Сылаҥтан “Кыл түгэнэ” этнобөлөх тыыннаах доҕуһуол түһүлгэтин кылаан кыайыылааҕа

Мария Андреевна Герасимова–Сэҥээрэ “Чурапчы улууһун  ВИА-лара”кинигэтэ күн сирин көрүөҕүттэн тыыннаах муусука саҥалыы сайдар тыынын ылла диэххэ сөп. Чурапчыга буолбут улахан түһүлгэ кэнниттэн нэһилиэктэринэн биһиги улууспут ВИА- ларын кэнсиэртэрэ ыытыллаллар.

Бу соторутааҕыта Сылаҥҥа улахан тыыннаах муусука түһөүлгэтэ буолан ааспыта. Ол дуораана сүтэ илигинэ Сылантан “Кыл түгэнэ” этнобөлөх( сал. Айсен Борисов)  Мэҥэ Хаҥалас улууһун Томтор сэлиэнньэтигэр улахан тыыннаах муусука күөн күрэҕэр кыттан субуота күн кылаан бирииһи ылла. Улахан ситиһии! Киэҥ түһүлгэҕэ Чурапчыбыт аатын дьоһуннук ааттатан кэллилэр.  Бу күрэх сэтинньи 25 күнүгэр Мэҥэ Хаҥаластар талааннаах биир дойдулаахтара, муусукаан, ырыаны айааччы, “Аартык” ВИА салайааччыта Иннокентий Олесов–Алампа аатынан “Дьиэрэһий, мин ырыам тыллара” улуустааҕы  аһаҕас тыыннах доҕуһуол күрэҕэ аан бастакынан ыытылынна. Күрэххэ Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан , Чурапчыттан кытыннылар.

“Кыл түгэнэ” этнобөлөх 2020 сыллаахха тэриллибитэ. Бөлөх салайааччытынан  Айсен Борисов буолар. Кини бэйэтэ соло гитараҕа оонньуур, ону таһынан Георгий Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын иһинэн  “Халлааҥҥа үрдэл” рок-бөлөҕү тэрийбит, түөрт уолун муусука кэрэ, дьикти эйгэтигэр киллэрбит амарах аҕа быһыытынан билэбит. Бу бөлөх “Музыка для всех” бырайыак кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Табык” аныгы тыыннаах муусука бэстибээлин хас да төгүллээх лауреата, онтон да атын улахан муусука түһүлгэлэригэр Чурапчыбыт аатын доргуччу ааттаппыт бөлөх. Билигин уолаттар оскуоланы бүтэрэн бары  А.Д. Макарова аатынан култуура кэллиэһигэр ситиһиилээхтик, олус айымньылаахтык үөрэнэ сылдьаллар. Айсен Борисов, Гаврил Лыткинныын “Добун дорҕоон түһүлгэтэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээли төрүттээбит дьонунан буолаллар, о.э бу бырайыак ааптардара. Айсен Гаврильевич билигин Георгий Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыгар “Сырдык күүс” бөлөҕү тэрийэн салайар.

Ударнай, охсор инструменнарга Семен Аммосов олорор. Семен Аммосов 1978 сылтан, оскуолаҕа үөрэн кэмнэриттэн Сылаҥ ВИА-тын тэрийсибит, тыыннаах муусука дьиҥнээх фанаата, нэһилиэгин култуурата сайдыытыгар  бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсэ сылдьар киһинэн буолар. Бас гитараҕа оонньуур Варвара  Борисова — “Халлааҥҥа үрдэл” рок -бөлөх  уолаттарын ийэлэрэ. Ритм гитараҕа Сылаҥ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ — Алеша Пудов оонньуур. Бу уолу Чурапчыга буолбут тыыннаах муусука түһүлгэтигэр көрөөччүлэр да, муусуканы сэҥээрээччилэр улаханнык бэлиэтии, сэргии көрбүттэрэ. Бөлөх ырыаһыттараынан Егор Макаров, Алексей Собакин уонна Петр Беляев буолаллар.

Тыыннаах доҕуһуол күрэххэ бастакы үрдэл үрдүк аатын  “Аартык” бөлөх сал. Петр Заровняев (Төҥүлү) ылла, иккис үрдэл  — Мугудайтан “Дархан” бөлөх (салайааччы Василий Смирников), үһүс үрдэл — “Дохсун” бөлөх 2-с  Дьөппөн, Хаҥалас улууһа (сал. Валерий Кузьмин). Онтон кылаан бирииһи “Кыл түгэнэ” салайааччы Айсен Борисов (СылаҤ). Итини таһынан элбэх номинациялар туттарылыннылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ идэтийбит муусука үөрэхтээх дьон үлэлээтилэр, бэрэссэдээтэлинэн “Дапсы” бөлөх салайааччыта, биллиилээх ырыаны айааччы, муусукаан, ырыаһыт Иннокентий Гаврильев – Лэкиэс. Мэҥэ Хаҥалас Доллу уонна 3-с  Мэлдьэхси нэһилиэктэрин  дьаһалталара, култууратын үлэһиттэрэ, олохтоохторо бука бары түмсэн, биир санаанан  тыыннаах муусука түһүлгэтин үрдүк таһымҥа ыыттылар, кыайыылаахтарга улахан бириистэри туттардылар.

 

Наталья Захарова, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ