Ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуоҕуҥ

Томороон тымныылаах кырыа кыһыммыт түмүктэнэн, сандал сааспыт салаллан кэллэ. Кэлэр нэдиэлэттэн кус көҥүлэ саҕаланан, эр дьон айылҕаҕа талаһыа, таһырдьа сылыйан үгүс дьон ойуурга сынньана тахсыаҕа. Бу кэмнэртэн саҕалаан, күһүн хаар түһүөр диэри, ойуурга баһаар турар куттала улаатар.

Улууспутугар ойуур баһаарыгар бэлэмнэнии үлэлэрин туһунан  ойуур хаһаайыстыбатын Чурапчытааҕы филиалын салайааччыта Василий Степанов кэпсээтэ: «Быйылгы 2024 сыллаах ойуур баһаарыгар бэлэмнэнии үлэлэрэ эрдэттэн саҕаламмыттара. Бырабыыталыстыба, улуус таһымнаах ойуур баһаара турдаҕына туох үлэлэр оҥоһуллуохтаахтарын туһунан дьаһаллар тахсыбыттара. Биһиги тэрилтэбит, Чурапчы Лесничествота бэлэмнэнии үлэлэри ыытабыт. 2024 сыллааҕы ойуур баһаарын умуруоруу былаана оҥоһуллубута, билигин бигэргэниигэ сылдьар. Сүрүннээн бу былаанынан үлэлиибит. Ойуур баһаара турар түгэнигэр 259 киһи уонна 43 тиэхиньигэ үлэлии тахсыахтаах. Маны таһынан улахан ойуур баһаара турдаҕына, нэһилиэктэргэ мобилизация биллэриллэр. Уоту умуруорууга улууспутугар икки туһааннаах тэрилтэ үлэлиэҕэ.

Бастатан туран, 28 үлэһиттээх «Лесресурс” ГАТ. Кэнники сылларга тиэхиньикэ өттүнэн сүрдээҕин бөҕөргөөтө. Бу тэрилтэ баһаар сезонугар төһө бэлэмнээҕин иккитэ бэрэбиэркэлээтибит. Ол түмүгүнэн бэлэмнээхтэр диэн сыана туруорбуппут. Өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах быһыы -майгы хамыыһыйата  улуустарынан хамаанданан-штабынан үөрэхтэри ыыттылар. Биһиги улууспутугар үөрэх түмүгүнэн орто диэн сыананы туруорбуттара. Ону тэҥэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын 1-кы бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников кэлэн, сааскы халаан уутугар уонна ойуур баһаарыгар бэлэмнэниигэ анаммыт мунньаҕы ыыппыта. Салгыы улууспугар ыксаллаах быһыы — майгы хамыыһыйатын мунньаҕын ыытан, туох итэҕэстэр-быһаҕастар баалларын ырытыспыппыт. Нэһилиэк баһылыктара туох-ханнык үлэ ыыппыттарын, нэһилиэктэригэр төһө үп-харчы көрүллүбүтүн, баһаар турар түгэнигэр төһө тиэхиньикэ, хас киһи тахсарга бэлэмин отчуоттаабыттара.

Иккис тустаах тэрилтэнэн Тааттатааҕы «Авиалесохрана» буолар. Бу тэрилтэ 25 үлэһиттээх, 5-тии киһилээх 4 бөлөхтөөх. Сүрүн соруктарынан ойуурга күөдьүйбүт баһаары суһаллык миэстэтин быһаара охсон, онно уоту умуруорууга парашюттаах исписэлиистэри түһэрии буолар. Уонна биһиэхэ биллэрэллэр. Былырыын улууспутугар уопсайа 9 ойуур баһаара турбута, онтон алтата авиационнай зонаҕа этэ. Бу авиационнай зонаҕа тахсыбыт баһаардары бастакы күннэригэр булан, парашютистары, десаннары түһэрэн сүрдээх түргэнник умуруорбуттара. Чугас эҥээр тахсыбыт баһаардар эмиэ уһаабакка умуруоруллубуттара. Арай Амма уҥуорунааҕы баһаар син балай да улаатан баран умулларыллыбыта. Былырыын үчүгэй сайын ааспыта. Ардахтаан, от — мас эрдэ көҕөрөн, уот кураан буолбатаҕа. Айылҕа бэйэтэ эмиэ көмөлөспүтэ диэххэ сөп.

Бу күннэргэ нэһилиэктэри кэрийэн саҕалаатыбыт. Лесничество, айылҕа харыстабыла, “Якутлесресурс”, ЕДДС үлэһиттэрэ Арыылаах, Кытаанах, Сылаҥ нэһилиэктэриттэн саҕалаан, олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөн, халаан уутуттан, ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга өйдөтүү үлэлэрин ыытабыт.

Биһиги тэрилтэбит иһинэн диспетчерскай сулууспаҕа икки уопуттаах исписэлиис суукканы эргиччи үлэлиир. Баһаар турбутун көрдөххүтүнэ 41-594, эбэтэр ЕДДС-ка 41-660 нүөмэргэ эрийэн биллэриэххитин сөп.

Быйыл «Авиалесохрана» кэтээн көрүүтүнэн, биһиги улууспутугар бэс ыйа уонна от ыйа кураанныан, ойуур баһаара туруон сөп диэн бэлиэтиир. Оттон атырдьах ыйа, урукку сылларга холоотоххо, арыый соҕус эрээри, син биир барытыгар бэлэм, сэрэхтээх буолуохтаахпыт. Айылҕаҕа бултуу-алтыы, сир астыы, оттуу, сынньана таҕыстаххытына, сэрэхтээх буоларгытын хаһан да умнумаҥ, Ийэ айылҕабытын харыстыаҕыҥ!

Людмила Горохова.