ПРОКОПИЙ СОКОЛЬНИКОВ ЧУРАПЧЫ ДЬОНУН ТУҺУГАР (Бүгүн оройуоҥҥа бастакы балыыһа арыллыбыта 124 сыла)

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр, уруккута Боотурускай улуус киинигэр, быраас Прокопий Нестерович Сокольников маҥнайгы балыыһаны аспыта 124 сылын туолла. Оччолорго улуус кыракый балыыһата нэһилиэнньэҕэ эминэн көмөлөһүүгэ биллэр-көстөр тосту уларыйыыны оҥорор кыаҕа суоҕа. Ол эрээри улуу нуучча омук научнай медицинатын кэккэ төрүттээччилэригэр үөрэммит сахаттан бастакы быраас түҥ хараҥаҕа мунан олорбут сахаларга балыыһаҕа эмтэнии үчүгэйин дьиҥ-чахчы итэҕэппитэ.

Бар-дьоҥҥо үтүөнү оҥорбут киһи олох биллибэккэ хаалара оччотооҕуга да кыаллыбат суол эбит. Кини аата билигин да умнуллуо суохтаах. Норуот доруобуйатын харыстабыла күннэтэ ордук суолталанан иһэр. Онон сибээстээн мантан аллара Прокопий Нестерович эмтиир үлэтин туһунан сорох бэлиэтээһиннэрин оҥоробун.

Улууска маҥнайгы балыыһа

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Саха сирэ ыраахтааҕылаах Арассыыйа саамай хаалан иһэр кырыы сирэ этэ. Уобаласка ахсааннаах эмп тэрилтэтэ үлэлиирэ. Хойуу нэһилиэнньэлээх Боотурускай улууһугар балыыһа суоҕа. Нэһилиэнньэни эмтээһин бүүс-бүтүннүүтэ аҕабыыттар, ойууттар уонна отоһуттар илиилэригэр этэ.

1897 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр тыа нэһилиэнньэтин эмтээһини тупсарыы туһунан Сокуоҥҥа олоҕуран Саха уобалаһыгар 10 эмп учааскаларын тэрийбиттэрэ. Ол үрдүнэн ити реформа кэнниттэн даҕаны Саха сиригэр 1900 сыллаахха баара-суоҕа 13 быраас үлэлиирэ.

Университет медицинскэй факультетын бүтэрэригэр Прокопий Сокольниковы учууталлара уонна табаарыстара Москубаҕа хаалан үлэлииригэр көрдөспүттэрэ. Ол эрээри кини ону ылынар кыаҕа суоҕа. Төрөөбүт буоругар төннөн, дьонугар-сэргэтигэр туһалыыр баҕа санаатын Прокопий Нестерович соҕуруу да үөрэнэр сылларыгар мүччү туппатаҕа. Үөрэҕин бүтэрэр дьылыгар кини Саха уобалаһын салайааччыларыттан үс төгүл дьаныһан туран дойдутугар үлэҕэ ыҥырылларыгар көрдөспүтэ. Түмүгэр, 1898 сыл ахсынньы ый 16 күнүгэр губернатор Скрипицын 14 нүөмэрдээх бирикээһинэн Дьокуускайдааҕы уокурук төрдүс эмтиир учааскатын бырааһынан анаммыта.

Боотурускай улууһу бүтүннүүтүн уонна Мэҥэттэн сорох сирдэри хабар төрдүс учааска эмчиттэрин көрүүтүгэр барыта 31618 дууһа тиксэрэ а.э. бу учааскаҕа Саха сирин нэһилиэнньэтин 1/8 кэриҥэ олороро. Учааска киининэн Чурапчы сэлиэнньэтэ буолбута. Ол саҕана манна улуус быраабата, начаалынай норуодунай училище, таҥара дьиэтэ, почта-телеграф хонтуората бааллара.

1899 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр Прокопий Сокольников Москубаттан Дьокуускайга кэлбитэ. Кэлээт губернатор Скрипицыҥҥа, уобаластааҕы медицинскэй иниспиэктэр эбээһинэһин толорооччу В.А. Вонгордзскайга сылдьыталаабыта. Медицинскэй иниспиэктэр саҥа анаммыт бырааска Чурапчыга нэһилиэнньэни эмтээһин туругун, биэлсэр Д.И. Бартеньев үлэтин кытары билиһиннэрбитэ уонна быраас соруктарын туһунан уопсай сүбэлэри биэрбитэ.

Прокопий Нестерович Чурапчыга кэлээт киһи хомойор хартыынатын көрбүтэ. Балыыһа, эптиэкэ аналлаах дьиэлэрэ суоҕа, биэлсэр Бартеньев ыарыһахтары ханна түбэһиэх көрөр эбит этэ, оттон бэйэтэ аҕабыыт дьиэтигэр кыбыллан олороро. Улуус уонна уобалас тойотторо нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар туох да суолтаны биэрбэттэриттэн салла санаабыта.

Үлэтигэр киирээт быраас Прокопий Сокольников биэлсэр Д.И. Бартеньевы уонна улуус тойотторун кытта билсибитэ, сүбэлэспитэ. Онуоха кини эмп суолтатын быһаарбыта, научнай медицина диэн ойууннааһын, удаҕаннааһын буолбатаҕын дакаастыы сатаабыта. Ыарыһахтары көрөргө уонна эмтииргэ хайаан да туспа дьиэ-уот, сэп-сэбиргэл, сөптөөх тэрил уонна усулуобуйа наада буоларын этэн туран, быраас улуус кулубатыттан балыыһаҕа аналлаах туспа дьиэни биэрэрин модьуйбута.

Миэстэтигэр балаһыанньаны кытта билсэн баран, куоракка киирбитэ. Онно бэс ыйын 18 күнүгэр уобаластааҕы эмп иниспиэктэригэр маҥнайгы көрдөһүү суругун түһэрбитэ: төрдүс учааскаҕа үп көрдөөбүтэ уонна араас буппуруостары туруорсубута.

1899 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр Боотурускай улуус быраабата “эптиэкэҕэ, балыыһаҕа уонна эмчиттэр олороллоругар анаан 5 сыл устата болдьохтоон улуус быраабатын эргэ дьиэтин уонна урукку мөссүйүөнү биэрэргэ” уураах таһаарбыта. Бу икки дьиэни өрөмүөннүүргэ уонна балыыһаҕа сөптөөх гына уларытан оҥорорго Чурапчы бырааһа уобаластааҕы эмп иниспиэктэриттэн 600 солкуобайы көрдөөбүтэ. Ол өйөммүтэ, үп бэриллибитэ.

Харчыны ылаат Прокопий Нестерович өрөмүөн үлэтин тэрийбитинэн барбыта. Нэһилиэктэртэн маастардары, мас уустарын, оһохчуттары булуталаабыта. Үлэ түргэн тэтиминэн баран испитэ. Аны балыыһа инбэнтээрин оҥорторууга уонна үлэһиттэр хамнастарыгар 500 солкуобай үбү эбии көрдөөбүтэ. Уобалас тойотторо бу да сырыыга утарсаллара олуона курдук буолбута, үп эмиэ кэлбитэ. 1900 сыл олунньу 21 күнүгэр уобалас архитектора уонна В.А. Вонгродзскай Дьокуускайтан тахсан үлэ үчүгэй хаачыстыбалаахтык ыытыллыбытын туһунан аналлаах аахтаны оҥорон губернаторга түһэрбиттэрэ.

Эдэр быраас итинэн уоскуйбатаҕа. Сотору 5 куойкалаах балыыһатыгар ыарыһахтары сытыарбытынан барарга дьулуспута. Онон ыарыһахтар астарын атыылаһарга уобаластан эмиэ үп көрөллөрүгэр туруорсан ити дьыл кулун тутар 23 күнүгэр 750 солкуобайы ылбыта.

Ити кэнниттэн балыыһаҕа үлэһиттэри сүүмэрдээбитэ. Онон 1900 сыл муус устар 1 күнүгэр улууска аан бастакы балыыһа аһыллыбыта.

Бастакы балыыһа эргэ дьиэлэрэ 1910-1912 сылларга Прокопий Нестерович саҥа типовой балыыһа дьиэтин туттарыар диэри туһалаабыттара. Сахаттан бастакы быраас умсугуйан туран үөрэммит таптыыр идэтинэн ити курдук хара маҥнайгыттан эрчимнээхтик үлэлээн барбыта. Үөлээннээхтэрэ ахталларынан, доктор Прокопий Нестерович Сокольников сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри ыарыһахтары приемнуура, улуус тойотторун кытта араас кэпсэтиилэри ыытара, түүннэри-күнүстэри тиэтэллээх ыҥырыыларга ыарыһахтарга барара, араас ыраах командировкаларга сылдьара. Быһата, кини күннээҕи үлэтэ ханнык да үлэ күнүн нуорматыгар баппат этэ, сорох түгэннэргэ утуйбакка да кэриэтэ үлэлиир курдуга.

Ойууттары, отоһуттары утары

Дойдутугар төннөн иһэр эдэр быраас эмчит үлэтин туохтан саҕалаары тобула сатыыра. Өйүгэр ахтылҕаннаах алааһыгар ааспыт оҕо сааһынааҕы сыллара быыстала суох элэҥнэһэллэрэ.

XIX үйэ 70-с сыллара. Боотурускай улууһунааҕы бүччүм Үһүс Дьохсоҕон нэһилиэгэ. Быраастар быһа да охсон сылдьыбаттара. Ааҕа, суруйар да дьон дэҥҥэ көстөллөрө. Быстах дьаҥ-дьаһах, сыстыганнаах ыарыылар сыл ахсын элбэх киһини сор суоллууллара. Проня аймахтара уонна чугас ыаллара “куһаҕан тыын муодалаатаҕына” билгэһиттэргэ, хаанньыттарга, отоһуттарга, оттон кэлин тиһэҕэр саллыылаах кырдьаҕастарга – ойууттарга үҥэллэрэ-сүктэллэрэ. Кырдьык норуот эмчиттэрин ортотугар дэҥ кэриэтэ эмтиир быраактыканы өр сылларга дьарык оҥостубут, мындыр өйдөөх дьон түбэһитэлииллэрэ. Кинилэр дьарҕалары үтүөрдэргэ, араастаан имэрийэн ыарыыны мүлүрүтэргэ, алдьаммыт уҥуоҕу тутарга туһалыыллара. Саха сирин айылҕатын баай үүнээйитин быыһыттан талан оттор сүмэлэринэн эмп суурадаһынын оҥорон ыарыһахтары эмтээччилэр эмиэ бааллара.

Ол эрээри ордук XIX үйэ кэлин чиэппэригэр ыарыһахтары эмтээһиҥҥэ тыа нэһилиэктэригэр спекуляция улааппыта. “Эмчиттэринэн” ааттанан муҥкук биир дойдулаахтарын саата-суута суох албыннаан аһыыр араас рангалаах ойууттар, удаҕаттар, отоһуттар наһаа элбээбиттэрэ. Барык-сарык кыараҕас балаҕаҥҥа чаҕаан көрүҥнээх ойуун кыыран дарбыйара, чанчарык эмээхситтэр ыарыһах хараҕын тылларынан салаан ньэлээриҥнэтэллэрэ, отоһуттар туттар араас боростуой ньымалара Прокопий Нестерович өйүгэр умнуллубаттык хатанан хаалбыттара.

Дьокуускай уокуругун IV-с учааскатын сэбиэдиссэйин эбээһинэһин тутаат да, Сокольников улууска ыарыһахтары көрөр, эмтиир ханнык да усулуобуйа суоҕун чорботон туран бэлиэтээбитинэн барбыта. Балыыһа буолуохтааҕар, хонор да сир суоҕунан ыраахтан көрдөрө кэлбит ыарыһахтар ыарыыларын маҥнайгы күүһүн эрэ мүлүрүтэр эми ылаат төттөрү дьиэлииллэригэр тиийэллэрин, дьон доруобуйатыгар ойууттар, аҕабыыттар, отоһуттар орооһуулара улахан кутталлааҕын туһунан эмп уобаластааҕы иниспиэктэригэр элбэхтик суруйбута. Уобалас тойотторун итэҕэтээри үгүс чахчылары аҕалтыыра. Холобур, биир суругар: “Тыҥа уонна бүөр ыарыыларыгар, хааннаах үөһүрүүгэ уонна ис тиибигэр үгэс быһыытынан сүлүмэ (Сулема — уртуут хлорида) күүстээх суурадаһынын иһии киэҥник тарҕаммытын наһаа иэдээннээҕинэн бэлиэтиэххэ сөп” диэн ыйбыта.

Кинини кытта Чурапчы балыыһатыгар бииргэ үлэлээбит, хойуккааҥҥа диэри норуот доруобуйатын харыстабылыгар күүһүн харыстаабакка үлэлээбит РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа М.А. Яковлева ахтыыларыгар Прокопий Нестерович киэҥ билиилээх, үрдүк култууралаах, үчүгэй майгылаах, нэһилиэнньэҕэ научнай мэдэссиинэ кыахтарын дьыаланан да, тылынан да утумнаах тарҕатааччы быһыытынан көстөр.

Быраас Прокопий Сокольников өр сыллар усталарыгар ыарыһахтары үөрэх этиитигэр олоҕуран күннэтэ сыламтата суох эмтээбитэ. Кини утумнаах үлэтин кэрэһэлиир аҕыйах холобуру ылан көрүөҕүҥ.

1904 сыллаахха, Е.Г. Куличкин 8 саастааҕар, төрөппүттэрэ Быалан диэн I Болугур нэһилиэгин сиригэр олорбуттар. Ити алаас ыкса чугаһыгар Тумуһахтаахха В.В. Дьячковскай олороро. Кини улахан баай, оччотооҕуга “хандьыдаат-кулуба” диэн ааттанар тойон эбит. Сааһыары сайын Василий Васильевич хааннааҕынан үөһүрэн иһинэн күүскэ ыалдьыбыт. Еримей дьоно “Баһылайы аҕаһа Болугур айыыта иһин убахтаабыт буоллаҕа” дэспиттэр. Тойоҥҥо ыҥыран аҕалан ойуун кыырдарбыттар да, өрүһүйбэтэх. Сотору кинини Чурапчы балыыһатыгар тиийэн киллэрбиттэр. Ыйы эрэ кыайбат эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыт. Сокольников быраас аатырбыт-сураҕырбыт ойуун “кыайан бохсоруйбатах ыарыытын тэһиппэккэ эмтээн Дьячковскайы үтүөрдүбүтэ нэһилиэккэ киэҥник тарҕаммыта” диэн кыһыл бартыһаан Е.Г. Куличкин суруйбуттаар.

Боотурускай улууһун Дьүлэй нэһилиэгин олохтооҕо Роман Тимофеев 1906 сыл атырдьах ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай уокурук бэһис учааскатын сэтээтэлигэр ити нэһилиэк киһитэ Борисов Иван I билбэт эрээри отоһуттаан, сүлүмэни о.д.а. күүстээх дьааттары сэрэҕэ суох туттан нэһилиэк олохтоохторугар үгүс өлүүнү-сүтүүнү таһааран эрэрин туһунан суругунан үҥсүбүт. Борисов эмтээһинин түмүгэр Тимофеев кэргэнэ уонна Федосья Григорьевна көрөрдөрүттэн маппыттар, илиитэ көрөр буолан эмиэ ити Борисовка эмтэнэ сылдьан Иван Тимофеевич Пинигин эрбэҕэ туллан түһэн, өлөр кутталга киирбитин Чурапчы балыыһатыгар быраас Прокопий Сокольников эмтээн үтүөрдүбүт. 1896 сыллаахха төрөөбүт, Дьокуускай куорат олохтооҕо Дария Тимофеевна Сокольникова, Прокопий Нестерович эмтиир үлэтин эмиэ бэрт үрдүктүк сыаналаабыта. Кини ахтыыларыгар Сокольников балыыһаҕа ыарыһахтары эмтээһин ойууттар, отоһуттар эмтииллэринээҕэр саарбаҕа суох ордуга көрдөрүллэр. Ол курдук, 1909 сыл саас от-мас көҕөрүүтэ, билиҥҥи Мындаҕаайы бөһүөлэгин таһыгар олохтоох Евдокия Герасимова диэн эдэр дьахтар оҕолоноругар көтөҕөөччүнэн ыҥырыллан кэлбит ийэбит (аҕабыыт ойоҕо) тугун эрэ дэҥнээбит быһыылааҕа. Герасимова быыһанан баран ыалдьара өссө бэргээбитэ. Ыксаан чугастарыгар олорор Семен (хас аата Көлөпүүнэ) ойууну улаханнык ааттаһан туран аҕалан кыырдарбыттара: “Дьэбдьиэй кыыс ыарыытын илбийдим, сотору үтүөрүө” диэт, боччумнаах баҕайытык туттан ойуун төннүбүт. Ол эрээри ыарыһах өрүттүбэтэх, 2-3 хонон баран Чурапчыттан Сокольников бырааһы аҕалбыттара. Быраас хаан барыытын тута тохтоппута уонна ити күн ыарыһаҕы балыыһаҕа илдьэ киирбитэ. Прокопий Нестерович аара суолга Дьэбдьиэй кэргэнин: “Ийэбиттэнэ, ойууннана сылдьан доҕоргун өлөрө сыспыккын. Күчүмэҕэй буоларын кытта миэхэ биллэриэҥ этэ”, — диэн сэмэлээбитэ үһү. Евдокия Герасимова, балыыһаҕа өр эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыт. Ити туһуна Д.Т. Сокольникова суруйбут.

Сокольников быраас муҥурдаахтара ыалдьыбыт, атахтара тостон сытыйбыт дьоннору эпэрээссийэлээн үтүөрдүтэлээбитин туһунан ахтыылар, архыып докумуоннара кэпсииллэр. Ол буоллаҕына оччотооҕу эмп аҕыйах кэмигэр, хирургическай тэриллэр суохтарына Сокольников лаппа үрдүк кылаастаах эмчит буоларын туоһулуур.

1917 сыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр Мэҥэ улууһун Дьабыла нэһилиэгин киһитэ Захар Монастырев, Дьокуускай уокуругун төрдүс учааскатын бырааһыгар Прокопий Сокольниковка Сылаҥ нэһилиэгин отоһута  Уйбаанньа (Бугунай уола) дьону сыыһа эмтээн хараҕа суох оҥорорун боборугар уонна ити бобууну Куттал суох буолуутун кэмитиэтин нөҥүө киэҥник билэллэригэр көрдөһөн сайабылыанньа түһэрбит.

Ити курдук быраас Прокопий Нестерович Сокольников ыарыһахтары эмтииргэ ахсаабат кыһамньытын, сатабылын, кини ойууттары уонна отоһуттары утары ситиһиилээхтик охсуспутун туһунан элбэх чахчылар кэпсииллэр. Ити түмүгэр саас-үйэ тухары бүрүүкээбит сахалыы эмчиттэргэ улуус олохтоохторун итэҕэлэ айгыраабыта, балыыһаҕа тардыстыы улам элбээн испитэ.

Дьадаҥылар интэриэстэригэр

Прокопий Сокольников үтүө эмчит быһыытынан киэҥник биллиитигэр кини эйэҕэс майгыта-сигилитэ, демократическай өйө-санаата эмиэ көмөлөспүтэ. Бэчээттэппит ыстатыйаларыгар, эмтиир үлэтин туһунан сыллааҕы отчуоттарыгар кини норуотун интэриэһин хорсун көмүскээччи быһыытынан көстөр. Холобур, 1908 сыллааҕы биир ыстатыйатыгар 1900 сылга Мэҥэ улууһугар биир чараҥҥа 4 балаҕанынан олорор ыалларга 19 киһи сифилиһинэн ыалдьыбыттарын туһунан кэпсиир. Кинилэртэн үксүлэрэ 12-гэр диэри саастаах оҕолор төрөппүттэриттэн сутуллубуттар. Быраас Прокопий Нестерович үөрэҕэ суох хараҥа тыа сахаларын олоҕо-дьаһаҕа итинтэн атын буолар кыаҕа суоҕун, аас-туор уонна чанчарык олох дьадаҥылар бүтүннүүлэрин алдьархайа, соро-муҥа буоларын ырылхайдык көрдөрбүтэ.

Баар чахчыларга олоҕуран ыраахтааҕылаах Арассыыйа туора урдустар олохторун тупсарарга ончу кыһаллыбатын, кинилэри ыар батталтан, аччыктааһынтан, сыстыганнаах ыарыылартан сыыйа өлүүгэ-сүтүүгэ, быстыыга-эстиигэ тиэрдэрин хорсуннук саралаабыта. Прокопий Нестерович итинэн муҥурдамматаҕа, “нэһилиэнньэ олоҕун уопсай илгэтин уонну култуурунай таһымын үрдэтии хайаан да наадалааҕын” тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайыа 18 сыл иннинэ Саха уобалаһыгар бас бэриниилээхтик сулууспалыыр чиновниктартан ким итинник эрдээхтик, аһаҕастык этиэ этэй?!

Сахаттан бастакы быраас “Мэдэссиинэ баайы, барбаҕы билиммэт, ыарыһахтары эрэ билинэр” диирэ. Ол эрээри кини өссө 1899 сыллааҕы отчуотугар баай тойоттор балыыһаҕа кэлэн көрдөрөрү ыараханнык саныылларын, эмтэниигэ бэйэлэрин балаһыанньаларынан туһаныахтарын баҕаралларын, эмчит чорботон туран кинилэри эрэ көрөрүгэр-харайарыгар суудайыылара кэлин араас атааннаһыыларга тиэрдэр кыахтааҕын бэлиэтээбитэ.

Сокольников баай тойоттору соччо-бачча ахсарбатын кини эмтиир үлэтин сорох чахчыларыттан көрүөхпүтүн сөп. “Биир баай тойон ис тиибигэр охтон 18 биэрэстэлээх балыыһаҕа кыайан кэлбэт аатырбытыгар мин кини дьиэтигэр тиийдим: сыалаах эти моточчу хааламмыт тойон куртаҕа адаарыйбытыгар ыҥырыллыбыппын көрөн баран наһаа сөхтүм” диэн суруйар. 1913 сыллаахха Чурапчыга П. Юмшанов диэн куорат кулубатын чугас аймаҕа эргиэнинэн дьарыктанан олорбута. Ити күһүн Юмшанов ойоҕо оҕо куоттаран хаана баран ыалдьыбыта. Бу дьахтар, олохтоох балыыһаны уонна бырааһы нөҥүөлээн, сэтинньи ый 30 күнүгэр эмп уобаластааҕы инсипиэктэригэр Левитскэйгэ телеграммалаан  сүбэлииригэр көрдөспүтэ. Левитскэй ол күн Сокольниковка Юмшановаҕа сылдьан эмтииригэр сорудахтаабыта. Ахсынньы 1 күнүгэр Прокопий Нестерович “Дьокуускайга иниспиэктэр Левитскэйгэ Юмшанова балыыһаҕа сытартан аккаастаммытын уонна мэлдьи балыыһаны куруубайдык баһааҕырдарын быһыытынан дьиэтигэр сылдьартан тус бэйэм аккаастанабын. Ыалдьара өссө бэргиир кутталлаах. Эмтээһини биэлсэрбэр соруйабын”, — диэн эппиэттээбитэ. Ити иһин улуус бырааһа үрдүкү тойон сэмэлээһинигэр түбэспитэ.

Прокопий Сокольников биир отчуотугар “…куртахтара адаарыйбыт баай тойотторго дьиэлэригэр барардааҕар 30-40 биэрэстэлээх сиртэн эмтэнээри сатыы кэлбит дьадаҥы муҥнаахтары көрөрү, эмтиири ордоруом этэ” диэн малтаччы суруйбуттаах. Кырдьык даҕаны, харыларын күүһүнэн иитинэн олорор тыа сахаларын, кумалааннары, көскө кэлбит “судаарыскайдары” Прокопий Нестерович ураты болҕомтолоохтук эмтиирэ. Кинилэргэ көмөлөһөр туһугар сорох түбэлтэлэргэ үрдүкү тойоттортон сэмэлэнэрин да кэрэйбэт этэ.

1906 сыл күһүнүгэр Сокольниковка улуус кулубата Ылдьаана Үстүүнэбэ диэн I Хатылы нэһилиэгин дьахтарын көрөн, ити дьахтар чахчы иирбитин туһунан медицинскэй докумуон оҥорон түһэрэригэр модьуйбута (кыһыл партизан Георгий Беляев бокуонньук кэпсииринэн, Үстүүнэпэр кэниэ ыал этилэр. Кинилэр уоллара Ылдьаана диэн хамначчыттыы сылдьыбыт кыыһы кэргэн ылбыт. Тойоно аах Ылдьаананы олох сөбүлээбэтэхтэр, сирэйэ-хараҕа суох кыыллаабыттар, тиһэҕэ иирбит диэн ааттаабыттар). Быраас Ылдьаананы көрөн баран: “Үстүүнэбэни иирбит диэн холуннарбыттар. Дьиэ муннугар “сибииркэ” тутан атырдьах ыйыттан алтынньыга диэри тымныы, хараҥа хаайыыга күлүүһүнэн хатаан олороллор эбит. Үстүүнэбэ билигин наһаа дьүдэйбит, мөлтөөбүт эрээри толору өйдөөхтүк кэпсэтэр. Кинини “сибииркэттэн” босхолоотум. Кэргэнэ тоҕо сымыйанан хаайбытын сэлиэстийэлээн, дьыалатын суукка биэрэргэ” диэн суруйбут уонна ону бырааба суруксута Григорий Турниҥҥа, илии баттатан туран, туттарбыт. Прокопий Сокольников дьадаҥы төрүттээх Устинова “сибииркэҕэ” хаайыллан тоҥон, аччыктаан уонна кырбанан сотору өлөр кутталламмытын быыһаабыта.

1908 сыл саҥатыгар Алаҕарга биир аҕа ууһугар кыһыылаах ымынах тарҕанан 50-тан тахса киһи – бары дьадаҥы ыал кэргэттэрэ сутуллубуттар. Чаччыына Прокопий Ноговицын тохсунньу 18 күнүгэр биир ымынахтаах ыарыһахха турку сыарҕалаах ат, тоҥмот таҥас уларсан, сурук биэрэн Сокольниковка атаарбыт. Суругар: “…Бу баҕайыны көрөн эмтииргэр, атыттарга эмп ыытаргар уонна ол эминэн хайдах эмтэнэллэрин көрдөрөн, сүбэлээн биэрэргэр көрдөһөбүн” диэбит. Быраас ити көрдөһүүнү тута толоро охсубут.

Араас ыарыылартан дьону тэһиппэккэ эмтииринэн киэҥник сураҕырбыт Сокольников быраас ыарахан, хара үлэҕэ сылдьан истэринэн “таарымталанан” (муҥурдаахтарынан) ыалдьыбыттары, халтаһа араас ыарыыларын, атахтарын-илиилэрин үлүппүттэри эппэрээссийэлээн үтүөрдүтэлээбитэ. Ол туһунан архыып үгүс докумуоннара кэпсииллэр.

1913 сыл сэтинньи 2 күнүгэр Нуотара үрэҕэр кыстыы тахсан олорор дьукаахтыы ыал балаҕаннара умайан улахан алдьархай тахсыбыт: төбөлөөҕүнэн 44 сүөһү, 7 киһи (ол иһигэр 4 оҕо) баһаарга өлбүттэр. Биэс киһи ордубутуттан икки дьахтар уоттан улаханнык эмсэҕэлээбиттэр, оттон биир киһи лабааларын үлүппүт. Кинилэри эмтээн эрэрин туһунан Сокольников уобаластааҕы иниспиэктэргэ биллэрбитэ. Түмүгэр “ити быһылаан туһунан “Якутская окраина” хаһыакка сиһилии суруйдум” диэбитэ. Суругу ааҕаат, губернатор Крафт ити ыстатыйа бэчээттэнэрин бобо охсубута уонна “Быраас Сокольников! Инникитин үрдүкү начальствоттан көҥүлэ суох маннык ыстатыйалары суруйар буоллаххына, эйигиттэн кытаанахтык ирдэниллиэ” диэн уордаах резолюцияны уурбута.

Тиийиммэт-түгэммэт ыар олохтоох көскө кэлбит политссыльнайдары балыыһатыгар мэлдьи босхо эмтиирэ биллэн, Прокопий Нестерович Иркутскай генерал-губернаторыттан кытаанах сэрэтиини ылбыта хайыы-үйэҕэ бэчээккэ тахсан турардаах.

Быраас Прокопий Сокольников Дьокуускай уокуругун төрдүс эмтиир учааскатын сэбиэдиссэйин быһыытынан, туох да мөккүөрэ суох, ыраахтааҕы чиновнига этэ. Ол эрээри баар чахчылар кини өр сылларга кыра-хара үлэһит норуот туһугар күүһүн-сыратын толору биэрэн үлэлээбитин көрдөрөллөр.

 

Сэмэн Жендринскэй, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ