Оскуолаҕа учууталынан үлэлии сылдьан Саҥа дьыл көрсөр бырааһынньыкка Дед Мороз—Тымныы оҕонньор буолар этим. Тохсунньу 1 күнүгэр оскуолабыт үлэһиттэрин кыра саастаах оҕолоругар дьиэлэригэр подарок илдьэн биэрэрбит. Онно Тымныы оҕонньор бэргэһэтин, үтүлүгүн, сонун кэтэн, торуоскатын тутан дьиҥнээх оруолугар киирэн тиийэрэ. Хаарчааната эмиэ таҥаһын таҥнара. ,,Оҕонньор» кылгас эҕэрдэлээһинин кэнниттэн ,,аптаах хааһахтан» кэһиини таһааран туттарара. Дьэ онно сорох кырачааннар куттанан ытыыллара, төрөппүттэригэр сөрүөстэ, саһа сатыыллара. Хоһоон, ырыа толороллоругар көрдөһөрүм. Чобуо соҕустара толордохторуна сэмсэ сакылаат биэрэрбит.
Ол күн ат уларсан, сыарҕаҕа подароктарбытын тиэйэн айанныыр буоллубут. ,,Формабын» кэтэн баран сыарҕаҕа олороору гыммытым аппыт сиргэнии бөҕөтө, олгуобуйатын алдьата сыста, иччитэ нэһиилэ буойан тохтотто. Онон уһуларга күһэлинним. Хата төрөппүттэр дьиэлэригэр баар этилэр. Бэҕэһээҥҥи бырааһынньык ситэ ааһа илигэ биллэрэ. Эр дьон барахсаттар үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлэһии бөҕөтө. Үрүүмкэ таһаара охсон: ,,Оо, оҕонньорбут тымныйаары гыммыт, Саҥа сыл үүммүтүнэн түһэрэн кэбис»,—дииллэр, сыҥалаан туран иһэрдэллэр, бэйэлэрин даҕаны умнубаттар.
Аттаах киһибит кэтэһэн олорор буолан син ыксыы сатыыбыт. Аппыт даҕаны сотору үөрэнэн сиргэммэт буолла. Онон таҥаспын устубаппын. Дьэ итинник сылдьан дэриэбинэбитин кэрийэн чугаһаттыбыт. Настарыанньа лаппа көтөҕүлүннэ, ыллаан ылар, күлэр-үөрэр буолан бардым. Тиһэх ыалбытыгар, тумулга халдьаайы үрдүгэр олорор булчут аҕалаах ыалга тиийдибит.
Хорсуннук туттан, торуоскабынан тос-тос охсунан ыалым диэки хаамыы буолла. Дьэ доҕоор, икки ыт өрө баргыйа түһээт мин диэки ыстамматтар дуо… Хантан сымсам киирбитэ буолла, төттөрү сыыр аннын диэки сүүрүү буолла. Хаһытыы -хаһытыы тайахпынан охсо сатыыбын… Сыыр анныгар ,,сирилээн» киириибэр сонум тэллэҕиттэн иҥнэн умса баран түстүм. Ыттар кэлэн таҥаспын ытыра-ытыра тырыта тыытыы бөҕөтө. Хата бэйэбин тыыппаттар. Дьолго дьиэлээх хаһаайын баар эбит, көрө охсон сүүрэн киирэн быыһаата. Сылгыһыппыт эмиэ улаханнык куттаммыт, көмөлөһүө эбит даҕаны атын тута сатыыр аакка барбыт.
Хаһаайын ,,хайдыбыт сүрэхтээх» оҕонньору уоскутар аһы аһатта. Сорукпутун толорбут дьон быһыытынан Саргылаах саҥа сыл кэлбитин бары үөрэ-көтө бэлиэтээтибит.
Алексей Слепцов.