Чурапчы улууһугар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтэ үлэҕэ, успуорка, араас таһымнаах куонкурустарга өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Бэҕэһээ о.э. олунньу 20 күнүгэр, улууска аан бастакытын “Мин — ааптарбын” бэстибээл Төлөй нэһилиэгин түөлбэтигэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Алексей Бродников аатынан “Аартык” НАДь-гэр тэрилиннэ.
Улууска инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлинэн былырыыҥҥыттан саҕалаан Саргылана Николаевна Хоютанова сүрүннүүр: “Бүгүҥҥү тэрээһиммит өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыахтаах куонкуруска сүүмэрдиир бастакы түһүмэҕинэн буолар. Манна кыайбыт дьоммут быһалыы Дьокуускай куоракка кулун тутар 21 күнүгэр тиийэннэр кыттыахтаахтар. Онно түөрт көрүҥ жанрынан араараллар: ырыа, үҥкүүгэ, поэзия уонна проза, цирковой трюктар. Барыта холбоон 21 нүөмэри көрдөрдүлэр, Манна Кытаанах, Чурапчы, Төлөй, Одьулуун, Дириҥ, Болтоҥо, Хатылы нэһилиэктэриттэн сүрүннээн кэллилэр. Дьоммут-сэргэбит көхтөөхтүк кыттан иһэллэрэ биһигини олус үөрдэр.
Саҥардыы тутуллубут балаҕаммытын көрдөрдүбүт, туойунан оҥоһуктары көрөннөр улаханнык сэргээтилэр, мантан инньэ табылыннаҕына баҕар биир эмэ күн ыҥыртаан аҕалан дьарыкка сырыттыннарыахпын дии саныыбыт. Маннык хабааннаах тэрээһиннэр кэмиттэн кэмигэр ыытыллан иһэллэрэ олус үчүгэй, дьиэҕэ олорон хаалбаккалар улаханнык сэргэхсийэллэр, кэлэннэр бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһэллэр, алтыһаллар. Быйылгы дьыллаахха бу бастакы улахан тэрээһиммит буолар”.
Бэстибээл “Мин — ааптарбын” диэн бэйэтэ даҕаны этэринии, этиллибитин курдук түөрт жанрга барытыгар бэйэлэрэ туруорбут нүөмэрдэрин, ырыаларын, хоһооннорун, үҥкүүлэрин көрдөрдүлэр. Кимнээх кытыннылар эбит диир буоллахха: Төлөйтөн Мария Капрынова, Дарина Хоютанова, Кытаанахтан Парасковья Новгородова, Лена Пономарева, Гаврил Парфенов, Николай Суздалов, Хатылыттан Михаил Иванов, Анна Догордурова, Одьулуунтан Валентина Рязанская, Дириҥтэн Парасковья Дьячковская, Прокопий Наумов, Семен Кириллин, Александр Иванов, Чурапчыттан Наталья Сергеева, Василий Петров, Марфа Дьячковская, Григорьяна Потапова, Екатерина Федорова, Чакыртан Галина Егорова, Елена Сивцева, Болтоҥоттон Розалия Игнатьева.
“Маннык улахан бэстибээлгэ аан бастакыбытын кытта кэллибит, түөрт кыттааччыны аҕаллыбыт. Хоһоон ааҕыахтара, ыллыахтара. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут истэригэр талааннара үгүс, манна кэлэннэр арылланнар, сэргэхсийэн да баралларыгар тус санаабар олус үчүгэй тэрээһин. Нэһилиэкпитигэр эмиэ араас тэрээһин барыта ыытыллар, дэкээдэ чэрчитинэн элбэх куонкурустар буолаллар”, — Хоптоҕо нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүн исписэлииһэ Айталина Васильева кэпсээтэ.
Хас биирдии нүөмэри киһи көрө олорон улаханнык сөҕөр, хас биирдии айымньылара, суруллубут хоһооннорун тыллара, ылбаҕай ырыалара, үҥкүүлэрин хамсаныылара бу барыта олоххо тардыһыы сүдү күүһүн, кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыы бастыҥ холобурун ойуулууллар.
Куонкурус буолан баран син биир түмүктээх, кыайыылаахтар ааттаналлар:
“Поэзия/проза декламациятыгар”
1 ст.диплом – Дириҥтэн Парасковья Дьячковская, “Уоллаах аҕа” хоһоон;
2 ст.диплом – Чурапчыттан Василий Петров “Вейли Озбар – исполнитель желаний” роман кинигэтинэн;
3 ст.диплом – Кытаанахтан Лена Пономарева, хоһоонунан.
Манна дьүүллүүр сүбэ анал бирииһин, хоһоонньут Марфа Дьячковская туттарда.
“Ырыаҕа”
1 ст.диплом – Чурапчыттан Александр Иванов;
2 ст.диплом – Чакыртан Елена Сивцева;
3 ст.диплом – Дириҥтэн Семен Кириллин.
Анал бириискэ Болтоҥоттон Розалия Игнатьева тигистэ.
“Үҥкүүгэ”
1 ст.диплом – Төлөйтөн “Сэгэлдьийэ дэгэрэҥ” үҥкүүтүнэн Мария Капрынова;
2 ст.диплом – Чурапчыттан “Японский танец” үҥкүүтүнэн Екатерина Федорова;
3 ст.диплом – Кытаанахтан “Шляпа” үҥкүүтүнэн Николай Суздалов.
“Цирковой” жанрга
1 ст.диплом – Одьулуунтан Валентина Рязанская, Данди диэн ытынаан.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ