Сылаҥ уһуйааныгар «Чэбдик» туустаах хос аһылынна

Чэбдигирдэр хос олоххо киирэригэр нэһилиэкпит дьаһалтата, баһылыкпыт Егор Макаров, нэһилиэк депутаттарын Сэбиэтэ, профессор Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын  43-с сыллаах медицинскэй кылаас выпускниктара, өрөспүүбүлүкэтээҕи медицинскэй киин эксперт-педиатра Любовь Назарова улахан көмөнү оҥордулар.

 

Бу күн кэлбит ыалдьыттарбыт туустаах хос оҕо доруобуйата бөҕөргүүрүгэр улахан көмөнү оҥордун диэн  баҕа санааларын эттилэр, хос салгыы сайдарыгар бэлэхтэрин туттардылар.

 

Сэтинньи ыйтан кырачааннарбыт медицинскэй үлэһит кэтэбилинэн анал график оҥоһуллан, туус хоһугар сылдьан саҕалыахтара. Оҕолорбут доруобуйаларын харыстааһын уонна бөҕөргөтүү, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайыннарыы сүрүн сорукпут буолар.

 

Н.А. Макарова, «Сулусчаан» уһуйаан методиһа