киэн туттабыт, кинини холобур оҥостобут. Кини билигин эдэр учууталларга настаабынньык буолар, оскуола инновационнай үлэтигэр эмиэ бэйэтин кылаатын киллэрэр, саҥаны арыйарга, оскуола сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэр киһи буолар”.

 Надежда Уарова – Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэрэ

— Оскуолаҕа барбаппын диэн кыккыраччы аккаастанар оҕолору хайдах бэлэмниибит?

  • Арай биир дьыл, Билии күнүн саҕана, ийэтэ үөрэтэн-көтөн, оҕотун сиэтэн оскуоланы көрдөрө аҕалбыта. Онно көрсөн кэпсэппиппит: “Һичиэ, оскуолаҕа киириэххин баҕараҕын дуо?” – диэн бараммын үчүгэй эппиэти кэтэспитим, киһим: “Кэлиэхпин олох баҕарбаппын”, — диэн турардаах. Оскуола диэн киһи үөрэтэр-көтөр, элбэх саҥа табаарыстанар, киһи саамай үчүгэйдик сылдьар сирэ. Ону оҕо эмиэ бэйэтэ түргэнник билэр уонна тутатына тардыспытынан барар.

— Вера Михайловна, төһө кытаанах учууталгыный, “икки” сыананы төһө туруораҕын?

  • Начаалынай кылааска оҕоҕо икки сыананы туруоруу сүрдээх аҕыйах буолааччы. Бэйэбин кытаанах учууталбын диэн санаабаппын гынан баран ирдэбиллээхпин.

— Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто  оскуолатыгар оҕо ахсаана элбэх. Үөрэтэргэ төһө уустугуй?

  • Тыа сиригэр оҕотун ахсаана элбэҕинэн бэйэтэ ураты оскуола. Алта параллель кылаас буолан үөрэтэбит, аҥардас начаалынай кылаас учууталлара 26-быт. Ол сыалай биир кыра оскуола кэлэктиибин саҕа. Элбэх киһи барытыгар саба түһэн ылсан үлэлэһэр буолан биһиги оскуолабыт үлэтэ наһаа таһаарыылаах. Биир санаанан күүһү, билиини холбоон үлэлээһин түмүгэр үгүс методическай босуобуйалар, учуобунньуктар, тэтэрээттэр өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар ананан тахсыбыттарынан киэн туттабын. Оскуола диэн оҕо саамай сөбүлээн сылдьар сирэ буоллаҕына үөрэнээччи тардыһар, оччоҕуна кини үөрэниэн баҕата уһуктар.

— Алын сүһүөх кылаас учууталлара хантан уопут ылаҕыт, санаа атастаһаҕыт?

  • Куурстарга сылдьан үөрэнэбит уонна методическай холбоһук диэҥҥэ начаалынай кылаас учууталлара бары түмсэммит, бииргэ үлэлиир буоламмыт, уопут атастаһыыта ол онтон тахсар. Сонун уруоктарга наар сылдьабыт, арааһынай куонкурустарга кыттабыт. МО иһинэн тиэмэ ылан үлэни түмэбит. Элбэх учуутал үлэлиир буолан уопуппут улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тарҕанан инньэ гынан, эппиккэ диэри өрүү формаҕар сылдьаҕын, сырдыкка, үрдүккэ талаһаҕын.

— Оҕону быһаччы үөрэтэр учуутал ыраахтан үөрэҕи туох дии санаатыҥ? Тугу уларытыахха, эбиэххэ сөбүй?

  • Хамсык ыарыы турбутунан, дистанционнай үөрэх диэн ирдэбил этэ буоллаҕа. Биллэн туран, учууталы туох даҕаны солбуйбат. Урут даҕаны, билигин даҕаны кэлэр көлүөнэни көмпүүтэр, робот солбуйуо, дуоска уһуйуо дииллэр. Ол гынан баран, чуолаан начаалынай кылааска учууталы, кини тыыннаахтыы үөрэтэрин, кини тапталын, кэпсэтэрин-ипсэтэрин туох даҕаны кыайан солбуйбат. Начаалынай кылаас учуутала оҕону ааҕарга, суруйарга, суоттуурга эрэ үөрэтэр диэн буолбатах. Бастатан туран, оҕону киһи быһыытынан иитэн таһаарыы. Ийэни туох даҕаны солбуйбатын курдук, тыыннаах учуутал сыһыана, иэйиитэ эмиэ тугунан даҕаны солбуллубат. Ол иһин тэйиччиттэн үөрэх, ордук начаалынай кылаас оҕолоругар охсуута сүрдээх улахан. Оҕо хайа да балаһыанньаҕа төлөпүөнүнэн кыайан үөрэммэт. Итиннэ саамай көмө буолар дьоммутунан төрөппүттэрбит эрэ буолаллар. Хайаан даҕаны төрөппүт оҕотун кытары бииргэ буолара ирдэниллэр.

— Түөрт уонтан тахса сыл учууталлаабыт педагог идэҥ үтүө, мөкү өрүттэрин ааҕыаҥ буолаарай. Баҕар, толкуйдана сылдьар эдэр дьон туһаныа. 

  • Учуутал идэтин киһи ылбычча мээнэ талбат. Чахчы дууһабын ууран тураммын үлэлиэм уонна оҕолору чугастык ылынабын диир эрэ киһи маҥнайгы хардыыларын оҥоруон сөп. Мээнэ кэлэн, ааһан иһэн толоруллар үлэ буолбатах. Манна эн дууһаҕын, бириэмэҕин, тапталгын бүтүннүүтүн аныыр идэҥ буолар. Учуутал үлэтэ диэн айымньылаах үлэ. Эн түүннэри-күннэри толкуйдааҥҥын, сатабылгын анааҥҥын, уруогун хас биирдии ымпыга-чымпыга барыта айымньыны ирдиир. Билиигин өрүү хаҥатына, саҥаттан саҥаны билэ, настырыанньалаах, чэгиэн-чэбдик буолуоххун наада. Учуутал диэн бэйэтин-бэйэтэ өрүү төгүрүччү сайыннарар киһи.

— Учуутал чопчу уруогун ыыппакка, үгүс бириэмэтэ докумуону толорууга барар дииллэр.

  • Билиҥҥи бириэмэҕэ учууталга улахан мэһэй буолар документация киирдэ, үрүт-үөһэ отчуот, кумааҕыны кытары үлэ. Бу дьэ учуутал үлэтигэр мөкү өрүт буолар. Эн оҕону кытары үлэлээбэккэ кумааҕыга бириэмэҕин биэрэр бириэмэҥ элбээн иһэр.

— Арай, дойду үөрэҕин миниистирэ эбитиҥ буоллар үөрэххэ чопчу тугу уларытыаҥ этэй?

  • Эрдэ да эппитим курдук отчуот үлэтин аҕыйатааһын киириэ этэ. Учуутал оҕону кытары элбэхтэ үлэлииригэр бириэмэни биэрээһин. Учуутал айымньылаахтык үлэлииригэр тирэх буолааһыны тэрийии. Бэйэм 44 сыл устата үөрэҕирии хас даҕаны түһүмэҕин аастым: Сэбиэскэй оскуоланы, ырыынак кэминээҕи оскуоланы, концепция кэмин оттон билигин бу ФГОС кэмигэр үлэлии сылдьабын. Бу кэмнэрбиттэн саамай-саамай үтүө кэм – концепция киириитэ этэ. Хас биирдии оскуола, хас биирдии улуус бэйэтэ төрөтөн таһаарбыт сирэйдээх-харахтаах, тиэмэлээх, былаһааккалаах. Онно хас биирдии оҕо уратытыгар тирэҕирэн, тус сайдыытыгар туһаайан норуот педагогикатын туттан үөрэтэр кэм этэ. Билиини эрэ биэрии буолбакка, иитиигэ, сайдыыга тирэҕирэн үөрэтиигэ болҕомто ууруллубута, түмүктээх буолбута билигин да көстөр. Ол саҕана 5-с куорпуска үлэлии сылдьан Олоҥхо педагогикатыгар олоҕуран “Ситии” оскуолатын моделын оҥорон үлэлэппиппит Арассыыйаҕа тиийэ биһирэммитэ, улахан исписэлиистэр киэҥ сэҥээриилэрин ылбыта. Хас биирдии оскуола бэйэтэ туспа уратытынан үлэлиир кэм этэ, онно хас биирдии учуутал бэйэтин кылааһын уратытынан таһаарара. Ол концепция үтүө түмүктэрэ билигин даҕаны дьэҥкэтик көстөллөр, биллэллэр. Хас биирдии учуутал, оскуола айымньылаахтык үлэлииригэр, бэйэлэрэ суоллаах-иистээх, сирэйдээх буолалларыгар кыахтары биэриэм этэ диэн саныыбын.

— Учуутал үлэтин көрдөрүүтүн тугунан сыаналыахха сөбүй?

  • Ити үөрэхтээһин баарын тухары улахан мөккүөрдээх боппуруос. Мин бэйэм испэр саамай абааһы көрөрүм диэн оҕо үрдүк үөрэххэ киириитинэн уонна ЕГЭ-ни туттарыытынан сыаналааһын. Ити мин бэйэм сааһым тухары испэр утарар утарыым. Оскуола үлэтэ диэн мин саныахпар бастатан туран киһини иитэн таһаарыы. Урут үрдүк эрэ үөрэхтээх киһи элбэҕи ситиһэр диэн өйдөбүл баар этэ. Оттон билигин сэттэ да үрдүк үөрэхтээх киһи тугу даҕаны ситиспэт эбит диэнин олох бэйэтэ көрдөрдө. ЕГЭ-ни үчүгэйдик туттарбыт оҕолор үчүгэй дьон буолан тахсыыларын туох даҕаны мэктиэлээбэт. Ол инниттэн оҕону киһи быһыытынан, кини олоххо миэстэтин булуутугар, дьиэни-уоту сатаан тэринэр, сатаан ийэ-аҕа буолар кыахтаах, уопсастыбаҕа табыллан үлэлиир, бэйэтин бэйэтэ сайыннарар, толкуйдаах киһини иитии – бу буолуохтаах оскуола саамай үрдүкү көрдөрүүтэ. Хомойуох иһин бу көрдөрүү ханна да бэлиэтэммэт, суолталаммат. Дьиҥэр ити оскуола саамай бастакы соруга диэн саныыбын.

— Учуутал аатын-суолун үрдэтэр туһугар туох үлэ ыытыллара нааданый?

  • Бэйэм хас эмэ кэрдиис кэмҥэ үлэлээбит буоламмын, Сэбиэскэй кэмҥэ курдук учуутал аатын үрдүктүк тутуу курдук бириэмэ ааспытын билбитим ыраатта. Сэбиэскэй уонна концепция сылларыгар учуутал идэтэ саамай үрдүктүк тутуллубут кэмнэрэ этэ. Норуот онно бэйэтэ, учууталга бочуоттаахтык, чиэстээхтик, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар этэ. Билигин үөһэттэн ыйыынан итиэннэ бэлиитикэнэн учууталга сыһыан таһыччы уларыйан хаалла. Билигин учууталга сыһыан уларыйбытыттан хомойо саныыбын. Уопсастыба өттүттэн учууталга ыйыыны-кэрдиини толорооччу, оҕо көрөөччү курдук сыһыан баар буолла. Ити учуутал, билиини эрэ биэрээччи диэн быстах өйдөбүлтэн тахсар. Норуот хаһан баҕарар, учуутал оҕоҕо оруолун өйдүөҕэ, сыһыана уларыйыа диэн эрэлим сүппэт. Ону өйдөтөргө биллэн туран үлэ барыан наада.

— Хас кылааһы бүтэртэрдиҥ?

  • Билбэппин ээ (күлэр). Ким билэр, олох чуолкайдык итиннэ эппиэттиир кыаҕым суох. Билигин нуучча тылын учууталынан үлэлиибин. Ол иннинэ 8-с дуу, 9-с дуу выпустаахпын (үөрэр). Учуутал идэтигэр быһа барыллаан 20-тэн тахса үөрэнээччим үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онтон атыттар ханнык идэлэргэ үлэлии сылдьалларын кыайан учуоттаабаппын, аахпаппын. Урут үөрэппит оҕолорбун көрсүтэхпинэ наһаа үөрэбин, долгуйабын. Онно бастатан туран кинилэр олохторун-дьаһахтарын туоһулаһабын, үөрэхтэрин, дуоһунастарын буолбакка эрэ чуолаан олохторун, ийэ-аҕа буолбуттарын, хас оҕоломмуттарын, ханна олороллорун. Тыа сиригэр олороллорун иһиттэхпинэ өссө үөрэбин. Кинилэр эрэ этэҥҥэ буоллуннар диэммин төһө оҕону үөрэппиппэр, кинилэр тус үлэлэригэр, суоту-учуоту ыыппаппын.

 

  • Настаабынньык диэн кимий?
  • Бэйэм кэммэр “Школа молодого учителя” диэн түмсүүгэ салайааччынан үлэлээбитим, ону эмиэ настаабынньыктааһын диэн быһаарабын. Ол кэнниттэн улууска начаалынньай кылаастар холбоһуктарыгар киирэммин үлэлии сылдьыбытым, ол улуус бары алын сүһүөх кылаас учууталларыгар настаабынньык диэн саныыбын. Итини таһынан “Школа 2100” диэн оччолорго сабыс-саҥа технология кэлбитэ онно улууска салайааччы быһыытынан үлэлээбитим. Ону сэргэ оскуолабар уонтан тахса, сүүрбэччэ да сыл диэтэхпинэ алҕаһаабатым буолуо МО салайааччытынан үлэлээбитим, оччолорго учуутал методическай өттүнэн сайдыытыгар үлэлэһэр киһи буолар этим, ону эмиэ настаабынньыктааһын диэн саныыбын. 1994 сыллаахха улууска аан бастакынан “Олоҥхо педагогиката” диэни киллэрбиппит. Онно биһиги оскуола наһаа күүскэ үлэлэһэн маҥнайгы хардыылары оҥорбуппут. Итиннэ “Мин олоҥхом биһигэ” диэн ханна да суох “Тобул”, “Сайдам”, “Иэйии”, “Ил турук” диэн дьарыктар айыллыбыттара. Бырагыраамма суруллан, министиэристибэнэн бигэргэнэн билиҥҥээҥи диэри үлэлииллэр. Олоҥхо педагогикатыгар элбэх учууталга саҕахтары аспыта. Үлэбит уопута түмүллэн арааһынай методическай босуобуйалары түмэн таһаарыыбыт өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ настаабынньыктааһын диэн саныыбын. Настаабынньык уонна учуутал идэтэ арахсыбат ситимнээхтэр. Үлэҕин настаабынньык үтүө көмөтүнэн саҕалыыгын уонна бэйэҥ настаабынньык буола үүнэҕин. Идэбит уратыта итиниэхэ. Элбэх эдэр учууталларга настаабынньыктаабыт дьоллоохпун. Билигин көмө көрдүүр учууталга сүбэлиирбин, уопуппуттан үллэстэрбин, көмөлөһөрбүн олус астынабын.
  • Оскуолаҕа билигин улахан кыһалҕа туохха турарый?
  • Билиҥҥи оскуолаҕа мин саамай ыалдьар боппуруоһум – сахалыы саҥарааһын, саха тылыгар үөрэтии. Сахабыт тыла сүтэн эрэр буолан улахан тыын боппуруос турда. Күннээҕи олоххо оҕолорбутун хайдах сахалыы саҥардабыт диэн ыйытык тус бэйэбин олус улаханнык долгутар, ол тула бэйэм күүскэ үлэлэһэ сылдьабын. Итиннэ барытыгар төрөппүт ийэ тылы, билии күүһүн өйдөөтөҕүнэ, бары түмсэн бииргэ үлэлээтэхпитинэ сахабыт тыла барахсан көйгөрбөккө умнуллуо суоҕа диэн бигэ эрэллээхпин.

 Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй.