Ханнык баҕарар нэһилиэккэ үгүс үлэ күргүөмнээхтик ыытыллар.

Быйыл сайын Сылаҥҥа сайыҥҥы уу ситимэ Көлүйэ түөлбэҕэ уонна киин уулуссаҕа олорор ыаллары кэрийэ тардылынна. Дьэ, бу тыа ыалыгар олус наадалаах үлэни бэлиэтээн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр дьон-сэргэ, оҕо-уруу мустан ууну айхаллаан көрүстүлэр уонна көҕөрдүүгэ улахан субуотунньугу тэрийдилэр. Нэһилиэк тас көстүүтүгэр көҕөрдүү үлэтэ улахан суолталааҕын бэлиэтээн, нэһилиэкпит олохтооҕо Иван Семенович Макаров дьону көҕүлээн таһаарда. Манна Сылаҥ ытык-мааны олохтоохторо, “Алаһа” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ кыттыһа түһэн, дьиэлэрин таһыттан араас мас, талах аҕалан үөрэ-көтө кэнчээри ыччаты кытта олортулар.

Тэрээһини сахалыы сиэринэн аал уот оттон, алгыс тылынан арчылаан Ытык кырдьаҕаспыт, Сэбиэскэй-партийнай үлэ бэтэрээнэ, Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Чурапчы улууһун, Сылаҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Борис Пахомович Баишев саҕалаата.

Үөрүүлээх тэрээһининэн   дьонун-сэргэтин  эҕэрдэлээн, үлэни-хамнаһы билиһиннэрдэ баһылык Егор Иннокентьевич Макаров тыл эттэ. Бу сайыҥҥы уу ситимин тардыыга үлэлэспит уолаттар Вячеслав Сивцев, Михаил Макаров, Егор Макаров, Ариан Игнатьев ууну ыытан, дьон уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр. Бу кэннэ бары күрүөмнээхтик мас олордуутугар туруннулар. Нэһилиэк олохтоохторо, бэтэрээннэр, профессор Георгий Башарин аатынан орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ (сал. К.И. Корякина), А.А.Сивцев аатынан сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ кытыннылар.

Иван Макаров: “Уу – олох төрдө, сайыҥҥы кэмҥэ уу баар буоллаҕына, сайыҥҥы үлэ тэтимирэр, үтүө түмүктэрдээх буолар. Бу үлэ нэһилиэкпитигэр уруккаттан баар. Маннык салҕанан барара, хайҕаллаах уонна нэһилиэк инники сайдыытыгар туһалаах буолара чахчы. Көҕөрдүү үлэтин учууталбыт Макаров Егор Дмитриевич саҕалаабыта, ол бачыыма күн-бүгүн салҕанара, кэҥиирэ – бу кини үлэтэ үйэлээҕин, туһалааҕын көрдөрөр”.

Анастасия Аммосова, нэһилиэк олохтооҕо

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй