Чурапчы улууһун биир кырдьаҕас, сонордьут булчута, быйыл бултаабыта 54 сылыгар барда. Бэйэтин эйгэтигэр ытыктанар, кырдьаҕас сонордьут, күн бүгүнүгэр диэри элбэх ыччаты булт эйгэтигэр уһуйа-үөрэтэ сылдьарынан чугас дьоно киэн тутта саныыллар. Кини дьоҥҥо-норуокка биллэр таптал аата Тоомуу Кириисэ.
Григорий Григорьевич, 1949 сыллаахха сэтинньи ый 9 күнүгэр Сылаҥ нэhилиэгэр Анна Николаевна уонна Григорий Иванович Макаровтар диэн 6 оҕолоох ыалга иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.
1968 сыллаахха Сылаҥ орто оскуолатын 8 кылааhын бүтэрэн баран, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр 2 сыл этэҥҥэ сулууспалаан эргиллибитэ. 1970 сыллаахтан “Чурапчы” сопхуоска булчутунан ананан, оччотооҕу социалистическай куоталаhыыга былаан толоруутугар, онтон булт сезона түмүктэннэҕинэ сайынын от үлэтигэр, күрүө тутуутугар сылдьыһара.
Кэлин сопхуос ыhыллыбытыгар “Саха-булт” тэрилтэҕэ каадровай булчутунан үлэлиэҕиттэн, күн бүгүнүгэр диэри талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар.
Сонордьут наҕараадалара
- 1985 сыллаахха – Стахановскай хамсааhын 50 сылын көрсө, салайар звенонотун үрдүк көрдөрүүгэ таhааран ССКП райкомун сэкэрэтээрэ Е.Листиков илии баттааhыннаах дипломунан наҕараадаламмыт;
- 1986 сыллаахха – үлэ былаанын 169,9% толорбутун иhин «Чурапчы» совхоз парткома Анатолий Саргыдаев илии баттааhыннаах Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыт;
- 1987 сыллаахха – Октябрьскай революция 70-сыллаах юбилейыгар анаммыт социалистическай куоталаhыы кыайыылааҕынан тахсан юбилейнай дипломунан наҕараадаламмыт;
- 1988 сыллаахха – «Чурапчы» совхоз тэриллибитэ 10 сылыгар үрдүк көрдөрүүтүн иhин совхоз директора Григорий Смирников илии баттааhыннаах дипломунан наҕараадаламмыт.
- 1989 сыллаахха – үрдүк производственнай көрдөрүүлээх былааны толорбутун иhин Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыт;
- 1990 сыллаахха – үтүө суобастаах үлэтин иhин совхоз директора Григорий Смирников илии баттааhыннаах Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыт.
Кэлиҥҥи сылларга:
- 2004 сыллаахха – агропромышленнай эйгэҕэ ситиhиилээх үлэтин иhин тыа хаhаайыстыбатын миниистирэ А.Степанов илии баттааhыннаах буочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта;
- 2019 сыллаахха – «За заслуги перед районом 3 степени» знак хаhаайына үрдүк аат иӊэриллибитэ.
Араас күрэхтэргэ кыттыыта, ситиhиитэ
- 2008 сыллаахха – Намҥа ыытыллыбыт республиканскай «Куйуур» күрэҕэр 2 миэстэлээх;
- 2010 сыллаахха Дирин бөhүөлэгэр ыытыллыбыт республиканскай «Күүлэй» күрэҕэр 1 миэстэлээх чемпион;
- 2011 сыллаахха – Төлөй нэhилиэгэр ыытыллыбыт республиканскай балыктааhыӊӊа лично-команднай күрэххэ 2 миэстэлээх призер.
Быйыл Григорий Григорьевич булт эйгэтигэр үлэлээбитэ 54 сыла.
Григорий Григорьевич кэргэнинээн Федора Петровналыын ыал буолан 50 сыл олорбуттара. Хомойуох иһин олоҕун аргыһа 2022 сыллаахха ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ.
Икки кыыс оҕолоох, 5 сиэннээх, 1 хос сиэннээх – утум салҕанар!
Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ