XII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи “Лоскутная мозаика” быыстапкаҕа, “Якутская традиционная лоскутная мозаика” номинацияҕа Чурапчы нэһилиэгин норуотун маастара, “Утум” дьиэтин иһинэн үлэлиир “Кустугу куустарбыан” уонна “Дьикти таас” куруһуоктар салайааччылара Надежда Слепцова иккис миэстэни ылла уонна СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна.
- Надежда Владимировна, эйигин үрдүк ситиһиигинэн эҕэрдэлиибин. Хас саастааххар инньэни аан бастаан илиигэр ылбыккыный? Хаһааҥҥыттан иистэнэҕин?
- Мин тоҕус саастаахпар Чурапчыга балыыһаҕа сыппытым. Оччолорго онно сытар дьахталлар, ким испииссэнэн, ким күрүчүөгүнэн сүрдээҕин баайаллар этэ, бу санаатахха, балыыһаҕа көҥүллүүллэр эбит. Онно кинилэртэн испииссэнэн наскы баайарга үөрэммитим. Бастакы илиибинэн оҥоһугум ол этэ. Онтон ийэбэр, Ирина Михайловнаҕа көмөлөһөн иистэнэр массыынанан аҕабар үтүлүк тигэрим.Онтукам түҥ –таҥ да эрбэхтээх буоллар, аҕам, Владимир Семенович сүрдээҕин хайгыыр этэ. Оскуолаҕа сылдьан ыллыыр да, үҥкүүлүүр да этим, кэнсиэрдэргэ кыттарым. Кэнсиэргэ кэтэр былааччыйаларбын ийэм тиктэҕинэ, онно оҕуруотун, кылабачыгас киэргэллэрин тиксэрим. Ийэм былааччыйаны хайдах быһарга үөрэппитэ. Ол курдук иискэ бастакы хардыыларым саҕаламмыттара. Онон ммигин иискэ сыһыарбыт киһинэн ийэм буолар.
- Оскуоланы бүтэрэн баран ханна үөрэммиккиний?
- Оскуоланы ахсыс кылааһынан бүтэрэн баран,Төҥүлүгэ, СПТУ-га худуоһунньук–оформитель идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Үс сыл үөрэммитим, олус үчүгэйдик үөрэппиттэрэ. Бииргэ үөрэммит кыргыттарбын кытта билигин даҕаны билсэбин. Онно үөрэнэ сылдьан, стипендиябыт кэллэр эрэ маҕаһыынтан матырыйаал ылан бэйэбитигэр таҥас тиктэр этибит. Инньэ гынан үөрэнэрбитигэр, дискотекаҕа да кэтэр таҥаспытын барытын илиибитинэн тигэрбит. Оччотооҕуга иистэнэр массыынабыт суох буоллаҕа, онтон училищеҕа баар иистэнэр массыыналары көҥүллээбэттэр этэ.
- Иистэнньэҥ ийэ олоҕун кыратык сэгэтэн көрүөххэ
- 1989 сыллаахха ыал буолбутум. Бары билэрбит курдук ити кэмнэргэ номнуо ырыынак тыына биллэн, олохпут укулаата уларыйан маҕаһыыҥҥа ас–таҥас аҕыйаабыт кэмэ этэ. Оҕолорум, эһээхий эрдэхтэриттэн чиэпчиктэриттэн саҕалаан таҥастарын барытын бэйэм тигэр этим. Дьэ, онно ампаарга турар ийэм хоппото улаханнык абыраабыта. Онтон таҥас ылан, көтүрэн, уларытан-тэлэритэн оҕолорбор кимиэхэ суох таҥастары тигитэлээбитим. Холобура, уолум 3 -4 саастааҕар наһаа сытыы этэ, оонньуу бардаҕына сүтэн хаалара, кинини көрдүүр этибит. Ол иһин киниэхэ, ыраахтан көһүннүн диэн, кыһыл таҥаһынан хомуһуол тикпитим. Уоллаахпын уонна түөрт кыыстаахпын. Кыргыттар уһуйааҥҥа, оскуолаҕа араас тэрээһиннэргэ, өрүү кытталлара. Ол таҥастарын барытын бэйэм тигэрим. Кыргыттарым аттыбар олорон ким уруһуйдуур, ким оҕуруо тиһэр, хайдах сатанарынан, тугу сатыылларынан көмөлөһөллөр этэ. Ол кэнники идэ талалларыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, үнүстүүккэ тэриллэр күрэхтэргэ кыттар этибит. Ол курдук “Далбар”, “Кыыс ийэтинээн”, “Мин оҕобунаан биир дьарыктаахпыт” онтон да атын күрэхтэргэ кыттан, таҥаспытын көрдөрөн, быыстапкалаан куруук миэстэлэһэр этибит. Өр 24 сыл устата, Чурапчытааҕы физическай култуура уонна успуорт үнүстүүтүгэр техүлэһитинэн үлэлээбитим. Бээ, онтубутун өссө тупсаран “Менеджер по чистоте” диэн ааттыырбыт. Билигин да өр үлэлээбит кэлэктииппин истиҥ тылынан ахтабын, мэлдьи бырааһынньыктарга ыҥыран үөрдэллэр.
- Кырадаһынтан кыбытан, аттаран тигиинэн хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
- Мин кинигэттэн ойуулары көрөн бэйэм эрдэ кыбытыгынан аттаран тигиинэн дьарыктанар этим. Онтон 2019 сыллаахха пандемия кэмигэр, Арассыыйа норуотун уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара Дария Козлова ыытар онлайн-кууруһугар үөрэммитим. Онтон “Утум” дьиэтигэр “Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Надежда Ахматова сахалыы сон тиктиэҥ баҕалаах иистэнньэннэри мунньан куруһуок үлэлэтэр үһү” диэни истэммин кэлбитим. Надежда Прокопьевна салайар “Силик” диэн төрүт үгэскэ олоҕуран иистэнии куруһуогар маҥнай бэһиэ этибит. “Өбүгэ таҥаһын сөргүтэн бууктаах сон тиктиэ этибит, төрүт дьоммут соннорун” диэбитигэр, бары үөрүүнэн сөбүлэһэн соммутун тиктибиппит. Ити этэргэ түргэн курдук, барытын ымпыгар – чымпыгар үөрэтэн, Надежда Прокопьевна сүбэтинэн, ыйыытынан– кэрдиитинэн сахалыы бууктаах сон толору кэмпилиэгин тоҕус ый устата тиктибиппит. Мин бууктаах соммун кырадаһынтан кыбытыылаах тигиинэн киэргэппитим. Соммутун тиктэн баран Красноярскайга улахан быыстапкаҕа баран кыттыбыппыт. Надежда Прокопьевна моделынан сахалыы халадаай ырбаахы тиктэн кэппиппит. Арассыыйа элбэх эрэгийиэннэриттэн кытта кэлбиттэр этэ. Нууччалар, кытта кэлбит араас омук дьоно соммутун эргитэ сылдьан сэҥээрии, кэрэхсээһин, сөҕүү бөҕө буолбуттара. Бары маастар-кылаас ыыппыппыт. Олус ситиһиилээхтик сылдьыбыппыт. Ол быыстапкаҕа сырыыбын наһаа үчүгэйдик саныыбын. Кыбытыгынан киэргэтиилээх соммун “Утум” салайааччыта Надежда Михайловна Заболоцкая сэҥээрэ көрөн хайҕаабыта. “Манна кыбытык куруһуога үлэлии сылдьан, салайааччы суох буолан тохтообута. Дьон сүрдээҕин сылдьар этэ. Ону эн ыытыаҥ дуо?” – диэн этии киллэрбитигэр сөбүлэспитим. 2021сылтан “Кустугу куустарбыан” диэн кырадаһынтан аттаран тигии куруһуогун ыытабын. Бастаан сылдьар киһи элбэх этэ, 25 ахсааҥҥа тиийэ сылдьыбыппыт. Сүрдээҕин кыбытык тигиини баһылыан, олохтоохтук дьарыктаныан баҕалаах дьон бааллар. Кинилэр сорохторо быыстапкаҕа кыттан ситиһиилэммиттэриттэн үөрэбин. Надежда Прокопьевна “Чурапчы мусуойугар ааспыт үйэ отутус сылларын чаппарааҕа баар, эн ону ылсан тигиэҥ этэ” диэн этэн, ону баран көрбүппүт. Киһи хараҕын араарбакка умсугуйа көрөр оҥоһуга, харахпар хатанан, саныыр санаам, түүһүүр түүлүм ол сиэдэрэй, кэрэ көстүүлээх, өбүгэлэрбититтэн кэлбит, уран тарбахтаах иистэнньэҥ тикпит чаппарааҕа буолбута. 1950 сыллаахха Тааттаттан Чурапчы мусуойугар туттарбыттар эбит, ким тикпитэ биллибэт. Барытын үөрэтэн, кээмэйдээн,дьүһүнүн оруобуна оҥорбутум. Тигэрим тухары хаста да мусуойга бара сылдьыбытым. Бэйэм чаппараахха эбэн, кычымнары, лэпсэ оҥорон ситэрбитим. Бу үлэм “Лоскутная мозаика Якутии” быыстапкаҕа ситиһиилэнэн, улахан маастардар үрдүк сыанабылларын, хайҕабылларын ылан сүргэм көтөҕүллэ сылдьар, ситиһии киһини кынаттыыр да, элбэххэ да эбээһинэстиир. Ол үлэм билигин да кэлэ илик, быыстапкаларга турар.
- Эн оҕуруонан киэргэллэрин ураты сахалыы тыыннаахтар. Оҕуруонан дьарыктаммытын ыраатта дуо?
- Оҕуруонан оҕолорум кыра эрдэхтэриттэн дьарыктанабын. Кыргыттарбар араас киэргэллэри оҥорор этим. “Утумҥа” күһүҥҥэттэн оҕуруонан киэргэллэргэ “Дьикти таас” диэн куруһуок ыытабын. Бастаан тиэхэньикэтин үөрэтэ таарыйа түөскэ кэтиллэр киэргэллэри (брошь) оҥорбуппут. Куораттан бииргэ үөрэммит кыыһым Нюргустана Владимировна Федорова кэлэн маастар-кылаас ыыппыта. Кини үөрэппит тиэхэньикэтинэн салгыы илин кэбиһэри, кольены ситэрэн оҥоро сылдьабыт. Бастаан кэлбит дьон толло быһыытыйаллар, онтон саҕалаан бардаллар эрэ, илиилэрин араарбакка дьарыктаннахтарына, сатабыл чочуллан оҥоһук бэйэтэ тупсан, киэргэйэн иһэр. Тус бэйэм Чехия оҕуруоларын ордоробун, сыаналара да удамыр, хаачыстыбалара да үчүгэй.
- Ханнык баҕарар айар үлэһит киһи иэйиитэ киирдэҕинэ быдан таһаарыылаахтык айара, иистэнэрэ буолуо. Эн хайдах кэмҥэ ордук табыллан иистэнэҕиҥ?
— Сорохтор чуумпуну сөбүлүүллэр. Мин уу – чуумпуга олорон сатаан үлэлээбэппин. Араадьыйабын холбуубун эбэтэр муусука тыаһыгар, кэнсиэрт истэ олорон иистэнэбин. Дьэ, оччоҕо өйүм тырымныыр, санаам сааһыланар, иэйиим киирэр.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кыратык сырдатыаҥ дуо, дьарыккар хайдах сыһыаннаһалларый?
— Мин Ирина Михайловна, Владимир Семенович Романовтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтүм, бииргэ төрөөбүт тохсуобут. Оҕо сааһым Сылаҥҥа ааспыта, онно оскуолаҕа үөрэммитим. Кэргэним Яков Яковлевич РЭС -кэ тырахтарыыстыыр. Мин дьарыкпын саамай өйүүр киһим – кэргэним. Онон киниэхэ махталым улахан. Уолум Дмитрий, Д.П.Коркин аатынан интернат оскуолаҕа программист, түөрт кыыстаахпыт: улахан кыыһым Ирина – модельер-дизайнер, Вера – Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыгар технология учуутала, Айталина, Январина эргиэн киинигэр үлэлииллэр. Кыргыттарым бары илиилэригэр талааннаахтар, ким иистэнэр, ким баайар, ким уруһуйдуур, оҕуруонан араас киэргэллэри да оҥороллор. Кэрэҕэ умсугуйар, дьоһун мааны сиэннэрдээхпин. “Утумҥа” куруһуок ыытарбын, дьону дьарыктыырбын сөбүлүүбүн. Сөбүлээн дьарыктанар, туппуттарын ыһыктыбат, тиһэҕэр тиэрдэр дьон бааллара, миигин, үөрэтэр киһини үөрдэр. Мин үлэлэрбин көрөн биһирээбит, этии киллэрэн куруһуок ыытарбар, дьону дьарыктыырбар итэҕэйбит, дьоҥҥо –сэргэҕэ билиһиннэрбит убаастыыр салайааччыбар Надежда Михайловна Заболоцкаяҕа, саха төрүт ииһигэр ылсарбар көҕүлээбит, киэн туттар маастарбар Надежда Прокопьевнаҕа, “Утум” салайааччытыгар Анна Николаевнаҕа махталбын тиэрдэбин, манна кэлэн мин элбэх дьону кытта билистим, элбэх былааннаахпыт. Билигин Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар быыстапкаҕа кыттаары үлэлии сылдьабыт.
Надежда Владимировна, истиҥ кэпсээҥҥэр махтанабын, айар үлэҥ дьон – сэргэ сэҥээриитин ылан өссө киэҥ далааһыннаннын, дьиэ кэргэҥҥэр ситиһиини!
Кэпсэттэ Наталья Захарова, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй