Саха сирин кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V спартакиадаҕа Чурапчы улууһун хамаандата бэйэтин бөлөҕөр кыайыылаах таҕыста

Дьокуускай, Чурапчы, Өймөкөөн уонна Муома улуустарын хомуур хамаандалара Саха сирин кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V спартакиадаҕа ордук күүстэхтэринэн билиннилэр диэн СИА иһитиннэрэр.

Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига ыытыллыбыт улахан күрэххэ 600-чэ ыспарсымыан, барыта холбоон 28 хамаанда кыттыыны ылла.

Спартакиада успуорт уонна доҕордоһуу дьиҥнээх бырааһынньыгынан буолла. Кыттааччылар бары тэрилтэлэр таһымнарынан уонна күрэхтэһии усулуобуйатынан астыннылар. Успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэрэ саха успуордун устуоруйатыгар саҥа страницалары арыйалларынан олус астынабыт”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Хамаандалар оройуоннар нэһилиэнньэтин ахсаанынан түөрт бөлөххө араарыллан кииристилэр. Ол иһигэр Хотугу сир уонна Арктика улуустарыгар анаан туспа рейтинг оҥоһулунна. Уон успуорт көрүҥүн түмүгүнэн түмүгү түөрт бөлөҕүнэн таһаардылар.

Бастакы бөлөххө спартакиада чөмпүйүөнэ Дьокуускай куорат хамаандата буолла. Нерюнгри куорат биир эрэ очукуонан хаалан иккис миэстэҕэ таҕыста. Үһүс миэстэ Алдан куорат ылла.

Иккис бөлөххө Чурапчы улууһа бастаата. Нам улууһа иккис миэстэҕэ тигистэ, оттон үһүс миэстэни Горнай улууһа ылла.

“Бэйэм улууһум ыспарсымыаннарынан киэн туттарым күүһүрэн иһэр! Чурапчы улууһун устуоруйатыгар маҥнайгытын биһиги хамаандабыт кыһыҥҥы спартакиадаҕа бастакы миэстэ буолары ситистэ. Биһиги ыспарсымыаннарбыт үчүгэй бэлэмнээхтэрин, түмсүүлээхтэрин көрдөрүлэр, итини сэргэ шорт-трек уонна хотугу троеборьеҕа бастыҥнарынан ааттаннылар. Биһиги бука бары бу кыайыыны улаханнык кэтэспиппит уонна бэйэбит ыспарсмыаннарбытыгар эрэлбит улахан этэ. Чурапчы улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын улахан кыайыыларынан эҕэрдэлиибин, өссө улахан кыайыылары, ситиһиилэри баҕарабын”, — диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев телеграмм ханаалыгар суруйар.

Хотугу оройуоннар ортолоругар Өймөкөөн улууһа бастаата, Үөһээ Дьааҥы оройуона иккис, онтон Орто Халыма оройуона үһүс буоллулар.

Арктика оройуоннарын бөлөхтөрүгэр бастыҥ миэстэни Муома улууһун спортсменнара ситистилэр. Аллайыаха улууһа иккис, Анаабыр үһүс миэстэҕэ тигистилэр.

 

Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска СИА саайдыттан