Алтынньы 9-18 күннэригэр «Бэс чагда» оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыыларын финалистарын смената саҕаланна. Манна Уус Алдан, Нам, Чурапчы, Таатта улууһуттан барыта 55 уоланнар ааҕыыларын финалга киирбит бастыҥ ааҕааччыта кэллэ.
Билигин биһиги оскуолабытыттан «Төлөй уоланнара» бөлөхтөн 7 уол лааҕырга сылдьар. Быйылгы дьүһүйүүбүт «АЛААСТАН ДАБААННААХ ААРТЫКТАРГА» диэн биир дойдулаахпыт, общественнай деятель, экэнэмиическэй наука дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бастакы Ил Дархана Егор Афанасьевич Борисов олоҕор, үлэтигэр аналлаах. Бу бырайыак ааптара Чурапчытааҕы ыспартыыбынай эрэллэри бэлэмниир интернат оскуола саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Акулина Николаевна Кузьмина буолар. Бу олус кэскиллээх бырайыак уол оҕону сахалыы куттаах, кэрэҕэ,сырдыкка уһуйар. Уолаттарбыт лааҕырга туһалаахтык сынньанан, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥиэ диэн эрэлбит улахан. Лааҕыр оскуолатааҕы кэмнэриттэн биир ураты умнуллубат кэрэ түгэни бэлэхтээтин. Алтынньы 17 күнүгэр түмүк ааҕыыларга оҕолорбутугар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Попова Е.Е., бөлөх салайааччыта, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала.