Сталинград куорат оборуонатын инники кэккэтигэр турар Сэбиэскэй Сойуус сэбилэниилээх күүстэрэ өстөөх авиациятыттан улаханнык эмсэҕэлэммиттэрэ. 64-с аармыйа хамандыыра, генерал-лейтенант Василий Иванович Чуйков сэрииһиттэр сытар сирдэринэн ааһан иһэн, кыраныысса быһа охсуһар сиригэр турар сорокопятка-пушкаҕа хатанан, ньиэмэс таанкаларын олус бэргэнник тоҕута ытыалыы сылдьар саллаат уолга хараҕа хатаммыта.
Саллаат хахха оҥостубут пушката олус табыгастаах сиргэ турар буолан өстөөх сөмөлүөтэ кинини буомбалаабат этэ. Ону көрөөт, тута генерал-лейтенант Василий Чуйков өстөөххө ыксары кимэн киирэр туһунан кытаанах дьаһала кэлбитэ. Кини иһитиннэрии барар суолларын, траншеялары, окуопалары эрийэ-буруйа хаһарга, гранатаны быраҕар кэмҥэ нейтральнай балаһа икки ардын төһө кыалларынан аччатарга бирикээстээбитэ. Итинэн сиэттэрэн өстөөх чугуруйар да түгэнигэр, наһаа ыраах куоппат гынары ситиһиэхтээхтэрэ.
Маннык тактическай албас үтүө түмүктэри аҕалбыта. Нейтральнай балаһа аччатыллыбыт сирдэригэр өстөөх буомбалара кэтэх сытар иччитэх окуопаларга, траншеяларга түбэһэрэ. Ити да үрдүнэн ньиэмэс ыгылыйбыт бомбардировщиктара сэбиэскэй аармыйа инники эрээтин буомбалыыбыт диэн, бэйэлэрин дьоно сытар сирдэрин табаллара. Онон хамандыыр маннык ньыманан өстөөх авиациятыттан кырыктаах саба түһүүтүн биллэ намыраппыта. Инньэ гынан инники испит войскалар сүтүктэрин аҕыйатан, саллааттар бойобуой санаалара өссө күүһүрэн өрө көтөҕүллүбүтэ.
Ол күн киэһэтигэр, генерал-лейтенант ол булугас өйдөөх саллааты булан аҕалалларыгар бирикээстээбитэ. “Мин блиндажка бииргэ сэһэргэспит артиллерия снайпер-бронебойщига Протодьяконовы кыайан умнар кыаҕым суох”, – диэн маршал биир суругар бэлиэтиир. – Омугунан кини саха, үрдүк уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах уол. Кини Мамаев курган хотугу тумулугар буолбут кыргыһыыга бэйэтин уонна өстөөх траншеяларын икки ардыгар 45 миллимиэтирдээх пушкатын кытары чааһыттан соҕотоҕун тыыннаах ордубут саллаат буолар. Кини онно ким да билбэтин гына олус үчүгэйдик хаххаламмытын түмүгэр кини ханна сытан ыппытын ньиэмэс танкистара кэлин таптаран, умайан баран биирдэ билбиттэрэ”.
Ол эрэн биирдэ, Гавриил хантан ытарын син биир бэлиэтии көрөннөр, кинини утары күүстээх артиллерия уотун аспыттара. Пушка оптическай прицела төһө даҕаны снаряд кырамтатыттан алдьаммытын иһин, бэйэтэ туох даҕаны буолбатах этэ. Инньэ гынан Протодьяконов пушкатын быраҕар аакка түспэккэ, өстөөх таанкаларын пушка уоһунан кыҥыы-кыҥыы, түргэн үлүгэрдик иитэн тута ытыалаан саҕалаабыта.
“Протодьодьяконовы кытары 1972 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Сталинградка, Мамаев кургаҥҥа иккиһин көрсүбүтүм. 30 сыл иһигэр кини эмиэ бэйэм курдук биллэ уларыйбыт этэ. Ол да үрдүнэн биһиги бэйэ-бэйэбитин тута көрөөт билбиппит. Кини онно миэхэ 1942 сыллаахха блиндажка көрсүһэн сэһэргэһиибитин санаппыта”, – диэн генерал бэйэтин ахтыытыгар суруйар.
“Эн миигиттэн: “Пушкаҥ ханна турарый?” – диэн ыйыппытыҥ. “Мин пушкам онно турбута, фашист таанката үчүгэйдик көстөрүн кэтэһэн бэйэм аттыгар сыппытым, ол кэннэ ытыалаан таанканы умаппытым”, – диэн хоруйдаабытым. Ол онно эн: “Маладьыас! Чай иһэҕин дуо?” – диэбиккэр, – “Кытаанах чаайы сөбүлүүбүн”, – диэбиттээхпин. Ол онно эн кытаанах чаайы куппуккун боруобалаабытым, ханньаак буолан биэрбитэ. Баһыыба, мин инньэ диэбитим”.
Чуйков Гавриил Протодьяконовы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аатыгар түһэрбит сибидиэнньэлэрэ баар. Ол гынан баран Байыаннай сэбиэт чилиэнэ Никита Сергеевич Хрущев ол онно илии баттаабакка, Гавриил Протодьяконов “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1943 сыл бэс ыйыгар Сэбиэскэй сойуус сэбилэниилээх күүстэрэ Богородичнай оройуоҥҥа турар кыракый Пришиб плацдармы ыланнар, бэрт тиэтэлинэн паромнар көмөлөрүнэн итиэннэ понтуон муосталарынан, туох баар матырыйаалынай, байыаннай чаастарын, итиэннэ инники иһэр пехотаны өйөөн, Хотугу Донец уҥа биэрэгэр туораабыттара. Пуушкалар батарыайалара өстөөх тааҥкаларын сууһарар инниттэн, пехота бойобуой хайысхатыгар туһаайыллан туруоруллубуттара.
Ньиэмэс билиэннэй саллаатын көрдөрүүтүгэр, Гитлер табыгас бары ньымалары туһанан туран, хайаатар даҕаны Хотугу Донец уҥа биэрэгин сэриилээн ылыахтааххыт диэн кытаанах бирикээһин кэпсиир. Фашистар онно тута Харьков анныттан биир танковай дивизияны, сорох саппаастарын көһөрөн, от ыйын 20 күнүттэн биһиги чаастарбыт утары күүстээх контратакалары саҕалаабыттара. Улахан сүтүктээх, ыар кыргыһыы, өстөөх тирэх пууна буолан турар Голая Долина дэриэбинэҕэ буолбута.
Өстөөх уһун синньигэс учаастакка автоматчиктар арыаллаах 60 тааҥканы ыытан пехота улахан аҥарын соҕуруу өттүнээҕи үрдэлгэ үтүрүйүүтүгэр, биһиги чаастарбыт дэриэбинэ кытыытыгар көһөн биэрэллэр. Фашистар утары кимэн киириилэрин салҕааннар, биһиги чаастарбыт сытар сирдэрин былдьыырга, боеприпастарыттан уонна астарыттан-үөллэриттэн матарарга дьулуспуттара. Аһаҕас сэрии уотун анныгар турар 2-с, 4-с уонна 7-с батарыайалар сүрүн охсууну бэйэлэригэр ылыммыттара. Кэлин 79-с Гвардейскай стрелковай дивизия хамандыыра, генерал-майор, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Л.И. Вагин ахтыытыгар: “Лейтенант Шуклин хамандыырдаах батарыайа турар оройуонугар 30 ньиэмэс тааҥката сыҕарыйбыта. Лейтенант Шуклин бэйэтин өттүгэр өстөөҕү 500-600 миэтэрэ чугаһатаат, кытаанах уоту арыйбыта. Онно тута хас даҕаны тааҥка уматыллыбыта эрээри сорох хаалбыт тааҥкалар Шуклин батарыайатын утары “уот ардаҕы” куппуттара итиэннэ сорох ньиэмэс тааҥкалара батарыайаны кыйа кимэн киирбиттэрэ.
Батарыайа төһө даҕаны улахан сүтүктэннэр, син биир кыргыһыыны ыыта сыппыта. Уопсайа 20 ньиэмэс тааҥката уматыллыбыта. Ол кэмҥэ батарыайа үрдүнэн соҕотох наводчик (кэлин быһаарыллыбытынан т. Протодьяконов) уонна улаханнык бааһырбыт батарыайа хамандыыра ордоннор, икки бүтүн хаалбыт пушкаларынан ытыалыыллара. Өстөөх сорох тааҥкалара тирэх пуун батарыайаларын нөҥүөлээн биһиги чаастарбыт оройуонун “өтүүктээн” барбыттара. Хомойуох иһин сэп-сэбиргэл, саа-саадах барыта үлтүрүтүллүбүтэ. Бу кырыктаах кыргыһыыга, хорсун-хоодуот артиллерист Гавриил Протодьяконов, төһө да бааһырдар, контузияланнар, орудиетыгар соҕотоҕун хаалан үс “Тигр” тааҥканы уонна өстөөх пехотатын икки атаакатын үлтүрүппүтэ. Батарыайа хамандыыра лейтенант Шуклиҥҥа, өлбүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбиттэрэ, оттон Г.Д. Протодьяконов төһө даҕаны Дьоруой үрдүк аатын сүгэр кыахтааҕын көрөн тураннар, иккис төгүлүн “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадалаабыттара. Кини Дьоруой аатын ылбатах биричиинэтэ диэн ким даҕаны кэмигэр сөптөөх туруорсуу-суругу суруйбакка хаалбыта буолар. Ол эбэтэр ити кыргыһыыга: 2-с батарыайа хамандыыра Шуклин, 5-с батарыайа хамандыыра лейтенант Самодоров уонна 2-с дивизия строевой чааһын хамандыырын солбуйааччы старшай лейтенант Дятлов, итиэннэ туох баар ааҕар-суоттуур батарыайа чаастара бука бары суох буолбуттара”.
Аҕа дойду Улуу сэриитин фронугар хорсунун уонна эр санаатын иһин Гавриил Дмитриевич үс “Хорсунун иһин” мэтээлинэн, “Сталинград оборуонатын”, “Берлини ылыы иһин”, “Варшаваны босхолооһун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин 1-кы степеннээх уордьанынан, түөскэ кэтиллэр “Отличный Артиллерист”, “Гвардия СССР” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта, эйэлээх олох кэмигэр “РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна” уонна Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Кини аатын билигин Алаҕар нэһилиэгин орто оскуолата киэн тутта сүгэр. Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтэ уонна улуус баһылыга Степан Саргыдаев 2023 сыл алтынньы 16 күнүнээҕи 215 нүөмэрдээх быһаарыыларынан “Гавриил Протодьяконов” аатынан түөскэ анньыллар бэлиэ олохтоммута.
Гавриил Дмитриевич Протодьяконов 1974 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр олохтон туораабыта.
Сэмэн Жендринскэй