Кыһыҥҥы марафоҥҥа өрөспүүбүлүкэттэн уонна дойду араас эрэгийиэннэриттэн 40 ыспарсымыан сайаапканы ыыпыта биллэр.
“Тымныы полюһа Өймөкөөн” номнуо бэһис төгүлүн кыһыҥҥы экстремальнай сүүрүүнү таптааччылары ыҥырар. Марафон тохсунньу 12 күнүгэр саҕаланыа диэн сүрүн тэрийээччи Дмитрий Неустроев СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
“Быйылгы сыллаахха икки дистанцияҕа сүүрүөхтэрэ, ол курдук полумарафоҥҥа (21,1 биэрэстэ) 24 кыттааччы итиэннэ 42,2 биэрэстэҕэ 16 ыспарсымыан сүүрээри бэлэмнэнэллэр. Сайаапкалары бэйэбит Сахабыт сириттэн, ону тэҥэ Москуба, Смоленскай, Курскай, Владимирскай, Кемеровскай, Новосибирскай уобаластарыттан, Удмуртия өрөспүүбүлүкэтиттэн тиийэ сүүрүүктэр кэлэллэрэ былааннанар. Марафон буолуо биир хонук иннинэ, ыспарсымыаннар бука бары мустаннар тыраассаны кытары билсиэхтэрэ, медицинскэй көрүүнү уонна тиэхэньикэҕэ куттала суох буолууга инструктаж ааһыахтара”, — диэн тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр.
Эрдэ этиллибитин курдук марафоҥҥа кыттаары өрөспүүбүлүкэбит элбэх ааттаах-суоллаах ыспарсмыаннара сайаапкаларын ыыттылар, кинилэр истэригэр сүүрүүгэ Саха сирин уонна Арассыыйа элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера Валентина Доргуева, 2022 сыллааҕы “Тымныы полюһа Өймөкөөн” экстремальнай сүүрүү чөмпүйүөнэ Марина Седалищева, 21,2 биэрэстэ уһуҥҥа дьахталларга былырыыҥҥы муҥутуур кыайыылаах Полина Слободчикова, Кемеровскай уобалас марафонеһа Вадим Коркачев о.д.а. сүүрүөхтэрэ.
Кинилэри кытары биһиги Чурапчыбыт улууһуттан, СӨ рекордсменката, СӨ физкултуураҕа уонна успуорка туйгуна, успуорт маастара Екатерина Драгунова төрөппүт уола, өрөспүүбүлүкэҕэ ааттаах-суоллаах сүүрүк, Чурапчытааҕы физкултуурунай үнүстүүт 4-с кууруһун устудьуона Константин Драгунов уһун дистанцияҕа бэйэтин кыаҕын аан бастакытын холонуоҕа.
Полумарафоҥҥа, кыһыҥҥы экстремальнай сүүрүүгэ балай эмэ уопуттаах, Чурапчытааҕы суут пристав төһүү үлэһитэ Эдуард Божедонов сүүрүөҕэ.
Сорохтор баҕар: “Уһун дистанцияҕа 2020, 2022 сыллааҕы чөмпүйүөн, былырыыҥҥы призер Василий Лукин тоҕо кыттыбата?” – диэн ыйытыаххыт. Баһылай билигин научнай үлэтин суруйа сылдьар, быйыл кини научнай арыалдьыт быһыытынан айанныаҕа. Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт үнүстүүтүн учуонайдара, тымныы, киһи уорганнарыгар тугунан дьайарын чинчийбиттэрэ үһүс сылларыгар барда. Быйыл кинилэр сүүрүктэр марафоҥҥа түһүнүөхтэрин иннинээҕи уонна сүүрэн кэлбиттэрин кэнниттэн уопсай туруктарын анал аппараакка түһэрэн чинчийиэхтэрэ, бэлиэтэниэхтэрэ.
Марафон уонна полумарафон кыайыылаахтара үгэс быһыытынан хаар ойуулаах мэтээллэринэн, 100 уонна 50 тыһ.сууммалаах сэртэпикээттээринэн наҕаарадаланыахтара. Ону таһынан бастыҥ сүүрүүктэр, генеральнай успуонсар “БАСК” фирматтан үчүгэй хаачыстыбалаах соннору, сэртэпикээттэри тутуохтара.
Сэмэн Жендринскэй