Төлөй биир киэн туттар ыала

Ааспыт ый бүтүүтэ, Арассыыйаҕа Аҕа күнүн чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан Дьокуускай куоракка «Сыл бастыҥ аҕата» I-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык ыытыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан уопсайа 19 аҕа уолаттарыныын кыттыыны ылбыттара.

Бу күрэххэ Чурапчы улууһун чиэһин Төлөй нэһилиэгин киэн туттар ыала, Григорий Петрович Попов уолунаан Григорийдыын дьоһуннук көмүскээтилэр. Кинилэр кыл-мүччү, балтараа очукуонан хаалан, бириистээх миэстэҕэ тиксибэтилэр. Ол да буоллар, хас биирдии түһүмэххэ үчүгэй көрдөрүүлэри ситистилэр. Бу күрэхтэһии туһунан ыал амарах аҕатыттан Григорий Петровичтан сиһилии ыйыталастым.

— Григорий Петрович, кэпсэтиибитин билиһиннэрииттэн саҕалыахха. Баһаалыста, бэйэҥ уонна дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдат эрэ.
— Бэйэбин билиһиннэрдэххэ, Төлөйгө соҕотох дьоруой ыалга, Поповтар дьиэ кэргэҥҥэ 8-с оҕонон төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр – онуобут. Мин Мугудай орто оскуолатын бүтэрэн, ыал буолан, оҕоуруу тэнитэн, дьиэ-уот туттан, ынах-сылгы ииттэн төрөөбүт дойдубуттан Төлөйтөн харыс да сири халбарыйбакка олоробун. Олоҕум аргыһын Марияны кытта 2002 сыллаахха ыал буолбуппут. Кэргэним интэринээккэ иитээччинэн үлэлиир, мин Төлөй орто оскуолатыгар харабылынан үлэлиибин. Түөрт оҕолоохпут. Улахан кыыс Калерия ХИФУ иһинэн үлэлиир инфраструктурнай технология кэллиэһигэр сетевой уонна системнай администратор үөрэҕин бүтэрбитэ. Билигин ХИФУ физико-техническэй үнүстүүтүгэр медицинскэй физика диэн идэҕэ үөрэнэ сылдьар. Леонард — инфракструктурнай технология кэллиэһин 2-с кууруһун устудьуона. Программист идэтигэр үөрэнэр. Кыраларбыт Гриша 9-с, Элеонора 2-с кылааска Төлөй орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр.

— Эһиги дьиэ кэргэн туох үтүө үгэстээххит?
— Поповтар халыҥ аймах буолабыт. Төлөй биир улахан дьиэ кэргэнэ буолабыт. Саха дьоно былыр-былыргыттан аймаҕынан билсиһэн, өйөһөн, көмөлөсүһэн бары биир сомоҕо күүс буолаллара. Ол үгэс билиҥҥи кэмҥэ олус улахан суолталаах дии саныыбын. Ол сиэринэн, сылын ахсын Бөтүрүүс аймахтар диэн бука бары мустан ыһыахтыыр үгэстээхпит. Дьиэ кэргэн, биир аймах иллээх буолаллара оҕону иитиигэ үтүө холобур буолар диэн саныыбын. Биһиги дьиэ кэргэн бука бары бииргэ от оттуубут, сир астыыбыт. Бииргэ дьиэ кэргэнинэн сылдьыы аҕа оруолун үрдэтэргэ улахан суолтаны ылар. “Үлэһит эр киһи хаһан да, туохтан да иҥнэн турбат” диэн уолаттарбын үөрэтэбин.

— Бу сонун күрэххэ хайдах кыттыбыккытын сырдат эрэ.
— Уопсайа сэттэ түһүмэххэ күүспүтүн-уохпутун, өйбүтүн, сатабылбытын холонон көрдүбүт. Аан бастаан дьиэ кэргэн туһунан видеонан билиһиннэриини ыыппыппыт. Онно дьиэ кэргэн тугунан сөбүлээн дьарыктанарын, туох интэриэстээҕин туһунан кэпсээбиппит. Роликка ордук болҕомто аҕа оруолугар ууруллуохтаах этэ. Онтон дьэ, ыспартыыбынай хабааннаах күрэхтэрбит кэлбиттэрэ. Ол курдук, лабирины ааһыыга, тохтообут, түспүт сирбитин оҥостууга уонна туристическай балаһаны туорааһыҥҥа, быанан араас мэһэйдэри туорааһыҥҥа уо.д.а. көрүҥнэргэ күрэхтэспиппит. Барыта «Табагинский мыс» диэн сынньанар баазаҕа ыытыллыбыта. Саамай ыарырҕаппыт түһүмэхпит – уолбун сүгэн баран сүүрүү буолбута.

— Ким кыттарга сүбэлээбитэй?
— Күрэх балаһыанньатын нэдиэлэ иннинэ Төлөй нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Илья Капрынов билиһиннэрбитэ. Улуус аатыттан кыттар буолан, улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэн уонна оҕо-аймах сүрүннүүр исписэлииһэ Татьяна Бушкова уонна Төлөй нэһилиэгин баһылыга Илья Николаев салайан илдьэ сырыттылар. Биир хамаанда буолан наһаа үчүгэйдик сылдьыбыппыт.

— Эһиил өссө кыттар былаан баар дуо?
— Уолбунаан маннык туристическай күрэххэ аан бастакыбытын кытынныбыт.Түһүмэхтэр олус интэриэһинэйдэр. Оҕобут кыра эрдэҕиттэн түргэн-тарҕан хамсаныылаах буолан, маннык күрэҕи сөбүлээтэ. Эһиил кыттарбыт биллибэт. Быйыл кыттыбыт ыаллар эдэрдэр этэ. Онон эдэр дьиэ кэргэн кыттара буоллар.

— Иллэҥ кэмҥитигэр тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕыт?
— Успуордунан умсугуйан туран дьарыктаммаппыт. Эппитин-сииммитин эрэ чэбдигирдэн дьарыктанааччыбыт. Ол курдук, волейболлааччыбыт уонна чэпчэки атлетикаҕа ыытыллар нэһилиэк күрэхтэһиилэригэр кыттааччыбын. Иллэҥ кэммитигэр, тыа дьонун сиэринэн, дьиэ ис-тас үлэтин оҥоробут.

— Кэтэх хаһаайыстыбалааххыт дуо?
— 13 төбө ынах сүөһүлээхпин. Эрдэ сылгылаах этибит да, билигин эспиппит.

— Түмүккэр тугу этиэҥ этэй?
— Улууспут олохтоохторугар сахалыы тыыннаах хаһыаты ааҕыҥ. Тапталлаах Чурапчыбыт сайдарын туһугар үлэлиэҕиҥ-хамныаҕыҥ, араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ.

— Григорий Петрович, кэпсээниҥ иһин махтал. Эһиэхэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Марфа Петрова.