Үгэскэ кубулуйбут эти-үүтү дэлэтээччилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ анаабыт атыы-тутуу дьаарбаҥкалара А.И. Федотов аатынан МФСК-ҕа буолла. Дьаарбаҥканы таһынан үлэни-хамнаһы кэпсиир быыстапканы нэһилиэктэр, агрооскуолалар, тэрилтэлэр, биирдиилээн хаһаайыстыбалаахтар туруордулар.
Болугур нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Дария Дьячковская:
- Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылыгар биир дойдулаахпыт Роман Константинов герой буолбута оруобуна 75 сылын туолар. Онон Роман Иннокентьевич туһунан быыстапканы туруордубут. Кини тутта сылдьыбыт мала-сала, кини туһунан сырдатар матырыйааллар бааллар. Маны таһынан “Үйэ көрдөрүүтэ” диэн стендэни аҕаллыбыт. Манна тыабыт хаһаайыстыбатын 100 сыллаах сайдыыта барыта көстөр. Бастаан артыал тэриллэр, онтон колхуос, сопхуос, салгыы табаарыстыба. Билигин даҕаны табаарыстыбабыт ыһыллыбакка, “Мындаҕаайы” ТХПК диэн ааттанан үлэлиир. Роман Константинов сылгыһыт буолан, дьөһөгөй оҕотун өрө тутан, сылгы бородууксуйатыттан 78 көрүҥ аһы аҕаллыбыт. Мындаҕаайыбыт кэрэ айылҕатыттан сирин аһын баайын, көтөрүн астаан илдьэ кэллибит.
Улахан Күөлтэн Семен Макаров:
- Сыл аайы дьаарбаҥкаҕа эппитин-аспытын киллэрэн, улууспут олохтоохторугар анаан атыылыыбыт. Бэйэбит 2010 сыллаахтан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлиибит. 2015 сыллаахха дьиэ кэргэн гранын ылан, хотон туттубуппут. 100-чэ сүөһүнү кыстатан туруорабыт, онтон ыанньыга — Быйыл үүнүү үчүгэй буолан, ону сэргэ ыһыыны ыһан, сылы тахсар оппут баар, этэҥҥэ кыстыахпыт.
Елена Макаринская
Сэмэн Жендринскэй хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Видео Наталья Сибирякова