Ынах сүөһүнү иитэр хаһаайыстыбаларга сотору кэминэн төрүөх саҕаланыаҕа. Билигин урукку курдук сүөһүгэ эбии аһылык суоҕун кэриэтэ. Быйыл кыстыгы туоруур оппутун миэстэтигэр булунан, кэлии от суоҕун кэриэтэ, онон сүөһүбүт ыарыыга ылларбакка, этэҥҥэ кыстыырыгар баҕарабыт.
Сүөһүнү, күһүн хотоҥҥо киириэхтэриттэн, күн аайы ойбоҥҥо ыытан уулатар бары өттүнэн табыгастаах – хааман чэччийэр, быкка-былахыга ыстарбат. Быт-былахы паразиттара сүөһү кыһын хотоҥҥо турар кэмигэр сайдар усулуобуйалара улаатар. Сорох ыаллар кыһыҥҥы кэмҥэ, сүөһү хотоҥҥо киирбитин кэнниттэн, борооскулары, арыт улахан да ынаҕы күн өрөтөн уулаталлара баар суол. Бу – сүөһүгэ, үксүн уулаах ынахтарга охсуулаах буолуон сөп –оккураҥ, мөлтөх ньирэй төрүүр. Ынахтарбыт төрүүр кэмнэрин иччитэ барыллаан билиэхтээх. Эрдэтээҕи сылга ханнык ыйга төрөөбүтүн билэр буоллаҕына, онтон салгыы хаһан ууламмытын ааҕан көрөн, бу сылга ханнык ыйга төрүүрүн сабаҕалаан билиэхтээх. Ону ордук саастаах сүөһү көрөөччү эндэппэккэ билэр. Ынахпыт тоҕус ый устата синньээн төрөөтө да, оҕотугар бастакы уоһаҕын барытын иһэрдэр ордук. Ол кэнниттэн биир тэҥ аһатыахтааххын. Салгыы ньирэйи биир ый толору ийэтин эмтэрэр ордук. Уон хонугун туолла да, оргуйбут ынах үүтүн курдук сылаас ууну иһэрдэн саҕалыыр наада – сүөһү организма 85 % ууттан турарын санатабыт. Ньирэй ийэтин үчүгэйдик эмэн, төрөөбүт 10-с хонугуттан оту ыстаан сыыйа саҕалыыр, ньирэй бастакы ыйдарыгар аһаабыт аһын соморсото(сычуга)буһарар. Ньирэй ийэтин уонна суосканы да эмэригэр тылынан оборон куртаҕын чалахайын таһааран, онто аһын ыйыстарыгар уонна аһа буһарыгар көмөлөөх. Ньирэй ийэтин эмэр кэмигэр баар былчархайдара барыта сайдар, кэлин оту сиир, атын аһы аһыыр кэмигэр ас буһарар уорганнара соморсото(сычуг), ханныта(рубец), ойуулааҕа(сетка), оһоҕосторо(кишечник) үчүгэйдик үлэлээн, аһаабыт аһын үчүгэйдик иҥэринэр буолар, араас баар ыарыыларга бэриммэт туруктанар, салгыы атын ас буһарар уорганнарын үлэтэ эмиэ сайдар. Ньирэйи суоскаҕа көһөрөллөрүгэр бастаан ыаммыт үүтү кытта бөлөнүйбүт күөх үүтү булкуйан сыыйа үөрэтэр ордук. Бастаан, ыаммыт үүккэ кыра аҥара бөлөнөх кутан, сыыйа улаатыннаран иһэрдэр табыгастаах. Сорох хаһаайыттар тута бөлөнөххө эбэтэр күөх үүккэ көһөрөллөр,сорохтор суоскалаабакка эрэ иһиккэ кутан иһэрдэллэрэ олох сыыһа!
Күөх үүтү бөлөнөхсүппэккэ эрэ иһэрдэр ону тэҥэ иһиккэ кутан уу курдук иһэрдэр, ньирэй иһин (ас буһарар уорганнарын үлэтин) алдьаталлар, ньирэй иһэ адаарыйар, үллэр, сыптарыйар, ол түмүгэр ньирэй туруга мөлтүүр, улааппат, түүтэ өҥө өлбөөркөй,ыарыыга ылларымтыа буолар.
Биһиги хаһаайыстыбаларбыт үүт туттарар буолан, ньирэйи наһаа эрдэ ийэтиттэн арааран суоскаҕа, иһиттэн аһыырга көһөрөллөр, ол түмүгэр ис уорганнарын үлэтэ алдьанар. Саҥа төрөөбүт ньирэй араас сыстыганнаах да, сыстыгана да суох ыарыыларынан ыалдьыан сөп, олортон биирдэрэ:
Диспепсия- бу олус чаастатык көстөр, кирдээх иһиттэн уонна сыыһа аһатыыттан, куһаҕан көрүүттэн саҕаланар ыарыы. Ньирэй сыптарыйар, олох уунан ыытар, иһэ тыаһыыр, ыгыстар, тэбиэлэниэн сөп сороҕор иһэ үллүбүт курдук буолар, улаханнаттаҕына аһары уунан ыытан сааҕа хааннырыан сөп, куһаҕан сыттаах буолар, хараҕа түһэр, олох аһаабат буолар. Маннык түгэҥҥэ сүөһү организма 80% ууттан турарынан ууну күүскэ иһэрдиэхтээхпит. Бу диспепсия ыарыыта улаханнаттаҕына ньирэй өлүөн сөп. Өлбүт ньирэй иһин аһан көрүүгэ оһоҕосторо көҕөрөн, кураанах,салгыннаах буолар.Соморсотун аһан көрүүгэ киһи сутуругун саҕа кытаанах үүт бөлөнүйбүтэ (казеин) сылдьар буолар.Бу бөлөнөхньирэй тыыннааҕар соморсо иһиттэн хайдах тахсар кыаҕа суох, бөлөнөх хайдах да эмтээтэххэ эмп кинини үнтүрүтэн таһаарбат, ол иһин аһын быһан туран, атын түргэнник буһар астарынан солбуйан, күҥҥэ 3-4 тэ кыралаан аһатабыт, ас буһарар ферменнары иһэрдиэххэ сөп, ууну хааччаҕа суох иһэрдэбит, биир сырыыга аппетита сүппэтин наадатыгар туустаан иһэрдиэххэ эмиэ сөп(1 литр ууга+1 ч/ложка туус)кутан, сиһин, атахтарын хаана үчүгэйдик эргийэригэр массажтыыбыт, хаамтарабыт. Бу ыарыыны аахайбатахха ньирэй өлүөн сөп.
Аҕылааһын(Беломышечная болезнь)ордук саҥа төрөөбүт ньирэй ыалдьар ыарыыта, атыннык миопатия диэн о. э сүрэҕин уонна этигэр хааныгар баар былчыҥнара анемичнай буолаллар. Бу сүөһү уорганнарыгар селен эбэтэр битэмиин Е тиийбэтиттэн эмискэ эбэтэр биллибэтинэн ыалдьар ыарыылара. Саҥа төрөөбүт ньирэй 2-3 хонугуттан ыалдьыан сөп, кэмигэр эмтэммэтэҕинэ ньирэй өлүөн сөп. Бу ыарыы көстүүтэ, ньирэй аһаабат буолар, салыҥнаах бүрүөлэрэ сырдык дьүһүннэнэллэр(анемичнай), буолар, ньирэй арыт аҕылыан, ыараханнык тыыныан сөп. Маннык түгэҥҥэ суһал көмө бэтэринээри ыҥыран селеннаах укол ыллаҕына бу ыарыыттан ньирэйи быыһыахха сөп. Ардыгар хаһаайын билбэккэ аһаран ньирэй өлбүт түбэлтэлэрэ үгүстэр.
Паратиф(Сальмонеллез)-ньирэй аһылыгар кирдээх иһиттэн, илииттэн сыстыан сөптөөх ыарыы. Ньирэйгэ бу бахтыарыйалар ас буһарар уорганыгар киирэн баран оһоҕоско, онтон салҕыы этигэр-хааныгар барытыгар тэнийэн элбииллэр, олохсуйаллар. Ньирэй аһаабат буолар, сыптарыйан уунан ыытыан сөп, хараҕа түһэр, температуралара тахсыан сөп, сыта мээник буолар. Маннык ыалдьыбыт ньирэйтэн сааҕын лабораторияҕа ыытан бактериялогическай чинчийиигэ бигэргэтиэххэ сөп. Бу ыарыыны бэйэ билэринэн эмтиир сэрэхтээҕин санатабын.
Колибактериоз (эшерихиоз)-бу олус сыстыганнаах ыарыыларга киирэр(кишечнай палочка көрүҥэ). Ньирэй иһэ ыалдьар, сааҕа хааннырыан сөп, титириир, тоҥор, сэниэтэ суох аһаабат буолар.
Пастереллез(Геморагическая септицемия)бу сыстыганнаах ыарыыларга киирэр, ыалдьыбыт сүөһү титириир, түүрүллэр, аһаабат буолар, сыптарыйар, сүрэҕэ арыт күүскэ тэ
Паратиф, колибактериоз, пастереллез ыарыытынан ыалдьыбыт ньирэйдэр, ыалдьыбытхартыыналара майгыннаһар буолар, бу ыарыылар бахтыарыйалара эти хааны сүһүрдэр дьайыылаахтар, ол иһин сөптөөхтүк эмтииргэ, ньирэйтэн сааҕын ветеринарнай лабораторияҕа бактериялогическай чинчийиигэ ыытан бигэргэтиэххэ сөп. Ыарыылары бэйэ билэринэн эмтиир сэрэхтээҕин санатабын.
Чурапчы ветеринарнай чинчийэр лаборатория бырааһа Августа Давыдова.