Максимов Михаил Михайлович кулун тутар 12 күнүгэр 2024 сылга лоп курдук 75 сааhын туолла. Михаил Михайлович, САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС, СР профтехүөрэхтээhинин туйгуна, Россия алын сүhүөх профтехүөрэхтээhинин Бочуоттаах үлэhитэ, СР үөрэҕин туйгуна, СР «Гражданскай килбиэн», Чурапчы, Таатта улуустарын анал бэлиэлэр хаhаайыннара, Дьүлэй, Одьулуун, Хадаар нэhилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо.
Михаил Михайлович 1994 сыллаахха профтехүөрэхтээhин Госкомитетын солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, миигин методиhынан үлэҕэ ылбыта. 1971 сыллаахха педучилищены саҥа үөрэнэн бүтэрбит, эдэр физкультура учуутала, Чурапчы Сылаҥын орто оскуолатыгар завучтуу олордохпуна, үлэҕэ ананан кэлбитэ. Ол кэмтэн ыла кинини билэбин. Сүрдээх үлэhит, лоп бааччы, холку, сэмэй, кэлин талааннаах салайааччы буолбут Михаил Михайловиhы 1982 сыллаахха атырдьах ыйыгар Чурапчытааҕы партия райкомун бюротун уурааҕынан кадрдары бөҕөргөтүү бэрээдэгинэн Одьулууннааҕы 13 №-дээх профтехучилище дириэктэринэн анаабыттара. 10 сыл устата Одьулууннааҕы училищеҕа ыытыллыбыт үлэлэр материальнай-техническэй базаны бөҕөргөтүүгэ туhуламмыттара. Ити үлэлэр тустарынан сырдатыахпын баҕарабын. Ол курдук:
1982 с. бүтүүтэ. Кэлэр сыллааҕы бюджет көмүскэлигэр табыгастаах бырайыак булбакка, гараас тутуутугар харчы көрүллүбэтэҕэ, ол иhин сайын устата училище үлэhиттэриттэн физика учуутала М.М. Бекянов биригэдьиирдээн биригээдэ тэриллэн, синньигэс мастары остоолбо икки ардыгар хаалаан, 15 техникэ киирэр гарааhа сайын устата тутуллубута. Иhиттэн-таhыттан штукатуркаламмыта. Остуолбаларын иинин Эрилик Эристиин аатынан совхоз буровой массыынатынан үүттээн биэрбитэ. Yбүлээhинэ капитальнай өрөмүөн суотугар ороскуоттанан, кыhыныгар үбү тус сыалыгар туттубатаххыт диэн дириэктэр М.М. Максимов харчынан ыстарааптаммыта уонна быыгабар ылбыта.
Салгыы оччолорго саҥа үөдүйэн эрэр арочнай гарааhы хаhаайыстыбаннай ньыманан училище бэйэтэ туппута. Онон техникэ барыта гарааска турар кыахтаммыта.
Пилоцех аллараа өттүгэр күhүн-саас туттуллуохтаах техникэҕэ анаан, 25 миэстэлээх типовой машиннай двор тимир күрүөлэнэн тутуллубута.
Училище территориятыгар начальнай военнай подготовкаҕа туhаныллар 25 м. стрелковой тир оҥоhуллубута.
Училище сыл аайы саҥаттан саҥа тутууну ыытар буолан, тыаҕа дэлээнэ быстаран, бастайааннай үлэлиир мас кэрдээччи тутара. Кэрдиллибит маhы училище бэйэтин массыыналара, трактордара тиэйэллэрэ. Училище маҥнай тутулларыгар С.Н. Плотников дириэктэрдиир кэмигэр бэриллибит пилорама эргэрэн, саҥа пилорама булуллан, бөhүөлэк арҕаа өттүгэр саҥа пилорамаҕа эргэ пилораманы өрөмүөннээн, субуруччу туруоран, пилоцех тутуллубута. Инньэ гынан пилорамаҕа киирбит мас төттөрү-таары собуостаммакка икки пилорамаҕа тиийэн обрезной буруус эбэтэр обрезной хаптаhын буолан тахсара.
Yлэhиттэри олорор дьиэнэн хааччыйыы.
Yлэhиттэри олохсутар сыалтан дьиэ туттуон баҕалаахтарга чэпчэтиллибит расценканан мас хайыттарыы үгэскэ кубулуйбута. Кэлии специалистарга үс 4-түү квартиралаах дьиэ баара. Онтон биир 4-квартиралаах дьиэ уокка былдьаммыта. Ол сайыныгар Минсельхозтан үп көрдөhөн, училище үлэhиттэриттэн биригээдэ тэриллэн, күhүн саҥа дьиэ тутуллан, үлэҕэ киирбитэ. Ити үрдүнэн дьиэҕэ наадыйыы быhаарыллыбакка, эмиэ минсельхоз үбүнэн өссө биир икки этээстээх 4-квартиралаах. Нөҥүө сылыгар 2 квартиралаах уопсай дьиэлэр тутуллубуттара.
Кэлии уонна эдэр специалистарга ас-үөл тиийбэтинэн, биир үөр сылгыга эбии 10 төрүүр ийэ сибиинньэ атыылаhыллан, свинарник уонна онно сөптөөх күрүө-хаhаа тутуллубута.
Yөрэнээччилэр сири кытта үлэҕэ ылбыт билиилэрин практикаҕа чиҥэтэллэригэр быраҕыллыбыт опытнай хаhаайыстыба сирин туруорсан ылан, сирин саҥаттан таҥастаан, чөлүгэр түhэрэн, бурдук ыhыллар бааhына оҥоhуллубута, сирэ барыта саҥаттан күрүөлэммитэ. Базатын капитальнайдык өрөмүөннээн, үлэ-сынньалаҥ лааҕыра тэриллибитэ.
Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр саамай сүрүн миэстэни объектары ититии боппуруоhа ылар. Кииннээн объектары ититии саҥардыы олоххо киирэн эрэр буолан, ордук тыа сиригэр ыарахан. Ɵрөспүүбүлүкэҕэ таас котельнай тутуута тэнийэ илик кэмэ этэ. Ити кэмҥэ бэрт уhун унньуктаах туруорсуу кэнниттэн Одьулууҥҥа таас мастарыскыай, котельнай бырайыактанан тутуллубуттара. Ол кэнниттэн 420 миэстэлээх учебнай-производственнай корпус тутуута былааҥҥа киирбитэ. Тута сирин изысканиета ыытыллан, Якутгражданпроекка бырайыага оҥоhуллан бүппүтэ. Оччолорго орто профессиональнай-техническэй училищелар үөрэнээччилэрэ идэни таhынан орто үөрэх программатынан үөрэнэн, уопсай орто үөрэҕи бүтэрэллэрэ. Инньэ гынан бырайыакка уопсай орто үөрэхтээhин предметтэрин кабинеттара эмиэ бырайыактаммыттара. Оннооҕор НВП-га ананан 25 м стрелковай тир киллэриллибитэ. 1990-1991 сылларга комплекс сваялара туруоруллубуттара. Нулевой үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Тутууга анаан кран атыылаhыллыбыта. Ити кэнниттэн үбүлээhин көрүллүбэккэ тутуу тохтообута.
Сылын ахсын благоустройствоҕа текущай, капитальнай өрөмүөннэргэ элбэх үлэ ыытыллыбыта.
Михаил Михайлович салалтатынан үөрэтии-иитии хайысхатыгар ыытыллыбыт үлэлэр, училище ситиhиилэрэ уонна үлэ итэҕэстэрэ «Ожулунский АГРАРНЫЙ ТЕХНИКУМ» 2018 сыллаах кинигэҕэ сырдатыллыбыттара.
Руслан Алексеев, Чурапчы улууhун уонна Мугудай нэhилиэгин Бочуоттаах бэтэрээнэ