СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Чурапчыга балыыһа тутуутугар сылдьан, үлэ хаамыытын билистэ.
Балыыһа комплекса доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕүн саҥардыы федеральнай бырагырааманан тутулла турар. Бэдэрээччинэн «Адгезия» ХЭТ үлэлиир.
«Балыыһа иккис уочарата, биллэн турар, Чурапчы олохтоохторугар олус кэтэһиилээх эбийиэк буолар. Манна үрдүк хаачыстыбалаах, квалификациялаах медицинскэй көмөнү оҥорор поликлиника звенота киириэҕэ. Поликлиника хас да хайысханан үлэлиэҕэ. Сүрүннээн, нэһилиэнньэҕэ профилактическай үлэни ыытыаҕа.
Билиҥҥи туругунан, үлэ больдоммут былаантан кыратык хаалан иһэр. Эбийиэк эрдэ түмүктэнэрин күүппүппүт. Онон судаарыстыбаннай сакаасчыт, ол эбэтэр СӨ Быраабыыталыстыбата претензия түһэриэҕэ. Бэдэрээччит күн бүгүн толору үбүн ылан олорор», — диэн Ольга Балабкина бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, тутуу 2023 сыл IV-с кыбартаалыгар түмүктэнэрэ былааннанар.
Марфа ПЕТРОВА.