Туруу үлэһит Дмитрий Толстоухов

Быйыл Арассыыйаҕа «Учуутал уонна уһуйааччы», Саха өрөспүүбүлүкэтигэр  “Үлэ”, Чурапчы улууһугар   «Ытыктабыл”, Мугудай  нэһилиэгэр «Үтүө дьыала» сыла биллэриллибитэ.

Бу манна барытыгар сөп түбэһэр биһиги аҕабыт Дмитрий Дмитриевич Толстоухов буолар. Кини эдэр суоппардарга настаабынньык, биир да сэмэтэ суох үлэни өрө тутан, олоҕун үлэҕэ  анаан дьон ытыктабылын ылбыт, үтүө дьыала хамсааһыныгар элбэхтэ  кыттыыны ылбыт киһи буолар.

Дмитрий Дмитриевич Толстоухов 1945 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр Чурапчы оройуонун Мугудай нэһилиэгэр Дмитрий Афанасьевич, Федосия Ефимовна Толстоуховтарга  күн сирин көрбүтэ.  Эрдэ тулаайах хаалан, үлэҕэ-хамнаска сыстаҕас буола улааппыта.

Эдэр сааһыгар  тутуу биригээдэтигэр кырдьаҕас уопуттаах маастардары кытта орто оскуола үһүс корпуһун, саҥа маҕаһыыны тутууга үлэлээбитэ. Онтон 1967 сыллаахха Дьокуускайдааҕы автооскуоланы бүтэриэҕиттэн олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри массыына уруулун эрийэн кэлбитэ. Бензовоз, самосвал, автобус, микроавтобус массыыналарга үлэлээбитэ. 1975 сыллаахха үлэҕэ киирбит саҥа кулууп дьиэтин маһын таһыыга үтүө суобастаахтык түүннэри-күнүстэри үлэлээбитэ. Биир бириэмэҕэ Карл Маркс аатынан сопхуоска оттук таһыытыгар соҕотох үлэлии сылдьыбыта. Солярканы, бензини Аллараа Бэстээхтэн ылан Мындаҕаайыттан саҕалаан Бахсыга тиийэ оҥоһуута суох суолунан, хочонон, тыанан, хонуунан бензовоһунан тиэйэн-таһан эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Сорох ардыгар күнү былдьаһан иккилиитэ кырынара. Икки төгүл «Карл Маркс» аатынан сопхуос чемпион суоппара, «Бастыҥ суоппар», «Мугудай» сопхуос лауреата лиэнтэлэр хаһаайыннара. Кураан сылларга нэһилиэккэ оттооһун хампаанньатыгар кыттан хас да төгүл Нуотараҕа оттуур биригээдэни салайан сылдьыбыта. Айанныыр бириэмэтигэр точнай буолан холобурга сылдьара. Эдэр көлүөнэ суоппардарга настаабынньык этэ. Кини сүбэтин- аматын ылынан Алаҕарынан, Мугудайынан элбэх көлүөнэ суоппардар иитиллэн таҕыстылар. Карл Маркс аатынан сопхуос арахсан, «Мугудай» сопхуоска көһөрүллэн гаражка сэбиэдиссэйдиир. Эдэр суоппардар аҕа табаарыстарыттан туочунай буоларга, эппит бириэмэҕэ барарга-кэлэргэ, элбэххэ үөрэммиттэрэ. 1993 сыллаахха ырыынак саҥа саҕаланан, маҕаһыыннар аһыллан барбыттара. Манна кини снабженец суоппар буолбута. Маҕаһыыҥҥа табаар булара, суоппардары саппаас чааһынан хааччыйара. Хайа массыына ханнык чааһа элэйэн эрэрин эрдэттэн билэ сылдьар буолан хаһаанан кэбиһэрэ. Бу хаачыстыбата элбэх суоппары абыраабыта саарбаҕа суох. Нуотараҕа оттооһун, Мындаҕаайыга таһаҕас сүөкээһинэ кинитэ суох буолбат этэ.  Дьону кытта уопсай тылы булара, эдэр дьоҥҥо эдэрдии, кырдьаҕаска ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар буолан элбэх киһи убаастыыра. Өр кэмҥэ  солбуллубат биригэдьиир этэ. Нэһилиэккэ 2 төгүл дьокутаатынан талыллан, элбэх үлэҕэ- хамнаска кыттыспыта, нэһилиэк кэскилин торумнаспыта. Сыралаах үлэтэ сыаналанан, 1982 сыллаахха Германиянан, Чехословакиянан, онтон кэлин Москвага ВДНХ — га баран күүлэйдээн кэлэр путевканан наҕараадаламмыта. 1994 сыллаахха сопхуостар ыһылланнар, Мугудай орто оскуолатыгар суоппарынан киирбитэ. Уонча сыл үлэлээн, оҕолору айанныыр чааһы булгуччу тутуһарга, бэйэ уонна атын киһи бириэмэтин харыстыырга үөрэппитэ. 2003 сыллаахха бэйэтин баҕатынан тохтообута. Ол да буоллар таах олорон хаалбатаҕа. Аныгы кэмҥэ сөп түбэһэн биир бастакынан дьону тиэйэр -таһар буолбута. Олоҕун     бүтэһик  күннэригэр дылы дьону таһан таксистыы сылдьыбыта. Tөһө да сааһырдар волейболлаан, мас тардыһан, нэһилиэккэ успуорт сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрсибитэ. 2005 сыллаахха «Чурапчы улууһа тэриллибитэ 75 сылынан» үбүлүөйдээх мэтээл хаһаайынынан буолбута. 2010 сыллаахха успуорка ситиһиилэрин уонна бэриниилээҕин иһин « Успуорт уонна физическэй култуура бэтэрээнэ» бэлиэни ылбыта. Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ сыаналанан «Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Кэргэнинээн Мария Тарасовналыын 50 –ча  сыл бииргэ олордулар, 3 кыргыттарын, сиэннэрин олохторун торумнастылар. Төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар бүтэһик күннэригэр диэри сүүрбүтэ-көппүтэ.

Дмитрий Дмитриевич ситэ олорботох олоҕун салҕыыр оҕолоро, сиэннэрэ хос сиэннэрэ бааллар.

Кыыһа Ульяна Слепцова