Таайтарыылаах тохсунньу бастакы күнүн билгэлэрэ

Тохсунньу 1 күнүттэн күн 10 мүнүүтэ уһуур. “Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн даҕаны, үүнэр сылыҥ эмиэ оннук ааһар”, — диэн этиини үгүс киһи итэҕэйэр. Онуоха тохсунньу 1 күнүттэн билгэлэниэххэ сөп. Холобура ханныктары?

— Сыл бастакы күнүгэр сынньаныҥ, үөрүҥ-көтүҥ диэн сүбэлииллэр эбит.

  • Урбаанньыттары бу күн бастакы атыылаһааччыга ботуччу чэпчэтиитэ оҥоруҥ, табаарыҥ атыыга хото бардаҕына сылыҥ табыллыаҕа дииллэр.

— Тохсунньу 1 күнэ – от ыйын 1 күнүн батыһар.


— Саҥа дьыл түүн элбэх сулус көстөр буоллаҕына, отон дэлэйдик үүнэрин билгэтэ.

— Тохсунньу 1 күнүгэр төрөөбүттэр күүстээх санаалаах, хорсун дьон буолаллар.

Сыл бастакы күнүгэр туох көҥүллэммэтий?

— Сыл бастакы күнүгэр сорох дьон дьиэҕэ үлэлиирэ көҥүллэммэт, сылгын олоччу үлэҕэ атаарыаҥ, уустук буолуо дииллэр эбит.

— Тохсунньу 1 күнүгэр дьиэттэн бөҕү таһаарыллыбат, саҥа сылы кытта кэлэн эрэр дьолгун үргүтүөҥ диэн этиллэр.

— Сылы эргиччи иэскэ сылдьыбат туһугар бу күн букатын иэс ылыма диэн сүбэлииллэр.

— Тохсунньу 1 күнүгэр тимэх тиктэр көҥүллэммэт эбит. Маны саҥа сылга ааспыт сыллааҕы үчүгэйэ суох быһыы кэлсибэтин диэн тутуһаллар.

Сэмэн Жендринскэй