Олохтоох дьаһалта 2023 сыллаах үлэтин Чурапчы нэһилиэнньэтэ биһирээтэ

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, “Айылгы” НАДь-гэр Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын 2023 сыллаах үлэтин отчуоттуур мунньаҕа буолан ааста. Нэһилиэнньэттэн 134 киһи кыттыыны ылла.

Мунньах өрөгөй ырыаларыттан саҕаланна, манна Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылыгар ананан айыллыбыт, саҥардыы сүрэхтэммит ырыаны истэннэр дьон-сэргэ сүргэтэ өссө эбии көтөҕүллүбүккэ дылы буолла. Баһылык отчуота аҕыйах сылтан бэттэх, саҥардыллыбыт форматынан ыытыллар буолан дьон-сэргэ истэригэр сонун, сэргэх, интэриэһинэй.

10 мүнүүтэлээх видеоролик кэнниттэн Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, нэһилиэк дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Гуляев, нэһилиэк баһылыгын 1-кы солбуйааччы Уйгулан Туласынов, нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Макарова үрдүкү сценаҕа тахсаннар мунньаҕы салайдылар. Бастакы иһитиннэриини буоларын курдук, Владимир Дмитриевич эттэ, түмүктүүр чааһыгар үүнэр 2024 дьылы, Чурапчы нэһилиэгэр – “Чөл олох” сылынан биллэрбитин мунньах кыттыылаахтара ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Инньэ диэн туран Чурапчы нэһилиэгин социальнай экономическай сайдыытыгар кылааттарын, түөлбэ олоҕор көхтөөх кыттыыларын иһин Алексей Слепцовка, Дмитрий Назаровка, Мария Луковцеваҕа, Полина Феоктистоваҕа, Мотрена Петроваҕа“Чурапчы нэһилиэгин 375 сыла” үбүлүөйүнэй бэлиэнэн наҕаарадаланнылар. Чурапчы нэһилиэгин бочуотунай грамотатын Татьяна Турантаеваҕа, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын махтал суруга Татьяна Решетниковаҕа, Мария Макароваҕа, Степанида Кузьминаҕа, Вероника Марковаҕа туттарылыннылар.

Баһылык иһитиннэриитин кэнниттэн тылы Василий Васильевичка биэрдилэр.

Салгыы нэһилиэк ТОС-рын салайааччылара: Федора Седалищева, Ирина Кривошапкина, Варвара Пудова, Семен Колодезников, Вера Маркова, Лилиана Николаева бэйэлэрин түөлбэлэрин үлэлэрин отчуоттаатылар,

итиэннэ кэккэ этиилэри оҥордулар. Чурапчытааҕы полиция отделыттан Ньургуйаана Макарова нэһилиэккэ ыытыллыбыт ааспыт сыл үлэтин билиһиннэрдэ.

Мунньах буолан баран син биир ыйытыктардаах, этиилэрдээх буолар. Биир бастакынан уопсастыбанньык Иван Макаров, сыбаалка боппуруоһун, Куоҕалы быһытын өрөмүөннээһини, нэһилиэнньэҕэ маассабай успуорду тарҕатары итиэннэ “Тоҕус томтор” Оонньууларыгар олохтоох уолаттарга анаан ыытарга этиилэри, боппуруостары биэрдэ.

Салгыы интэринээт томторуттан Владимир Кривошапкин, Чурапчы күөлүн биэрэгин бөҕөргөтүүгэ, Ленин пааматынньыгын саҥардыыга, ыт боппуруоһун сытыытык туруорда.

Гимназия учуутала Юлия Макарова, түөлбэ салайаччыта Мария Луковцева, нэһилиэк иһигэр аспаал суол оҥоруутун, түөлбэлэр атын сиргэ тиийэн уопут атастаһыыларын, юридическэй сирэй буолууга кэккэ ыйытыктары биэрдилэр.

Чурапчытааҕы оҥорон таһаарар кэмбинээт дириэктэрэ Анатолий Александров, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар ыспартыыбынай былаһаакка тутуллуутун, ол онно анаан утары баран үлэлэһэр туһунан этиитин кииллэрдэ уонна нэһилиэк баһылыгар,

Чурапчы 375 сылынан, оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн оҥорбут, дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, нэһилиэкпит былаахтарыгар анаан наконечниктары бэлэх туттарда.

Маннык хабааннаах этиилэри гимназия дириэктэрэ Юрий Слепцов оҥордо. Кини бастатан туран, Владимир Сивцев гимназияҕа попечитель быһыытынан ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһан үлэлэһэригэр махтанна. Итиэннэ оҕолор сынньанар сирдэрин оҥорорго, ону ааһан ыччаттар итиэннэ аҕам саастаах дьон IT технологияны баһылыылларыгар туспа киин арыллыытын туруоруста.

Өндөрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Афанасий Захаров, мантан саас бөһүөлэк иһинээҕи суолу тэҥнээһиҥҥэ, сахалыы тылы тэнитиигэ, нэһилиэк иһинэн бырагыраамма оҥоһуллуутугар баҕа санаатын эттэ.

Олохтоох хаһыат кэрэспэдьиэнэ Марфа Петрова, бастакы кыбаарталга “Хатан” ХЭТ инники үлэтин былаанын, хомунаалынай өҥө инникитин хайдах толорулларын туоһуласта.

Икки чаас, уон мүнүүтэ устата ыытыллыбыт мунньахха кыттыбыт дьон, нэһилиэк баһылыгын 2023 сыллаах үлэтин былаанын 100% толорбутунан эҕэрдэлэээн тураннар үчүгэйинэн сыаналаатылар. Владимир Дмитриевич киирбит боппуруостарга барытыгар лоп бааччы хоруйдаата, этиилэри боротокуолга киллэттэрэн салгыы үлэлэһэргэ эттэ.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ