Сэтинньи 15-16 күннэригэр профессор Г. П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Молодые профессионалы» чөмпүйэнээт улуустааҕы түһүмэҕэ буолла. Манна үөрэнээччилэр «Эстетическая косметология» уонна «Социальный и медицинский уход» компетенцияларга күөн көрүстүлэр.
Сылаҥ оскуолата 20-тэн тахса сыл медицинскэй хайысхаҕа үлэлээтэ. 2018 с мэдиссиинэҕэ хайысхалаах бу икки компетенциялары үрдүк таһымнаахтык тэрийэн кэллэ. Быйыл компетенциялары сыаналааһын критерийдэрэ, үлэлиир площадкалара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар чугаһатыллан тэрилиннэ.
«Эстетическая косметология» компетенцияҕа Валерия Макарова, Сылаҥ оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ кыайыылаах Кыһыл көмүс мэтээлин кэттэ. «Социальный и медицинский уход» компетенцияҕа Слепцов Миша, Сылаҥ оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Кыһыл көмүс мэтээли ылла.
Экспердэринэн косметологияҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр кыайыылаахтары бэлэмниир, уопуттаах компатриот — экспердэр: Мэҥэ Хаҥаластан Матчитова А. С., Сылаҥтан Макарова Е. Г. үлэлээтилэр. Онтон эдэр эмчиттэри түөрт быраас : Седалищева А. В., Иванова М.Т., Пономарева А. Ю., Иванова А. М. уонна икки доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэрэ, биэлсэрдэр: Христофорова С. Н., Дьяконова С.Н. сыаналаатылар.
Онон үөрэнээччилэргэ сатабылы иҥэрэр, идэҕэ бэлэмниир, оҕолор кэскиллэрин түстүүр тэрээһин бэркэ ааста.
Сивцева Лидия Степановна, дириэктэри агро хайысхаҕа солбуйааччы