Биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Олимпийскай чемпион Павел Пинигин быйылгы быыбарга, хаһыс да төгүлүн дьон-сэргэ итэҕэлин ылан, Чурапчы-Таатта оройуоннарыттан Ил Түмэн мунньаҕын сэттис ыҥырыытын дьокутаатынан талыллынна. Кини быыбардааччыларыгар махтал тылларын аныыр: «Ытыктыыр, саныыр-ахтар биир дойдулаахтарым, талыы талба Тааттам дьоно-сэргэтэ, тэрээһиннээх үлэлээх штабым үлэһиттэрэ! Өрөспүүбүлүкэбит баһылыгын Айсен Николаевы, Ил Түмэн дьокутааттарын, олохтоох бэйэни салайыныы баһылыктарын уонна дьокутааттарын талыыга өрө көтөҕүллэн туран, биир ньыгыл бигэ санааланан, быыбарга көхтөөхтүк кыттан кыайыыны ситиспиппитигэр ис сүрэхтэн махтанабын! Төрөөбүт-үөскээбит дойдубут үүнэрин-сайдарын туһугар биир ньыгыл Арассыыйа ыытар политикатын олоххо киллэриигэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбин. Чурапчы-Таатта сайдыыта-түмсүүгэ! Дьоммор-сэргэбэр үлэҕитигэр ситиһиини, чөл доруобуйаны, инникигэ эрэли баҕарабын. Санаабыккыт санаа хоту туолан истин. »
Наталья Сибирякова
Хаартыска: «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа пресс киинэ