Отчут ВАСИЛИЙ ПЕТРОВИЧ СЕДАЛИЩЕВ II (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Тохсус пятилетка төрдүс сылыгар уопсастыбаннай сүөһү аһылыгын соҕотуопкалааһыҥҥа оройуон сопхуостарыгар 40 көлө звенолара тэриллибиттэрэ. Олортон биирдэстэринэн Субуруускай аатынан сопхуос Болтоҥотооҕу отделениетын уопуттаах звеновода Василий Седалищев II салайбыта.

Кини 8 киһилээх звенотун уон төрдүс сайынын ходуһаҕа киллэрбитэ. Хас отчутун ахсын сезон устата 51-дии туонна оту бэлэмнииргэ эбэһээтэлистибэ ылынан, бу да сырыыга оройуон үрдүнэн ыҥырыы таһаарбыта. Көлө күүһүн көдьүүстээхтик туһанан күөх быйаҥы сомсооччулар социалистическай куоталаһыыларын көҕүлээччинэн буолбута.

Оттооһун маршрутун, графигын хомуур бастакы күннэриттэн халбаҥа суох тутуһары ситиспитэ, үлэһиттэрин сөптөөхтүк аттаран туруортаабыта. Окко киириини ким-хайа иннинэ саҕалаабыттара. Ардахтаах, өһүөн сайын оҕустарааччылар В.Н. Герасимов, К.К. Капрынов, мустарааччы Е.С. Новгородов, кыдамаһыт П.А. Кузьмин от хаачыстыбата үчүгэй буоларыгар үгүс сыраларын биэрбиттэрэ. Охсууттан мунньуу, мунньууттан кэбиһии хаалбатыгар дьулуһан үлэлээбиттэрэ.

Василий Петрович салайар звенота өлгөм үүнүүлээх 1968 сылга хас биирдии отчутугар 68,7 туоннаны хомуйан өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан турардаах. Оттон 1973 сыллаахха сезон устата иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ. Звенотун хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн 55-тии туонна оту соҕотуопкалаан сопхуоһугар туттарбыта. Онон, оройуон сопхуостарын көлөнөн оттооччуларын социалистическай куоталаһыыларыгар кыайыылааҕынан тахсан, 1974 сылга ОРОЙУОН ЧӨМПҮЙҮӨН ЗВЕНОВОДУН-ОТЧУТУН үрдүк аатын сүгүөн сүкпүтэ.

Онтон кэлин, Василий Седалищев II Болтоҥо отделениетын “Кэскил” ыччат хомсомуолун ферматыгар фуражирынан үлэлээбитэ, ыарахан кыстыктарга оту ыспакка-тохпокко, кэмчилээн, толору туһалаахтык ороскуоттуурга соруктанан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй