Былырыын, “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиалын дириэктэрэ Анна Семенова: “1-кы ханаалтан эрийэ сырыттылар. Төлөйдөр ынаҕы симээбит куонкурустарын туһунан биэриибитин нууччалыы барыйаанын көрдөөтүлэр, аны мантан түүн ол ону бэлэмниир эбиппин, сарсыарда көрдөрөллөр үһү,” — диэн Хадаарга буолбут дьаһалтан аргыстаһа айаннаан иһэн соһуйа кэпсээбиттээҕэ.
“Симэммит Мааныкай” диэн ынах-сүөһү хаартысканан куонкуруһун Төлөй нэһилиэгэ аан маҥнай 2019 сыллаахха, буоларын курдук бэйэлэрин нэһилиэктэрин иһинэн тэрийбиттээхтэрэ. Куонкурус сыл аайы ыытыллан, дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэнэн, быйыл 5-с сылларын ыытаары тэринэн сүүрэ-көтө сылдьаллар. Онон быйыл үбүлүөйдээх сыллара.
Быйылгы тэрээһин туох сүрүн уратылааҕын туһунан Төлөйдөөҕү Алексей Бродников аатынан “Аартык” норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, “Симэммит Мааныкай” куонкурус төрүт ааптара Евдокия Аржакова маннык кэпсээтэ:
— Быйыл норуокка биһирэммит куонкуруспутун бэһис төгүлүн ыытабыт. Бастакыбыт нэһилиэк, онтон улуус иһинэн буолбута. Онтон дьон биһирээн, тэрээһини өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаан ыыппыппыт. Куонкуруспутун кэрэхсээн, былырыын Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн тахсан иһитиннэрбиттэриттэн, быйыл аны Арассыыйатааҕы таһымнаах оҥордубут. Онон дойду сэлиэнньэлэрин симэммит ынахтара эмиэ кыттар буоллулар. Былырыын герефорд оҕус уонна саха ынаҕа боруода биэс ыйдаах Мичийэ торбосторо кыайыылааҕынан тахсыбыта. Хаһаайына Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытын олохтооҕо Степанида Иванова 40 лиитэрэлээх бөдүөнүнэн бэлиэтэммитэ.
Нэһилиэкпитигэр сыл аайы Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүн бэлиэтиибит. Ол онно бу күөн-күрэһи анаан тэрийэн, үгэскэ кубулуттубут. Хаартысканан куонкуруһу бу иннинэ сэтинньи саҥатыгар ыытар эбит буоллахпытына, быйыл алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 17 күнүгэр диэри ыытабыт. «Симэммит Мааныкай» хаартысканан куонкурус куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар. Бу тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин өрө тутар соруктаах аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи хаартысканан куонкуруска ханнык баҕарар нэһилиэктэн, улуустан, эрэгийиэнтэн ким баҕарар кыттыан сөп. Сүөһү сааһыгар да, тыһытыгар да, оҕуһугар да ирдэбил суох. Куонкурус сүрүн соруга — хас биирдии хотоҥҥо кыстыгы этэҥҥэ туораары бэлэмнэнэр Мааныкай сүөһүнү киэргэтэн, хаартыскаҕа түһэрэн ыытыы. Кыттааччы +79627311182 нүөмэргэ (Евдокия Ефимовна А.) Сбербаан эбэтэр АЭБ нөҥүө 200 солкуобай усунуос төлүүр уонна төлөөбүтүн туһунан квитанциятын эмиэ бу нүөмэргэ ыытар. Сайаапканы бассаап бу ыйыллыбыт нүөмэригэр ылабыт. Онно кыттааччы аата (сүөһү хаһаайына), хаартыскаҕа түһэриллибит сүөһү аата, улууһа, нэһилиэгэ, бөһүөлэгэ ыйыллар. Бу сайаапкатынан кыттааччы хаһаайын кини ыыппыт хаартыската Вконтакте социальнай ситимҥэ тахсарыгар сөбүлэҥин биэрэр. Дьүүллүүр сүбэ биир эрэ киэргэммит сүөһү хаартыскатын ылар. Кыайыылааҕы Төлөйдөөҕү норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ, Төлөй нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ кыттыылаах дьүүллүүр сүбэ талыаҕа. «Кылаан кыайыылаах» номинация бирииһэ — 10 тыһыынча солкуобай. Бирииһи нэһилиэк дьаһалтата туруорда. Мин тус бэйэм куонкурус ааптарын быһыытынан “Көрөөччү биһирэбилэ” номинацияҕа бириис туруоруом.
Бүгүн “Симэммит Мааныкай” бастакы хаартыскатын туттубут. Куонкурус кыттааччыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатыттан 8 саастаах Оряна Саввинова, Кыыстара ньирэйин куонкуруска кытыннара ыытта.
“Симэммит Мааныкайдар” куонкуруска хаартыскалар хото киирэн эрэллэр.
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыскаҕа: былырыыҥҥы кыайыылаах Степанида Иванова “Сир симэҕэ Мичийэ” биэс ыйдаах, саха боруодата уонна герафорд боруода булкаас ньирэйэ. Мэҥэ Хаҥалас, Чыамайыкы нэhилиэгэ