Суоппар ЕГОР АЛЕКСЕЕВИЧ НОГОВИЦЫН (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Кини 50-с сыллартан саҕалаан уруулга олорбута. Ити кэмҥэ араас мааркалаах массыыналарга үлэлээбитэ, тиэхэньикэни муҥутуурдук туһаныы үтүө холобурун көрдөрбүтэ. Егор Алексеевич, Субуруускай аатынан сопхуос Сылаҥнааҕы отделениетыгар суоппардаабыта. Кини айанын суола нэһилиэгин иһинэн эрэ муҥурдамматаҕа. Сопхуоһун наадатыгар ыраах сиринэн үгүстүк кэлэрэ-барара.

Тохсус пятилетка бастакы сылларыттан ордук таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Өссө 1972 сылга сопхуоһун үрдүнэн социалистическай куоталаһыыга аан бастакытын чөмпүйүөннээбитэ. Оттон Бүтүн Сойуустааҕы куоталаһыыга киирсэн нөҥүө дьылыгар өссө үрдүк ситиһиилэммитэ. Оройуон урукку чөмпүйүөнэ Н.Р. Барашков көрдөрүүтүн 27 тыһыынча туонна-биэрсэтэнэн тупсарбыта, чөмпүйүөн-рекордсмен суоппар аатын ылбыта.

Төрдүс, тутаах сылга “ММЗ-555” мааркалаах массыынатынан элбэх тутуу матырыйаалларын, араас оборудованиены уонна уопсастыбаннай сүөһү кыстыгар наадалаах таһаҕаһы таспыта. Бэйэтин өр сыллаах уопутугар эдэр суоппардары үөрэтэргэ үгүс сыратын биэрбитэ. Массыынатын көрүүгэ-истиигэ, уматыгы уонна оҕунуохтуур матырыйаалы кэмчилээһиҥҥэ кичээҥи буолуу үтүө холобурун көрдөрөрө.

Норуот хаһаайыстыбатын бастыҥнарын оройуоннааҕы слетугар сыл устата 156304 туонна-биэрэстэни оҥорбут Егор Ноговицын 1974 сылга ОРОЙУОН ЧӨМПҮЙҮӨН СУОППАРЫН аалай лиэнтэтин кэтэр чиэскэ тиксибитэ.

Уопуттаах механизатор пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар, ССКП Киин Кэмитиэтин Ыҥырыытыгар эппиэттээн, өссө үрдүк ситиһиилэргэ дьулуспута. Кини, Улуу Кыайыы 30 сыла туолуутун көрсө охсуулаах үлэ вахтатыгар турунан, тохсунньу ыйга 17340 туонна-биэрэстэни оҥорон, олунньуга өссө үчүгэй көрдөрүүлэммитэ.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй