Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни туттарыы ирдэбилэ уонна болдьоҕо

Сыллата 9-с кылааһы бүтэрээччилэр сүрүн үөрэхтээһини түмүктүүр тургутугу ааһаллар. Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) быйыл 2024 сылга судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация ирдэбилинэн барар. Ол курдук, 9 кылааһы бүтэрээччилэр 4 эксээмэни: булгуччулаах нуучча тылын, математиканы тэҥэ, икки биридимиэти талаллар: омук тыла, обществознание, история, физика, биология, химия, саха тыла, информатика, география, литература.

Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор ГВЭ көрүҥүнэн булгуччулаах нуучча тылын уонна математиканы эрэ туттараллар.

Быйыл улуус үрдүнэн сүрүн уопсай үөрэхтээһини 311 оҕо түмүктүөҕэ.

7 оскуолаҕа эксээмэн туттарар сирдэр (пууннар) үлэлиэхтэрэ:

  • С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията;
  • Төлөй орто оскуолата;
  • С. А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата;
  • Профессор Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолата;
  • И. М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата;
  • П. М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата;
  • И. Е. Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто агрооскуолата;

Бу пууннарга киириигэ эксээмэн эҥкилэ суох ыытыллан, тэҥ уонна кырдьыктаах усулуобуйаны ситиһэргэ туттарааччылар уонна анал үлэһиттэр металлоискатель көмөтүнэн бэрэбиэркэни ааһыахтара.

Эксээмэни туттарар оҕо тугу илдьэ кэлиэхтээҕий? Бастатан туран, бэйэтин личноһын туоһулуур докумуону – пааспарын, хас биирдии биридимиэтэ ыйыллыбыт биллэриини (уведомлениены) уонна хас да хара гелевай уруучуканы.

Эксээмэҥҥэ хойутуур көҥүллэммэт, хойутуур түгэҥҥэ туттарар кэм уһаабат уонна инструктаж иккистээн ааҕыллыбат. Эксээмэн бэрээдэгин кэһии түбэлтэтигэр үлэ дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар, тургутугу ааспатаҕа бэлиэтэниллэр. Аудитория иһигэр хаамыы, күлүү-салыы, миэстэттэн көһүү, ылсыы-бэрсии, мэһэйдэһии букатын көҥүллэммэт.

Быйылгы судаарыстыбаннай эксээмэн уратыта диэн үлэ бланкалара, боротокуоллар хас биирдии аудитория иһигэр сканирование оҥоһуллан, тута информацияны обработкалыыр региональнай центрга (РЦОИ) бараллар.

 

Эксээмэн аттарыыта:

Ыам ыйын 21 күнэ – омук тыла;

Ыам ыйын 27 күнэ – биология, информатика (КОГЭ), обществознание;

Ыам ыйын 30 күнэ – география, история, физика, химия;

Бэс ыйын 3 күнэ – нуучча тыла;

Бэс ыйын 6 күнэ – математика;

Бэс ыйын 10 күнэ – география, информатика (КОГЭ), обществознание;

Бэс ыйын 13 күнэ – саха тыла;

Бэс ыйын 14 күнэ – биология, физика, информатика (КОГЭ), литература.

Бэс ыйын 24 күнүттэн- от ыйын 2 күнүгэр диэри резервнэй күннэр.

 

Эксээмэннэр алын кээмэйдэрэ:

  • Нуучча тыла – 15 баал;
  • Математика – 8 баал (геометрия хайысхатыгар 1 баалтан кыра буолуо суохтаах);
  • Физика – 11 баал;
  • Химия – 10 баал;
  • Биология – 13 баал;
  • География – 12 баал;
  • Обществознание – 14 баал;
  • История – 11 баал;
  • Нуучча литературата – 16 баал;
  • Омук тыла – 29 баал;
  • Информатика – 5 баал;
  • Саха тыла- 38 баал.

 

Эксээмэннэр ыытыллар бириэмэлэрин уһуна:

  • Нуучча тыла – 3 чаас 55 мүнүүтэ (235 мүнүүтэ);
  • Математика – 3 чаас 55 мүнүүтэ (235 мүнүүтэ);
  • Нуучча литературата – 3 чаас 55 мүнүүтэ (235 мүнүүтэ);
  • История – 3 чаас (180 мүнүүтэ);
  • Обществознание – 3 чаас (180 мүнүүтэ);
  • Физика – 3 чаас (180 мүнүүтэ);
  • Химия – 3 чаас (180 мүнүүтэ);
  • Биология – 2 чаас 30 мүнүүтэ (150 мүнүүтэ);
  • География – 2 чаас 30 мүнүүтэ (150 мүнүүтэ);
  • Информатика (КОГЭ) – 2 чаас 30 мүнүүтэ (150 мүнүүтэ);
  • Омук тыла – 2 чаас (120 мүнүүтэ) + “саҥарыы” хайысхата – 15 мүнүүтэ;

 

Үөрэнээччилэр 9-с кылааһы бүтэрии аттестатын ситиһиилээхтик эксээмэннэри туттаран ылалларыгар, олохторугар биир кирбиини ылан, салгыы сайдалларыгар баҕарабыт. Бу эппиэттээх, улахан суолталаах тэрээһин таһаарыылаахтык ыытыллан, улууспут үөрэҕин хаачыстыбатын көрдөрүүтэ үрдээтин.

 

Лениада Чахова, улууска сүрүн түмүктүүр эксээмэннэри ыытыы эппиэттээҕэ