2018с. Алдан куоракка ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Гран-при хаһаайына Николай Григорьев Хатылытааҕы “Ньургуһун” уһуйаан уонна Болот Боотур аатынан оскуола оҕолоругар олоҥхолоон иһитиннэрдэ.
“Маннык тэрээһиннэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн буола тураллар. Николай Никитич Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Ону таһынан иккис кылаас үөрэнээччилэригэр аһаҕас уруок кэмигэр киирэн, олоҥхо геройдарын тэттик ырыаларыттан анаан-минээн иһитиннэрдэ. Холобур, Туйаарыма Куо, Айыы бухатыырын, Абааһы бухатыырын ырыаларыттан”, — диэн Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попов иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, соторутааҕыта Николай Григорьев Ил Дархан саха төрүт култууратын киэҥник тарҕатааччыларга анаабыт стипендиатын хаһаайынынан буолбута.
Елена Макаринская