“Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир буолар, уол оҕо эриллэн-эриллэн эр киһи буолар”

Мандар Уус

Тыа сирэ барахсан… сир үрдүгэр бу эрэ алаас баарын курдук, туох даҕаны кыһалҕата суох, уол оҕо барахсан үөлээннээхтэрин кытары тэбис-тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн, сырсыакалаһан, тустун-мөхсөн, ийэ-аҕа тапталыгар бүөбэйдэнэн улаатан кэскилэ киэҥ, инникитэ сырдык курдуга.

Одьулуун нэһилиэгин Диодоровтар дьиэ кэргэттэригэр, 1976 сыллаахха бастакы уол оҕо төрөөбүтэ, тута Александр диэн сүрэхээбиттэрэ. Кыра сааһыттан сытыы-хотуу, эт-хаан өттүнэн толору сайдыылаах уол оскуолатын төрөөбүт нэһилиэгэр бүтэрэн, өссө ол кэмҥэ Дмитрий Чаҕаан салалтатынан кикбоксинг, йога курдук оччотооҕуга сэдэх көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктаммыта, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ миэстэлэспитэ. Оскуола кэнниттэн Одьулууннааҕы ПТУ-га биэс ыйдаах суоппар кууруһугар үөрэнэр. Дьэ бу кэмтэн ыла, дьоллоох оҕо, эдэр саас түмүктэммитэ, 1994 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин кэккэтигэр аармыйаҕа сулууспалыы ыҥырыллар. Ити кэмҥэ аармыйа диэн Ытык иэс буолара, уолаттар бары барыахтаахтарын курдук айанныыллара. Ити кэмҥэ Чурапчы улууһуттан 30-тан тахса уол ыҥырыллан барбыта.

Аармыйа бастакы кэмнэрэ

Ити кэм син балай эмэ ырааттаҕа дии. Мин өйдүүрбүнэн Мирон Игнатьев, бокуонньуктар Генчик Местников, Бүөккэ Абрамов бааллара уоннааҕылар бары кэнники барбыттара. Киһи билэр дьонноруттан кинилэри ааттаталыахпын сөп. Маҥнай Чита куоракка Каштак-45 диэн байыаннай чааска түбэстибит. Онно эдэр байыас кууруһун бардыбыт (КМБ), ый буоллубуппутун кэнниттэн араас чаастарынан “ыһыталаабыттара”, бэйэм ол үөрэтэр кииҥҥэ хаалан сэтинньи ыйыгар диэри онно сулууспалаабытым.

Тревога саҕаланыыта

Онно тэлэбиисэри эҥин улаханнык көрдөрбөт буоллахтара, тугу даҕаны билбэппит, истибэппит. Ол сырыттахпытына эмискэччи Бурятияҕа Гусиноозерск диэн аатырбыт 160-с гвардейскай полкаҕа, 18 саханы түргэн үлүгэрдик хомуйан ыыппыттара. Эрдэ ротабытыгар 18 саха буолан сылдьыбыппыт, аҕыйах нуучча уолаттара бааллара. Анараа тиийбиппит үйэбитигэр көрбөтөх дивизиоммут этэ, туох баар байыаннай чаас барыта мустубут сирэ этэ: химиктэр, танкистар, разведчиктар, пехоталар, артиллериялар о.д.а. Оччолорго ас-таҥас олох мөлтөөн турар кэмэ этэ. Биһиги холобура ити Каштакка тиийбиппитигэр, эппиккэ диэри Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи формаларын биэртэлээбиттэрэ, сайыҥҥы х/б. Пилотка, кирзовай саппыккы, галифе ыстаан, ити киинэлэргэ көрөр таҥастаргыт (күлэр). Ол оннук сырыттахпыт дии, онтон күһүн ПШ-а (полушерстяной байыаннай таҥас көрүҥэ) биэрбиттэрэ. Эмискэ тревога биллэрэннэр, “байыаннай дьайыы буолан эрэр, онон бука бары күүскэ дьарыктанаҕыт” диэннэр, бэлэмнээн барбыттара. Ону таһынан атын-атын чаастартан хастыы эмэ сүүһүнэн саллааттары аҕаланнар симитэлээтилэр, хара барыахпытыгар диэри өссө ол оннук хомулла хаалбыттара. Сахалар син бааллара, биир үгүс легендарнай 324 полк-ҕа элбэхтэрэ. Дьэ онно син билсэн-көрсөн: Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан, Бүлүү бөлөхтөн, Хаҥаластан уолаттар бааллара. Онно икки нэдиэлэ курдук полигоҥҥа үрдүттэн хоно сытан дьарыктаабыттара, түүҥҥү-күнүскү ытыалаһыылары ыыталлара. Оттон ахсынньы бүтүүтэ сэриигэ ыыталаабыттара… 1994 сыл бүтүүтэ, бастакы Чеченскэй хампаанньа саҕаланыыта этэ…

Грознайга айан

Маҥнай Свердловскай уобалас Елань диэн сэлиэнньэтигэр тиийбиппит, онно байыаннай чаас баара. Манна сүрүннээн тиэхэньикэлэрбитин ылбыппыт: БМП, массыына, танка, пушка, миномет. Биһиги чааспыт пехота, учебкаттан младшай сержанынан сылдьабын. Еланкаҕа эмиэ икки нэдиэлэ сытаммыт үөрэннибит, БМП-нан ытарга үөрэттилэр. Ол инньэ Гусиноозерскайтан, Забайкальеттан араас эппиһиэрдэри кытары алтыспыппыт. Биһигини кытары Елань байыаннай чааһыттан аҕыйах разведчик эппиһиэрдэр барсыбыттара. Батальоммутун ол оннук биир түүн уһугуннараннар поеһынан айаннаабыппыт. Дьэ, өр да өр айаннаан Маздок бэтэрээ өттүгэр, ити хайы сах Кавказка, станция Червленная диэн баара, “онно кыра сэриилэр буола тураллар” диэбиттэрэ. Түүн хараҥаҕа тиийэн круговой оборуонаны ылбыппыт. Онтон сарсыарда тыыннаах эрдэ, тиэхэньикэлэрбитин сүөкээммит бэйэбит хаамыыбытынан Грознайга холуонна туруорунан бараммыт айаннабыппыт. Эбиэттэн киэһэ бардыбыт этэ дуу, халлааннара эрдэ баҕайы хараҥарар, ити өссө олунньу саҕаланыыта эбит. Ол айаммытыгар хойут баҕайы, алдьанан-кээһэнэн диэбиккэ диэри, тиэхэньикэлэрбитин оҥосто-оҥосто, ол быыһыгар состорон. Аны Грознайга киирэн мунан, бэйэ-бэйэбитин сүтэрсэн, онтон кэмниэ-кэнэҕэс разведчиктары буламмыт, аны каартаны даҕаны үчүгэйдик билбэттэр эбит этэ. Ол кэмҥэ Грознайга сэрии буола турар, соҕуруу өттүгэр алдьархайдаах кыргыыһылар буола тураллар. Ол Червленнайтан көрөбүт ээ, “Грознай оол диэки баар” диэн ыйаллар, халлаам букатын онно сандааран олороро, буомбалаан бөҕөлөрө, градтар иһиллэллэр. Түүннэри айаннааммыт, хотугу аэропорт бааһынатыгар тиийдибит, киэҥ да киэҥ бааһына сирэ. Онно порт ылыллыбыт этэ, Арассыыйа ыллаҕа дии. Ол эрэн ол порт таһынан сэриилэр буола тураллар этэ.

Бойобуой тахсыылар

Сылдьан эрэммит “развед подразделениены тэриннэххэ сатаныыһы” диэн буолла. Батальоммут иһинэн тэриллэн, ол онно ыллылар. Бойобуой выезд бөҕөтө буолар, онно барабыт. Сорохтору куорат таһынан-иһинэн, хайаларынан, үрэхтэринэн, блокпостарга “быраҕаттаан” кэбистилэр, атыттары ханна эрэ Шалига ыыттылар. Аҕыйаан хаалбыппыт. Бу тухары сахалар син баарбыт, Булуҥ улууһун уола баара, билигин ханна тиийээхтээбитэ эбитэ буолла… Болтоҥоттон төрүттээх Андросов Коля баара, ол эмиэ ханна эрэ түгэх түбэспитэ. Хаҥалас улууһуттан, билигин “ЛенаТур” генеральнай дириэктэрэ Семенов Аркадий баара. Усуйаана оройуонуттан бааллара, биир уол бааһыран дойдулаабыта, Семенов эмиэ бааһыран эрдэ дьиэлээбитэ. Алдантан Александров диэн уол баара, ол өлөөхтөөбүтэ. Итинник өлүү-сүтүү элбээн барбыта…

Кэм – кутуйах хаамыыта

Срочкам бүтүөр диэри ол оннук сырыттым. Дьиҥэр мантан барыыбытыгар 1,5 сыл диэн этэ, оттон Чечняҕа тиийиибитигэр эппит сроктара туоллаҕа дии, ону генераллар кэлэннэр Грачев укааһынан сроккутун уһатабыт диэтилэр. Дембеллэниэхпит иннинэ аһары аҕыйаан хааламмыт, ротнайым миэхэ көрдөһөн, взводнайбыт кытары уонна Антонов Пашка (сотору кэминэн өлбүтэ) диэн уолу кытары командировкаҕа ыыппыта. Инньэ гынан Москва, Ковров, Ростов-на-Дону куораттарынан байыаннай чаастары кэрийтэлээммит, барыта холбоон 217 саллааты хомуйаммыт поеһынан, бөртөлүөтүнэн илдьэ барбыппыт. Инньэ гынан батальоммутугар 200-тэн тахса киһини аҕаламмыт улаханнык үөрдэн турардаахпыт. Итиэннэ бэйэбитин, “сөптөөхтөрүн сырыттылар” диэннэр арыый эрдэ дембеллэммиппит.

Соһуччу көрсүһүү

Баазаҕа сынньана кэлэ сырыттахпытына, улахан дуоһунастаах кими эрэ кэлэр диэбиттэрэ. Онно ол ротнайым чаастартан аҕыйах киһини тиэйэн аҕалан пуорду ыраастаталлар, ити кэмҥэ “тахсаҥҥын көһүн эрэ” диэннэр онно таах хаамыталыы сырыттыбыт. Эмискэ массыына айаннаан иһэн тохтуу түстэ, көрбүтүм кып-кыра, хап-хара киһи ойон түһэр буоллаҕа (күлэр).

“1995 сыллаахха Чечняҕа сылдьан, сайын хайаттан бородуукталаһа киирэн иһэн хотугу аэропорт аттынан ааһан иһэбит. Арай иннибитигэр үс саллаат баран иһэллэр этэ. Икки өттүгэр бөдөҥ-садаҥ нуучча уолаттара онтон ортолоругар, хайдах эрэ көрдөхпүнэ биллэр баҕайытык туттар-хаптар уолум сылдьар. Илиитэ биир кэм күөрэҥнэс, тугу эрэ кэпсиир аҕай быһыылаах, аны хара салгын ачыкылаах. “Ханна эрэ көрбүт киһим ээ” диэбитим, бэйэлээх бэйэм доҕорум Саша Саввин эбит. Массынабын тохтотон ойон түстүм, бу үөрдэхпин, бэйэ-бэйэбитин көрсөн ыһыы-хаһыы, айманыы бөҕө буоллубут, нууччаларбыт соһуйан өрө көрөн эрэ кэбистилэр. Сашаны кытары оскуола эрдэхтэн билсэн доҕордоһобут, армияҕа даҕаны бииргэ ыҥырыллыбыппыт. Тус-туһунан чаастарга тарҕана бараммыт ити аата сыл буолан биирдэ көрсүбүппүт. Саша ити кэмҥэ рота старшинатынан сылдьара. Кинин онно Саха эрэ диэнинэн билэллэрэ”, — диэн бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Мирон Игнатьев саныыр.

Көрбүтүм, Мирон! Ол онно куустуһан, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолаахтаабыппыт, салгыы аадырыспын этэн, киһим иккитэ-хаста кэлэ сылдьыбыта. Кини кэнниттэн Кеша Варламов кэлэ сылдьыбыта. Киэскээнэй хайдах кэлэн барбытын, билиҥҥээҥи диэри өйүм хоппот, ити айылаах миинэлээх хонуулары эҥиннэри ханан-ханан ааспыта буолла, хабыс-хараҥаҕа, соҕотоҕун, автоматыгар биир эрэ рожоктаах, сиэбигэр биир бытыыккалаах (күлэр). Кэлэн көрсөн, чаастарыгар дэлби быстараннар таҥас-сап бөҕөнү хомунан барбыттааҕа.

Кураанах төннүннэхпит

Барыта ыһыллыы-тоҕуллуу буолан эбитэ дуу, билигин военнай билиэппэр ол старшина званием турбатах, бэлиэтэммэтэх. Эгэ наҕараада, мэтээл диэн кэлиэ дуо? Кырдьык-хордьук “представлениеҕа түһэрдибит” дииллэр эрэ этэ. Арааһынай сорудахтарга сылдьан: Шалига, Веденоҕа, Назаюрка, Черноречье хоту-соҕуруу өттүлэригэр, Бичеюрт диэн сиргэ хайалар быыстарынан ааһыахтаах сирдэрин “ыраастаан”, ол сылдьан танкситарга, спецназтарга баран көмөлөспүттээхпит, улаханнык кэһэтэлээбиттэр этэ. Ити курдук бытархайынан аахтахха син элбэх. Наҕараада ылбатах сүрүн биричиинэлэрбит диэн ротнайдарбыт аһары элбэхтэ уларыйаллар этэ, инньэ гынан ким даҕаны ирдэспэт да быһыылааҕа.

Дойдуга эргиллии

1996 сыллаахха олунньу бүтүүтүн диэки кэлбитим. Манна кэлэн, Чурапчы уу-чуумпутуттан улаханнык соһуйбуппун өйдүүбүн. Оччолорго автовокзалтан автобустар сылдьаллар. Куоракка түүн 2-3 чааска кэлбитим быһыылааҕа уонна сарсыарда 9 чааска Чурапчыга ыыппыттара. Дойдубар кэлбитим, ити эппитим курдук, чуумпу да чуумпу, уулуссаҕа аҕыйах киһи көстөр. Анараттан кэлиигэ “тыый, бу манна дьон олорор дойдута дуу” диэбит курдук дьикти баҕайы этэ. Атын олоххо кэллэхпит дии. Үрүҥ дьиэҕэ оччолорго эдьиийим үлэлиир этэ, онно киирбиппэр син элбэх киһи баара. Онтон тутатына военкомакка тиийэн учуокка туран, эбиэттэн киэһэ Одьулууммар баар этим, дьоммут көрсөн үөрүү бөҕөтө, биэс саастаах балтым арбайан-сарбайан оһох кэннигэр саһан көрөн турара бу баарга диэри этэ. Ийэм Марфа Семеновна Диодорова, ииппит аҕам Семен Дмитриевич Диодоров буолаллар. Элбэх баҕайы хаартыскалардаах этим даҕаны барытын ыһаталаан, бэлэхтиирин бэлэхтээн бүтэрбиппин, 30-тан тахса сыл аастаҕа дии.

Дьэ, ити курдук дойду дьаһалынан, уот, ардах аннынан сылдьыбыт Александр Романович Саввин бойобуой олоҕун туһунан бэрт кылгастык сырдаттыбыт. Сааска билигин Одьулуун нэһилиэгэр дьонун кытары олорор. Биллэн туран билигин бэтэрээннэргэ болҕомто суох буолбатах ол эрэн суруллубатах сокуон илимигэр иилистии диэн баар. Ол онтон быыһанар суолу сонордуургар бэйэҕэр эрэ эрэниэх тустааххын.

 

Сэмэн Жендринскэй – улуус бойобуой дьайыы бэтэрэннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Хаартыска ааптар уонна Александр Саввин тус архыыбыттан туһанылынна