СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Чурапчы Таас балыыһатын кэмигэр киллэриҥ диэн сорудахтаата

Бу туһунан, бэҕэһээ буолбут мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков балыыһаҕа ититиини холбуур тэтимнэрин түргэтэтэн, 2023 сыл бүтүүтэ эбийиэги олоххо киллэрэргэ  модьуйда.

“Эбийиэк олоххо киирэрин сырыы аайы уһатан, көһөрөн иһэр сатаммат. Чурапчылар Таас балыыһаларын салҕааһына бу сылга хайаан даҕаны үлэҕэ киириэхтээх. Ону таһынан сүрүн болҕомтону үрдүк кыамталаах техническэй оборудование кэлиитигэр ууруоххутун наада”, — диэн Кирилл Евгеньевич эттэ.

Итини таһынан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, Чурапчы улууһугар Таас балыыһа тутуута – дьон олоҕор тутаах эбийиэк буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов бэҕэһээҥҥи күн түмүгүнэн, эбийиэк олоххо киириигэ 82% бэлэмнээҕин туһунан иһитиннэрдэ. Тутууга күн-бүгүн 60-ча киһи үлэлии-хамсыы сылдьар, инникитин дьон ахсаанын улаатыннарар туһунан этилиннэ.

Таас балыыһа салҕааһыныгар поликлиника, терапия, стоматология, дьахталлары уонна оҕолору консультациялыыр отделениелар, күнүскү стационар ону таһынан ыарыһахтары реабилитациялыыр туспа медицинскай отделение баар буолуохтара.

Итини таһынан итиннэ МРТ киирэрэ былааннанар уонна туспа гараажтаах, ыскалааттаах суһал көмө отделениета үлэлиэҕэ.

“Чурапчыга Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуллуута түмүктэннэҕинэ аныгылыы тииптээх бөдөҥ комплекс буолуоҕа, манна медицинскэй көмө бары көрүҥнэрэ оҥоһуллар кыахтаныахтара. Биһиги манна үрдүк хаачыстыбалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ табыгас уонна сүрүнэ диэн медицинскэй көмөнү сөптөөхтүк ылалларыгар кыһаллыахтаахпыт”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Чурапчы улууһугар өссө бу сайын кэлэ сылдьан эппитэ.

Санатан эттэххэ балыыһа тутуута, “Здравоохранение” нацбырайыак доруобуйа харыстабылын  бастакы сүһүөх бырагыраамма чэрчитинэн ыытыллар. Нацбырайыак олоххо киириитин Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыллаахха бигэргэппитэ. Бу кылгас кэм иһигэр Саха сиригэр үтүмэн үгүс эбийиэк тутуллан олоххо киирдэ: Дьокуускай куоракка перинатальнай, кардиососудистай кииннэр, икки улахан оройуон балыыһалара, 65 эмтиир балыыһалар, ФАП-тар. Ону таһынан 229 саҥа техника көрүлүннэ, кинилэр истэригэр 16 көһө сылдьан дьон доруобуйатын көрөр-истэр массыыналар, итиэннэ 663 медицинскэй оборудованиеларынан хааччылыннылар.

 

Сэмэн Жендринскэй