Хайахсыт нэһилиэгин арҕаа уһугар, Мэҥэ быыһыгар, кэргэннии Афансий Михайлович уонна Анна Федоровна Илларионовтар олорбуттара. Аҕалара наһаа сыралаах, байанайдаах булчут буолан уон биир оҕолорун иитэн киһи-хара оҥорбута.

1931 сыллаахха “Кыра Ньында” диэн табаарыстыбаҕа киирэллэр, онтукалара сотору Буденнай аатынан колхуос буола үүнэр. Охонооһой онно бастакы ударник буолбута, дьонугар-сэргэтигэр хайҕаппыта.

Дьоллоох-соргулаах олоҕу 1941 сыл сайыныгар эмискэ фашисткай Германия аймаабыта. Атырдьах ыйын 11 күнүгэр аҕалаах ийэ алгыс алҕаан, тыл этэн үс уолаттарын – Дмитрийи, Петры уонна Иваны Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии фронугар атаарбыттара. Дмитрий ити иннинэ колхуоһугар биригэдьиирдии, Петр суоччуттуу сылдьыбыттара. Иккиэн Нижнеудинскайга кавалерийскай чааска үөрэммиттэрэ уонна алтынньыга Серпухов оройуонугар кыргыһыы хонуутугар киирбиттэрэ.

Петр сэтинньигэ икки атаҕар бааһыран, Казаҥҥа биэс ый эмтэнэр, Улан-Удэҕа тиийэ госпуталларга сытар уонна 1942 сыл атырдьах ыйыгар дойдутугар эргиллэн кэлэр. Дмитрий — Серпуховка, Тула соҕуруу өттүгэр үс аҥар ый сэриилэспитэ, кэнники дойдутугар эргиллэн кэлэн баран 1970 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. Оттон Иван (ыалга иитиллэ сылдьыбыт буолан Кузьмин Иван Дмитриевич диэн) Бийскэй куоракка полковой оскуолаҕа үөрэнэн баран доруобуйата мөлтөҕүнэн сэрии бүтүөр диэри Иркутскай уобаласка Черемхово шахтатыгар үлэлээбитэ. Кырдьаҕас суоппар этэ.

1942 сыл бэс ыйыгар Илларионовтар Уорҕа оскуолатыгар учууталлыыр Николайдарын, атырдьах ыйыгар икки Егордарын атаараллар. Николай Уралга үөрэнэн баран 1943 сыллаахха уоттаах сэриигэ киирбитэ. Кэлин старшай сержант буолан Белоруссияны босхолоһо сылдьан сэттис бааһырыытыгар Рязань куорат госпиталыгар кэлэн өлбүт. Улахан Егор (Шестаков Егор Алексеевич) сэриилэһэр армияҕа орто оскуола тохсус кылааһын бүтэрээт ыҥырыллыбыт. Оттон кыра Егор Чурапчы педучилищетын бүтэрээт, сааһын эбэн туран, армияҕа тылланан барбыт. Иккиэн Мальта станцияҕа бииргэ үөрэммиттэр. Онтон кыра Егор снайперскай ротаҕа анаммыт. 1943 сыл тохсунньуга Белоруссия туһаайыытыгар геройдуу өлбүт.

Улахан Егор, Даурияҕа станковой пулемет иккис нүөмэринэн сылдьыбыт. Онтон үөрэнэн младшай лейтенант званиетын ылан, минометнай взвод командирынан ананан 1944 сыл тохсунньуга фроҥҥа тиийбит. От ыйыгар 52-с армия 50-с стерлковай дивизиятын 2-с стрелковай полкатын састаабыгар киирэн Прут өрүс уҥуордааҕы плацдармҥа туораабыт. Бу плацдармтан саҕаламмыт үс күннээх кимэн киирии түмүгэр Яссы-Кишинев оройуонугар өстөөх 22 дивизията төгүрүтүллүбүтэ. Балаҕан ыйыгар ону тобоҕолоон баран сынньабылга тахсаллар. Кэлин Польшаны босхолоһон Германияҕа тиийэр, Одеры туоруур. Муус устарга Нейссе өрүскэ хорсун быһыытын иһин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаланар, лейтенант званиетын ылар. Сэриини Прагаҕа түмүктүүр. Сылтан ордук кэмҥэ Арҕаа Украинаҕа саһа сылдьар бендеровецтары тобоҕолоһор уонна 1946 сыл сэтинньигэ демобилизацияланар. Кини сааһын тухары Саха АССР Үөрэҕин министиэристибэтигэр иниспиэктэринэн үлэлээбитэ.

1943 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр армияҕа сэттис уол учуутал Дмитрий ыҥырыллар. Манчжурия кыраныыссатыгар автоматчигынан сулууспалыыр. Кэлин учительскай институту бүтэрэн баран, пенсияҕа тахсыар диэри Дириҥ орто оскуолатыгар математиканы үөрэппитэ.

Ити курдук, биир ийэттэн аҕаттан төрөөбүт сэттэ ини-биилэр бэйэлэрин Ийэ дойдуларын атын бырааттыы норуоттар хорсун уолаттарын кытары бииргэ, сарын-сарынтан өйөһөн көмүскэспиттэрэ.

Г. Ефремов

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй