Саллаат тэлбит суола (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Суол хантан саҕаланарый, ханна тиийэн бүтэрий? Уустук эбээт тута быһаарар. Оттон ыар күннэргэ саллаат синиэлин кэтэрдэн, кылааннаах өргөһү туттаран Ийэ дойду бэйэтин дьылҕатын итэҕэйбит хорсун уолаттарын суолларын туман бүрүйбэт, кыраһа саппат.

Төрөөбүт түөлбэҕэ

Үрдүк куполлаах, алтан кириэстээх таҥара дьиэтин ийэ-аҕа куолакаллара лоҥкунаһаллар, ытарҕа ырыаһыттар хатаннык чаҥкынаһаллар. Уп-уһун эрээсэлээх Софроний аккыырай, алтыыр айаҕар туран “Я – человек высокий, я говорю громко” диэн унаарытан иһэн, дьон быыһыттан хара төкүнүк кыырайан кэлэн атаҕын тумсугар тоһугур гына түспүтүттэн соһуйан дьик гынна. “Айыылааҕы” баачыкалар тус бэйэлэринэн ирдээтилэр. Хас да үөрэх оҕолоро тутулуннулар. Кулгаахтааһын… Хараҥа муннукка туруу… Оскуолаттан үүрүллүү…

Миитэрэй үөрэххэ тардыһар сырдык ырата ити курдук сабыллыбыта. Ол кэмтэн илии ыарахан үлэтигэр милкиллибитэ.

Колхуос тэриллиитигэр хайыы-үйэ сиппит-хоппут туруу үлэһиккэ араас сорудаҕы сүктэрэллэр. Кладовщиктыыр. Эмиэ да биригэдьиир буолан ылар. Кэнники колхуоска бэрэссэдээтэли солбуйар, онтон сирэй бэрэссэдээтэлинэн талыллар.

Оччотооҕу саҥа олоҕу тутуу уустук боппуруостарын дьүүллээһэр үгүс моргуордаах мунньахтар тыҥ хатыыта, им суһуктуйуута бүтэллэрэ. Тыа сиригэр социалистическай хаһаайыстыбаннай, култуурунай тутуу урут тыырыллыбатах суолун тэлсэн элбэхтик нэһилиэги эргиччи сүүрдэллэрэ. Дьон сүрэхтэн-дууһуттан ылынан көхтөөх үлэ күөстүү оргуйара.

Миитэрэй ойууру солоһон, саҥа массыыналары үлэлэтэн, от оттоон, хотон тутуһан дьону кытта тэҥҥэ тиритэр-хорутар. Оттон киэһэтин сыа ыһыырынньыгын уматан остуол уһугар колхуостаахтар таабылларын толоро, көлөһүн күнүн суоттуу ыкса түүҥҥэ диэри олороро. Хап-хара хойуу баттаҕын өрүтэ анньыммахтыыра. Ыраас, сырдык хааннаах иэдэстэрэ, үөһээ уоһугар соруйан кырааскалаан оҥорбут курдук кып-кытархай бытыга кини сэбэрэтин умнуллубат ураты көрүҥнүүллэрэ.

Ийэ буорга көмүс туорахтар

Эйэлээх тутуу сылларын сэрии уот холоруга, өлөр-тиллэр хабараан хапсыһыы солбуйар. Сэбиэскэй Информбюро иһитиннэриилэрэ дьон дууһатын ыарыылаахтык ньүөлүтэллэр.

Чыаппара үрдүк кырдалыгар бүттүүн байыаннай үөрэх саҕаланар. Алаҕар, Бахсы нэһилиэктэриттэн түмсэн күдэрик тумаҥҥа, түптэлэс тымныыга хайыһарынан сүүрэ, ыстыыгы сатаан туттарга үөрэнэллэр. Бөҕө сүһүөхтээх, күүстээх илиилээх төрөл киһи этэ кини. Байыаннай үөрэххэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирсибитэ.

1942 сыллааҕы саас бастакы байыаннай ыһыыны бэйэтинэн кыттан түмүктэспитэ.

Биирдэ киэһэ үлэттэн кэлбитэ кыракый кумааҕы – Ийэ дойду ыҥырыыта күүтэн сытара. Ону байыаннай билиэтин кытта холбуу суулаан ырбаахытын хаҥас сиэбигэр уктубута уонна кэргэнигэр Маайаҕа “өтөхпөр бардым” диэбитэ.

Сэттэ биэрэстэ сири өр гымматаҕа. Былырыын тутан бүтэрбит туруорбах балаҕана, дьааһык иһин курдук, ып-ырааһынан сандааран “кыайыынан эргилин” диэн алгыыр курдуга. Хас биирдии маһын кэриччи көрөн баран Миитэрэй халҕаны оргууй саппыта.

Онтон кыбыыттан кыраабыл ылан кыһыҥҥы ойбон суолунан Кэмээдэ билиитигэр киирбитэ. Күөл уолан, хара былыык оргуйара. Миитэрэй сиэбиттэн кыра маҥан саппыйаны ороон таһаарбыта, онтон дьэһимиэн туорахтарын биир-биир ылан ыспыта: “Көмүс туорахтар, манна күөх киистэ анньан көхтөөхтүк үүнүҥ”, — диэн ботугураабыта.

Сарсыарда эрдэ Дьэҥкиидэ Толоонугар мустан колхуостаахтар буойун уолаттарын атаарбыттара.

Сталинград анныгар

… Фашистар Арҕаа Европаны тоҕо хааман арбаммыт алтыс армиялара тимир уобуруччуга ыбылы ылларан күнэ киирэр, үлтү урусхалланар кэмэ-кэрдиитэ чугаһаан турара. Генерал В.И. Чуйков хамандыырдаах 62-с армия хорсун охсуһуута аан дойдуну хайыы-үйэ сөхтөрбүтэ.

Буомбалар, снарядтар, миинэлэр кыргыс хонуутун уот холоругунан өрө ытыйа тураллара. Салгыны тобурах буулдьа быһыта курбуулуура. Өлбүттэри тыыннаахтар солбуйан, икки дуолан күүс хардарыта кимсэллэрэ. Биир итинник кимсии кэмигэр Миитэрэй санна ыарахан охсууттан “ньир” гыммыта. Биирдэ өйдөммүтэ: сиргэ умса түспүт, аҥар илиитэ тугу да билбэт, көхсө ыбыс-ыарахан. Онтон доҕотторо ханна эрэ илдьэн иһэллэрин билбитэ.

Кэнники Саратов куоракка госпитальга сытан Дмитрий Петрович Барашков кэргэнигэр Маайаҕа: “Дьон-сэргэ хайдах олорор? Быйыл дьыл хайдаҕый? Кэмээдэҕэ көмүс куолас төһө үүннэ?..” – диэн суруйбута. Буойун хараҕар төрөөбүт Бахсытын сирэ-уота, Араҥастаах, Кэмээдэ, Харбыгы хонуулара, Туйма үрэҕэ, Мээмилэй дьүөдэтин үрдүнээҕи кыракый балаҕан олох тыыннаах калейдоскоба буолан субу баардыы көстөллөрө…

Буойун инники көлүөнэҕэ хаалларбыт үтүө дьыалатын көмүс куоластара өрүү чэчирии, сириэдийэ тураллар. Олор бар дьон сүрэҕэр, дууһатыгар хаһан даҕаны хагдарыйбаттар.

Сэмэн Жендринскэй