Сэрэдэҕэ о.э. ыам ыйын 8 күнүгэр, Чурапчы улууһун үрдүнэн сарсыарда 10 чаастан киэһэ 17 чааска диэри уоту араарыахтара диэн Чурапчы улууһун биир кэлим диспетчерскэй сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күн, Майа-Чурапчы хайысхатынан, былааны таһынан үрдүк күүрүүлээх лиинийэлэргэ эбии тирэхтэри туруорар сыалтан хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллар диэн этэллэр.

Уот арахсар кэмигэр Чурапчытааҕы РЭС веерно дизель холбуура былааннанар: “Чурапчы-Арыылаах-Куохара-4” күнүс 12-14 чааска диэри дизель холбонон ылыаҕа, “Чурапчы-Килэҥки” эбиэттэн киэһэ 14-16 чааска диэри, “Харбала-1” — 10-12 чааска уонна 14-16 чааска диэри, “Чурапча-1” — 10-12 чааска онтон “СХТ-3” 16-17 чааска диэри.

 

Сэмэн Жендринскэй