ДЬЭДЬЭН ТУҺАТА
Киһи төһөнөн сааһырар да, этэ-сиинэ, тириитэ соччонон уларыйар. Онуоха ол-бу ыарахан сыаналаах араас омук кириэмнэрин буолбакка, бэйэ сиригэр-уотугар үүнэр үүнээйини, сир аһын туһанар ордук көдьүүстээх.
- Пигментнэй бээтинэни суох оҥорорго сибиэһэй дьэдьэн сүмэһинигэр салфетканы илитэн, уоннуу мүнүүтэ устата үстэ төхтүрүйэн саба ууруллар. Маны сайын, дьэдьэн үргэнэр кэмин устатын тухары, күн аайы хатылыыр көдьүүстээх.
- Киһи сааһыран истэҕин ахсын сирэйин тириитэ мырчыстан иһэр. Дьэдьэни илдьиритэн, мааска оҥостон, кырдьыы ити көстүүтүн бытаардыллар. Мааска састаабыгар атын фруктаны, оҕуруот аһын эбиэххэ сөп.
КИИРИННЬЭҤ АҔАНЫ КЫТТА СЫҺЫАН
СҮБЭНЭН БЫҺААРАР ОРДУК
Бэйэтэ туспа олохтоммут «быраабылалардаах» дьиэҕэ киирбит кини оҕону кытта биир тылы булар сыалтан кинини кытта уопсай интэриэстээх буоларга кыһаныахтаах. Уол, кыыс дьиэҕэ саҥа киһи киирдэҕинэ, бэйэлэрин «территорияларыттан» көҥөнөллөр. Ону сүбэнэн быһаарар кыах баар. Холобур, эн уолуҥ оонньуур массыынаны мунньарын билэҕин, доҕоргор киниэхэ суох джип массыынаны ылан биэрэригэр сүбэлээ.
ЭЛБЭХТИК КЭПСЭТЭ САТААҤ
Эр киһи оҕону кытта элбэхтик алтыһыахтаах. Бастакы кэмҥэ киирбит аҕа оҕо туруорсуутун ылынара наада. Оҕо доҕотторун ыҥыран ыалдьыттатар үгэстээх буоллаҕына, ол салҕанарыгар кыһаллыҥ. Кэргэниҥ үлэтин кэнниттэн элбэх тыаһы-ууһу, аймалҕаны сөбүлээбэт да буоллаҕына, балаһыанньаттан хайдах тахсаргытын сүбэнэн быһаарыҥ. Уолгут табаарыстарын өрөбүлгэ эбэтэр эһиги дьиэҕитигэр суох кэмҥитигэр ыҥырарыгар сүбэлээҥ.
***
Таҥас ыйыыр быаны илитэн баран тиирдэххинэ, ahapa уунуо суоҕа. Куурдаҕына, өссө чиккэйиэ.
Уһуннук сытан сымнаабыт хортуоппуйу оргуйа турар уутугар 1 чаайынай ньуоска саахары куттахха, сибиэһэй амтаннаныа, көрүҥэ тупсуо.
Луугу ыраастыыргар кондиционер анныгар турдаххына, хараххыттан уу тахсыа суоҕа.
Тиэрмэс иһэ сыттаннаҕына, 1 ыстакаан ууга 1 чаайынай ньуоска 3 % уксууһу кутан сууй, сыта барыа. Холодильнигы маннык сууйдахха, сыта эмиэ суох буолар.
Хос, дьиэ иһигэр табах сыта хааллаҕына, таҥаска-сапка, баттахха иҥэр. Түннүктэри арыйан, дьиэ иһин салгылат уонна хас да сиргэ 2-3 сииктээх соттордо ыйаа.
Итиигэ сиэппит миэстэҕин түргэнник тымныы уунан суун уонна ас суодатын таммалат. Глицерининэн, суоратынан уонна уксуустаах тампонунан тутуннахха, ыарыыта мүлүрүйэр. Бааскар хаһаайыстыбаннай мыыла чараас пластинкатын саба баан, түргэнник оһуо. Кыра эмсэҕэлээһиҥҥэ хаппыыста ороһуолунан угуттаа.