70-тан тахсыбыт оҕонньору Хадаар нэһилиэгэр оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ бары ытыктыыллара. Ити колхуос тутуутун бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Прокопий Степанович Григорьев этэ.
Кини нэһилиэгэр маҥнайгы холбоһуктааһын, култуурунай өрөбөлүүссүйэ сылларыгар нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр-иитэр үлэни ыытыспыта. 1931 сыллаахха “Сырдык тардыы” диэн бастаан тэриллибит табаарыстыбаҕа чилиэнинэн киирбитэ, нөҥүө сылыгар биригэдьииринэн анаммыта. Салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, сырыыны-айаны кыайар буолан дьонугар-сэргэтигэр сөбүлэппитэ. “Били Буокай оҕо туох диир үһү” дэтэр буолбута. Ол да иһин “Саҥа тэрилтэ” диэн бөдөҥсүйүбүт табаарыстыбаҕа бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Манна үс сыл үлэлээбитэ. Оттон 1936 сыллаахха “III Интернационал” тыа хаһаайыстыбатын артыала тэриллибитигэр бастаан бэрэссэдээтэли солбуйааччынан, кэлин сирэй бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта.
Ити курдук үлэлии-хамсыы сырыттаҕына сэрии саҕаламмыта. Онуоха эбии дойдуга уот-кураан мэҥэстибитэ. 1942 сыл Прокопий Григорьев сылгы табаарынай ферматыгар сэбиэдиссэйдии сылдьан бэс ыйын 14 күнүгэр кэргэнин, оҕолорун, аймах-билэ дьоннорун кытта быраһаайдаһан, фроҥҥа аттаммыта.
Прокопий Степанович бойобуой суола 362-с стрелковай полкаттан саҕаламмыта. Кини манна бэс ыйыттан ахсынньыга диэри үөрэнэр. Онтон 958-с стрелковай полк састаабыгар киирсэн ПТР наводчигын быһыытынан бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылар. Кэлин, 1943-1945 сыллардаахха, 208-с туспа суол тутуутун батальонугар сулууспалыыр. Кини сидьиҥ өстөөҕү Ийэ дойдуттан үүрсэн баран, Европа судаарыстыбаларын – Чехославакияны, Румынияны, Югославияны босхолоспута.
Хорсун буойун Сталинград оборуонатын кыттыылааҕа. Фельдмаршал Паулюс арбаммыт армиятын төгүрүйэн ылан үлтүрүтүүгэ, Белгородскай-Курскай туһаайыыга 1943 сыллахха кимэн киириигэ, Белгород, Полтава, Кременчуг, Александрия, Знаменка, Кировоград куораттары босхолооһуҥҥа уонна 1945 сыл тохсунньу 13 күнүгэр Сандомирскай плацдармҥа өстөөх күүстээх бөҕөргөтүнүүтүн тоҕо көтөн киириигэ уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин Үрдүкү кылаабынай хамандыыртан араас кэмнэргэ барыта 10 төгүл махтал суругу ылбыта.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии биир көхтөөх кыттыылааҕа Прокопий Степанович Григорьев, Кыһыл сулус уордьанынан, “Сталинград оборонатын иһин”, “Праганы босхолооһун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Урукку буойун түөһүн итини сэргэ “Кыайыы 20 сыла”, “ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин 50 сыла” үбүлүөйүнэй мэтээллэр, “Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ кыайыы 25 сыла” знак киэргэтэллэрэ.
- Сэрии сылларыгар сулууспалаабыт чаастарбар сахалартан соҕотох этим. Нууччалыы билбэт буолан улаханнык эрэйдэнэрим, — диэн Прокопий Степанович ахтыбыттаах. – Үксүн илиибинэн-атахпынан хамсанан быһаарсарым. Доҕотторум казах уола Тит Мурад, нуучча Иван Мотопонов улаханнык көмөлөһөллөрө. Тугу этэрбин кинилэр дөбөҥнүк өйдүүр этилэр, мин даҕаны, үөрэнэн хаалан, кэбэҕэстик өйдүүрүм. Взвод командира старшай лейтенант Зеленай, батальон командира, майор Аржаков биһиги иннибитигэр туох соруктары туруоралларын доҕотторбуттан эрэ чуолкайдаһан билэрим. Румынияҕа Саха АССР Үөрэҕин миниистирэ буолбут Захар Прокопьевич Саввины, Чехословакияҕа биир дойдулаахпын Роман Христофорович Кривошапкины, Украинаҕа Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Бүтэйдээх киһитин Назаровы көрсүтэлээбитим. Ити эрэ үс түбэлтэҕэ төрөөбүт тылбынан кэпсэппитим. Кинилэр миигин бэрт элбэхтик сүбэлээбиттэрэ, дойдубутуттан туох сонуну билбиппитин-көрбүппүтүн хардарыта атастаспыппыт.
Буойун дойдутугар кэлээт, урукку үгэһинэн, эйэлээх тутуу фронугар көхтөөхтүк кыттыбытынан барбыта. Ол туоһутунан 1968 сыллаахха “РСФСР Тыатын хаһаайыстыбатын социалистическай куоталаһыытын туйгуна” значогунан, “Килбиэннээх үлэтин иһин. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн”, НХСБ боруонса мэтээллэринэн наҕараадаламмыта буолаллар. Кини кэлин төһө даҕаны сааһа баттаатар, пенсияҕа да олорон күүһэ кыайарынан үлэтиттэн илиитин араарбатаҕа. Үлэ бэтэрээнин, хорсун буойун Прокопий Степанович Григорьев олоҕо эдэр көлүөнэҕэ үтүө холобурунан буолар.
С. Алексеев
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй