Тускул билгэтэ/ Ыам ыйа

Ыам ыйа — саас саамай муҥутуур кэмэ

Күн Иэйэхсит — Ийэ хотун ыйа

 

Ыам ыйа — Салама ыйа. Айыыһыт түһэр кэмэ. Сахалар айылҕаҕа сүгүрүйэн, араас туому толороллор. Ыам ыйа — саас саамай муҥутуур кэмэ.

Сайын саҕаланар. Иэйэхсит хотун түһэр. Кини  сылаас тыына буорга, ууга, салгыҥҥа иҥэр. Киһини амарах, эйэҕэс оҥорор, бары куһаҕантан арчылыыр. Иэйэхсит кири-хоҕу сөбүлээбэт. Иэйэхсит – дьахтар таҥарата. Кини аһаҕас майгылаах. Эйэҕэс, амарах, өл. Иэйэхсит кэллэҕинэ, от – мас көҕөрөр, ас-үөл дэлэйэр. Иэйэхсит киһини бары куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр. Иэйэхсит киһиэхэ сүөһү көрөөччү, булчут, үүннэрээччи, эмчит идэлэри биэрэр.

 

Бу кэмҥэ сир сир аайы оҕо-аймах, улахан дьон, кырдьаҕастар мустан, самаан сайыны көрсөр үтүө үгэһи салҕаан, сири дойдуну аһаталлар, үөһээ айыылартан алгыс түһэрэн көрдөһөллөр.

Өссө биир хаары ууллардым диэн, саха бэйэтин сааһыгар биир сааһы эбэн, биир сыл эбиллибитин айылҕа сылын кытта ситимнээн өйдүүр.Ол иһин, саҥа сыл кэлбитинэн, ыраастанар туом толорор. Айылҕаҕа тахсан ыраастанар.Ол иһин саҥа сылы көрсө, ыам ыйыгар ыраастаналлар эбит. Ыраастанар ый – ыам ыйа – Иэйэхсит ыйа. Ыраас ыйа, ый ырааһа. Иэйэхсит киһиэхэ киирэр ааннаах. Ол аан – киһи аһыыр этэ. Айылҕа киһи нөҥүө ааһа турар сирэ. Киирбит ааһан иһиэхтээх. Киһи оччоҕуна ыраас, чэгиэн, аман, этэҥҥэ буолан, айылҕа ситимигэр киирэр, сайдар-үүнэр, арыллар айар.

Ыам ыйын билгэтэ

 

Ыам ыйын 6 күнэ — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.
Ыам ыйын 8 күнэ — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.
Ыам ыйын 12 күнэ — хаһыҥ түһүөн сөп.
Ыам ыйын 13 күнэ — киэһэлик ичигэс, уу чуумпу, онтон сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыны күүт.
Ыам ыйын 14 күнэ — Дьэрэмэйэп күнэ. Үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх, хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.
Ыам ыйын 19 күнэ — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуола. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.

Ыам ыйын 26 күнэ  –  Ыам кумаара түһэр. Хортуоппуйу олордуу
Ыам ыйын 28 күнэ — сылаас күн буоллаҕына, сайыны быһа сылаас буолар. Ый туолуута. Сайылыкка көһөр ый..

Ыамыйын 28 күнүттэн бэс ыйын  4 күнүгэр дылы – Ыам собото

 Декада диэн ый 10 хонуга ааҕыллар:

I Декада- ый 1-10 күннэрэ

II Декада- ый 10-20 күннэрэ

III Декада- ый 20-30 күннэрэ

 

ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:

Ыам ыйа илин эҥэр үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да сылаас буолара сабаҕаланар. Ыам ыйа үгүс улуустарга I декадаҕа түүҥҥү өттүгэр тымныйар, II-III декадаҕа күүскэ ириэрии буолсу.

 

Сөҥүүлэрэ маннык: I декадаҕа – 2 күн ардыыр; II декадаҕа – 5 күн ардыыр, 1 күн ардыыр; III декадаҕа – 3 күн ардыыр;

 

Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэххэ,  түүнүн да, күнүһүн да тымныы.  Күнүс +13С+8С кыраадыс сылаас, түүнүн +4С+1С.

 

II Декада күнүс +13С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн  +7С +5С  кыраадыс сылаас.

 

III Декада күнүс да түүн да биллэрдик сылыйар. Күнүс +19С+16С кыраадыс сылаас, түүн  +11С +8С  кыраадыс  сылаас буолсу.

 

Автор иһитиннэрэр

 

Бу кэнники кэмҥэ социальнай ситимнэргэ “Тускул ыйдааҕы билгэтэ”, урут былырыын тахсыбыт билгэлээһиннэри булан,  дьону бутуйан ыыталлар, ону билбэт дьон итэҕэйэр.

 

Өссө төгүл санатыахпын баҕарабын Тускул ыйы билгэлээһинэ ый бүтүүтэ уонна ый бастакы күннэригэр “Саха Сирэ”, “Якутия”, “Кыым”, “Ил-Түмэн”, “Саҥа олох” хаһыаттарга бэчээттэнэр. Онтон атын СМИ-лэргэ тахсарын итэҕэйбэт буолуҥ, бу хаһыаттартан булан, дьиҥнээх билгэни ааҕыҥ.

 

 

Тускул