Оҕолорго сатабылы иҥэрэр, дэгиттэр талааннаах учуутал (Биллиилээх тириэньэр бүгүн 75 сааһын туолла)

Ааспыт, 2023 сылга,  Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна  учуутал” сыла буолан ааста, учууталларга болҕомто ууруллан  үгүс элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар, үлэлэрэ сыаналанна.  Васиилй  Яковлев – Далан аатынан  Кытаанах уопсай үөрэхтээһинин  орто оскуолатыгар  бэйэлэрин идэлэрин чахчы баһылаабыт үгүс уһуйааччы-учуутал үлэлээн аастаҕа. Кинилэртэн биир кэмҥэ үлэлээн ааспыт коллегам, элбэх оҕону,  учууталлары уһуйбут Николай Федорович Смирников  үлэтин туһунан сырдатыахпын  баҕарабын.

Николай Федорович барыта холбоон 49 сыл устата оҕону Ийэ дойдутун таптыырыгар, төрөөбүт түөлбэтигэр, дойдутугар-сэргэтигэр бэриниилээх буоларыгар, кырдьаҕас көлүөнэни ытыктыырыгар, үөрэнээччилэрин билии киэҥ эйгэтигэр дьулуһан, умсугуйан дьарыктаналларыгар бары дьоҕурун  ууран үлэлээн кэлбитэ. Кини бэйэтэ этэринэн: “Учуутал ханнык да кэмҥэ учуутал! Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан, сөптөөх суолу, ньымалары баһылаан оҕолору иитиэхтээх-үөрэтиэхтээх. Саамай сүнньэ учуутал оҕолору таптыахтаах. Оҕолор хас биирдиилэрэ туох эрэ уратылаах, туох эрэ үчүгэй өрүттээх, сырдыкка үчүгэйгэ тардыһар дьон. Учуутал ону таба тайанан, тутуһан, кинилэри үөрэтиэхтээх, сайыннарыахтаах, иитиэхтээх, үтүө киһини оҥорон таһаарыахтаах”.                           

Николай Федорович Смирников  1949 сыл тохсунньу 15 күнүгэр Төлөй нэһилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Федор Дмитриевич Смирников төрүт олохтоох Төлөй, ийэтэ Марфа Прокопьевна Смирникова Мугудайтан төрүттээх. Ийэлээх аҕата иккиэн үөрэҕэ суох дьон этилэрэ, оҕолорун үөрэттэрээри сүөһү–ас иитэн кыстыктан сайылыкка, сайылыктан кыстыкка көһөллөрө,  кыракый Коля  дьонун кытта тэҥҥэ көһө  сылдьан айылҕалыын алтыһан, кыра эрдэҕиттэн дьонугар көмөлөһөн үлэни билэ улааппыта.

Кини орто оскуоланы бүтэрэн баран  Саха судаарыстыбаннай университетын географическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ уонна ситиһиилээхтик  бүтэрэн, географ идэтин ылан Аллайыаха Чокурдааҕар үлэтин саҕалаабыта. Ханна да үлэлээтин, Николай Федорович үлэтин оҕону сайыннарыыга чопчу-сыаллаах соруктаах үлэлиирэ. Ол курдук Аллайыаха  оскуолатыгар үөрэтэрин таһынан хаартыскаҕа түһэрии куруһуогун үлэлэтэн оҕолор олохторун сырдатан, үйэтитэн, туризм куруһуоктарын төрүттээн, салайан, оҕолору аан бастаан өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр туристар слеттарыгар ситиһиилээхтик кытыннаран оҕолор, төрөппүттэр  махталларын, салалта хайҕабылын ылбыта. Үлэтин саҥа саҕалыаҕыттан  иитэр үлэни өрө тутан үлээбит эбит.

Олоҕун сүрүн түһүмэҕин иккис дойдута оҕустубут Кытаанаҕын оскуолатыгар анаабыта, уопсайа холбоон 44 сыл үлэлээтэ. 1979 сыл күһүнүгэр дириэктэри иитэр-үөрэтэр  үлэҕэ солбуйааччынан  ананан кэлбитэ. Бу да оскуолаҕа үлэтин сүрүн хайысхатын оҕону иитии үлэтигэр көрөр этэ. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын үлэлэрин-хамнастарын саҥа хайысханан тэрийсиигэ уурбута.

Дьаһалтаны кытта дуогабар түһэрсэн, кэпсэтиһэн үлэ хайысхаларын, олорор усулуобуйаларын быһаарсан  Кытаанах оскуолатыгар аан бастаан элбэх хайысхалаах үлэ-сынньалаҥ лааҕырын  үлэлэппиттэрэ уонна бу үлэҕэ учууталлар кыттыыны ылар буолалларын ситиспитэ, онон бу үлэҕэ иитии үлэтэ эмиэ тэҥҥэ ыытыллара былааннаммыта. Лааҕыр хайысхата: от үлэтэ, кирпииччэ үктээһинэ, ынах ыаһына, ньирэй көрөөһүнэ, күрүө тутуута, ньирэй хааччаҕын тутуу. Лааҕыры салайсан үтүө суобастаахтык  оҕолор үлэлэрин кыһаллан–мүһэллэн тэрийэн үлэлээбиттэрэ: Миронов Н.Н., Парфенов Н.Г., С.С.Дьячковскай, И.Н.Попов, Л.О.Соловьев, И.С.Коркин, Р.С.Смирникова. Оччолорго отделение управляющайа П.Н.Скрябин ис сүрэҕиттэн кыһамньылаахтык оҕолор үлэлэригэр  туттар тэриллэрин, тиэхэньикэлэрин хааччыйыыга үлэлэспитэ.

Итинник “Эрэл” ЛТО 10 сыл тохтоло суох үлэлээбитэ, элбэх оҕону үлэҕэ иитэн, олоххо бэлэмнээбитэ. Ити кэм устатыгар “Эрэл” үлэ-сынньалаҥ лааҕыра улууска бастакы миэстэни, өрөспүүбүлүкэҕэ 2 миэстэни ылары ситиспитэ. Бастыҥ үлэһит оҕолор А.Чепалов, А. Барашков оччотоҕооу Хомсомуол Киин Кэмитиэтин анал бэлиэтинэн наҕараадаламмыттара.

Дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үс сыл үлэлээн баран, оҕолору үлэҕэ иитэр үлэ лааҕырыгар толору ылсан үлэлээри алын байыаннай бэлэмнэниини салайааччытынан (военругунан) көспүтэ. Бу үлэтигэр уонча сыл үлэлээбитэ. Оҕолору ити хайыскаҕа бэлэмнээһин элбэх билиини, сатабылы эрэйэрэ, кэмигэр Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт, университекка байыаннай кафедраҕа үөрэммит саппаас офицера буолан балачча бэлэмнээх этэ. Ыга ылсан сөптөөх ирдэбиллэри туруоран, оҕолор НВП предметинэн эппиэтинэстээхтик, дьаныһан туран дьарыктаналларын ситиспитэ. Оҕолордуун бииргэ күүрээннээх үлэ  хаһан да үтүө түмүктэрдээх  буолар. Ити бириэмэҕэ оруйуон оскуолаларын военруктара олус түмсүүлээх айымньылаахтык үлэлиир дьон буолан былааннаах үлэлэри, сэминээрдэри, күрэхтэһиилэри, киэҥ бырагырааммалаах сайыҥҥы түмүктүүр байыаннай-полевой хомуурдары, “Орленок”,” Зарница” военизированнай оонньуулар ситимин быспакка ыыталлар этилэрэ.

1984 сыллаахха оруйуоҥҥа бастакы биатлон күрэҕэ ыытыллыбыта, бу күрэхтэһиигэ хамаанда туруоран бэлэмнээн 2 миэстэ буолары ситиспиттэрэ. Бу күрэхтэһиигэ  күүстээх хайыһардьыт  Попов Петя ордук үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрбүтэ, мантан кынат анньынан, Петя Саха АССР кыһыҥҥы ыспартакиадатыгар биатлоҥҥа оҕолорго икки төгүллээх чөмпүйүөн буолбута.

Бу бириэмэҕэ оскуолаҕа уол оҕо ахсаана элбэх этэ. Уолаттар оскуоланы бүтэрэн баран бары аармыйаҕаа сылдьан үчүгэйдик сулууспалаан бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыттара, кэлэн баран учууталларыгар махталлара улахан этэ, төрөппүттэргэ үгүстэригэр байыаннай чаастарыттан   махтал суруктары  тутан үөрүүлэрэ эмиэ үгүс этэ. Уруок таһынан саахымат куруһуогун ыытара, киниэхэ дьарыктаммыт оҕолортон үчүгэй саахымаччыттар тахсыбыттара: Барашков Дима, Захаров Проня, Света Захарова, Коля Кононов, Сеня Смирников уо.д.а. Улууска ыытыллар “Үрүҥ ладья” күрэҕэр бириистээх миэстэттэн түспэттэр. Ити оҕолортон сорохторо билигин да саахымакка нэһилиэктэрин чиэһин көмүскүүллэр.

Кэлин НВП предметин тохтоппуттарын кэннэ оскуолабытыгар устуоруйа учуутала суох буолан “историк буол” диэн көрдөспүппүт, сөбүлэспитэ. Эрдэ кэпсиирин истэр этибит: “Оскуола5а үөрэнэ сылдьан устуоруйаны сөбүлүүр этим, учууталым Р.Р.Абрамов салайар историческай куруһуогар дьарыктаммытым, элбэх историческай кинигэни ааҕар этим”. Устуоруйа предметин үөрэтэригэр улаханнык ыарырҕаппатаҕа.
Николай Федорович предметтэрин үөрэтэригэр бэйэтэ туһунан ньымалаардаах учуутал буолааччы. Уруокка оҕо кинигэттэн бэйэтэ билиини хасыһан ыларын курдук “Плюсовай” систиэмэни киллэрбитэ. ЕГЭ сорудахтарын курдук боппуруостары бэлэмнээн кэлэрэ. Уруок кэмигэр оҕолор кинигэттэн тиритэ-хорута үлэлииллэрэ, боппуруостарга кинигэттэн эппиэт булан, уруоктан күн аайы сыана ылан астынан бараллара. Уруок иитэр өрүтүгэр эмиэ ураты ньымалааҕа, ол курдук уруокка хойутаабыт, эбэтэр дьиэҕэ үлэтин толорботох оҕолору хаһан да мөхпөт төттөрү сыллыыр идэлээҕэ, онтон кыбыстан оҕолор хойутаабат тугу биэрбитин толоро сатыыллара. Кини үлэлиир бириэмэтигэр ЕГЭ аан бастаан киирбитэ, устуоруйа талыыга турар предмет этэ.

Оччолорго аан бастаан Алена Скрябина (Седалищева) талан, үчүгэйдик туттаран учууталын үөрдүбүтэ, бары да улаханнык үөрбүппүт. Бу сылынан историктаан бүппүтэ. Үөрэппит оҕолоруттан билигин хас да оҕо историк идэтин ылан үлэлии сылдьаллар: А.В. Пономарева (Филиппова) Чакыр оскуолатыгар,

И.Т. Пономарев  Чурапчытааҕы гимназияҕа,

А.А. Барашков  Дьокуускай куорат оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.

Е.И. Скрябина историческай факультеты бүтэрэн  баран аспирантураны түмүктээбитэ.

1990 сыллаахха улуус үрдүнэн хайысхалаах үөрэхтээһин саҕаламмыта. Үгүс оскуола бэйэлэрин сайыннарар хайысхаларын  талбыттара. Кытаанах оскуолата директорбыт РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ В.Н. Коркин көҕүлээһининэн улууска бастакынан, экспериментальнай үлэни “Оҕону художественнай-эстетическэй предметтэр нөҥүө иитии-үөрэтии тиэмэнэн саҕалаабыта. Бу кэмҥэ Николай Федорович  икки сыл  саҥаны киллэриигэ экспериментальнай үлэ саабыһынан үлэлээбитэ. Үлэтин былааннаан, сүрүн туһаайыылары киллэрэн саҕалаабыта. Үлэтин сүрүн туһаайытынан: оҕолору араас куонкурустарга, көрүүлэргэ, быыстапкаларга кытыннаран сайыннарыы, атын улуус оскуолаларын кытта дуогабар түһэрсэн уопут атастаһан үлэлииллэрин тэрийии — буолбута.

Уопсай устааптаах “Радуга” холбоһук тэриллибитэ. Ураты дьоҕурдаах оҕолор персональнай быыстапкаларын тэрийии ыытыллар үгэһэ олохтоммута. М. Попова, К.Игнатьева, М.Монастырева итинник персональнай быыстапкалартан үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Онтон үөрэнээччилэр  улахан быыстапкаларын оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи айар дьоҕурдарын мусуойугар туруорары ситиһиспитэ. Анал үөрэх тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлээн, оҕолор салгыы сайдар оҥкулларын олохтоспута, дуогабар түһэрсэн быһа үөрэххэ ылар балаһыанньаны үөскэтиспитэ. Билигин бу ситиминэн киирэн үөрэммит үгүс оҕолорбут өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр айар талааннар, сорохторо кэлэн үөрэммит оскуолаларыгар, Саха сирин араас улуустарын оскуолаларыгар  таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Экспериментальнай площадка статуһун өрөспүүбүлүкэҕэ хамыыһыйа иннигэр көмүскэспитэ. Дьиҥнээх, олоххо дьоҕурдаах, сатаан тэриллибит эрэ дьыала уһун үйэлэнэр, оҕону иитиигэ туһаны биэрэр. Билигин да бу хайысханан биһиги оскуолабыт үлэлиир, сайдар, онно  Николай Федорович бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.

2004 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, буулдьалаах саанан ытыыга оҕолору дьарыктыыр санаата кэлбитин этэн, оскуолабытыгар “Бэргэн ытааччы” куруһуок аһыллан үлэтин саҕалаабыта. “Бу санааны ыларбар маннык куруһуогу ыытан элбэх оҕону уһуйбут доҕорум И.С.Захаров буолбута. Биһиги сахалар бэргэн ытааччыларбыт ити бэстилиэтинэн ытыы саҥа олимпийскай  көрүҥ баар ээ, биһиги ытыы бары көрүҥэр үчүгэй буолуохтаахпыт, онон дьарыктаан көрүөххэ баар этэ”, диэбитэ.

Бэстилиэтинэн дьарыктаан өрөспүүбүлүкэҕэ, Дойдуга биллэр ытааччы Коля Миронов үүнэн тахсыбыта. Коля билигин ити хайысханан үөрэҕи бүтэрбитэ, тириэньэр идэтин ылбыта. Кини тириэньэрин туһунан маннык ахтар: “Николай Федорович үчүгэйдик дьарыктаан салгыы сайдарбар кыах биэрбитэ.
Ханнык баҕарар ситиһии бу көрүҥҥэ элбэх дьарыктан уонна үчүгэй саалаах, экипировкалаах  буоллаххына кэлэрин билэр, ол иһин успуонсар көрдөөн, төрөппүттэри кытта кэпсэтэн кинилэр көмөлөрүнэн үчүгэй саалары буларга болҕомтотун уурбута. Бэйэтэ атыыласпыт саата  “ИЖ 38” элбэх ситиһиини аҕалбытын ордук астынар. Ол саанан ытан өрөспүүбүлүкэҕэ хамаанданан иккис буолары ситиспиттэрэ. Хамаанда ситиһиилээх ытааччыларынан: Д. Монгуш, А.Беляева, А.Лукина, С.Любимов, К.Решетникова, А.Барашков, А.Томскай буолбуттара.

Биирдиилээн ытыыга К. Решетникова өрөспүүбүлүкэҕэ икки төгүллээх чөмпүйүөн буолбута. Сылын ахсын күүрээннэх үлэ  оҕолордуун, төрөппүттэрдиин бииргэ үлэлэһэн оҕолор ситиһиилэрэ элбээн, үүнэн иһэрэ. Араас таһымнаах күрэхтэри өрөспүүбүлүкэҕэ кыайталаан сыыйа Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурук күрэхтэрин, онтон Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэри кыайталаан миэстэлэһэр буолбуттара. Уонунан Саха сирин чөмпүйүөннэрэ, призердара үөскээбиттэрэ. Саамай биллэр ситиһиилээх үөрэнээччилэринэн:

Николай Миронов — пневматическай уонна кыра халыыбырдаах бэстилиэтинэн ытыыга Арассыыйа успуордун маастара, пааранан ытыыга улахан дьоҥҥо Арассыыйа Кубогын хаһаайына, элбэх Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылаахтара, Дойду үөрэнээччилэрин Ыспартакыйаадаларын икки төгүллээх призера, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Прага куоракка буолбут Аан дойдутааҕы күрэх муҥутуур кыайыылааҕа, Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурук кыайыылааҕа, СӨ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ;

Роман Аржаков — Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат, СӨ успуордун маастара, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх кыайыылаахтара, Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурук, СӨ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ;

Валерий Яковлев – Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат, СӨ успуордун маастара, СӨ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ,  2017 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт “Манчаары” Оонньууларын абсолютнай кыайыылааҕа;

Уйусхаан Захаров — СӨ уонна РФ успуордун маастара,  Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылаахтара, Дойду үөрэнээччилэрин Ыспартакыйаадаларын призера, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, 2017 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ буолбут “Манчаары” Оонньууларын чөмпүйүөнэ, СӨ хас да төгүллээх кыайыылааҕа;

Михаил Аржаков — Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат, СӨ успуордун маастара, Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурук  түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, 2022 сыллаахха Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын ыспартыыбынай оонньууларын үрүҥ көмүс призера, СӨ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ;

Доржукай Монгуш-Снайпер Саха — Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат, Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурук чөмпүйүөнэ, СӨ элбэх төгүллээх кыайыылааҕа, призера;

Иван Соркомов — СӨ успордун маастара, СӨ  күрэхтэрин кыайыылааҕа, призера;

Дуня Ноева (бэстилиэткэ уонна сааҕа), Наина Тоскина, Алина Дьяконова сааҕа — СӨ күрэхтэрин хас да төгүллээх кыайыылаахтара, призердара.

Николай Федорович бэйэтин үлэтин таһынан уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ көхтөөхтүк кыттар, ол курдук Чурапчы улууһун буулдьалаах саанан ытыыга хамаандатын бэлэмнээн, үс СӨ национальнай көрүҥнэргэ ыспартакыйаадатыгар, “Манчаары” Оонньууларыгар, үс Саха сирин норуоттарын ыспартыыбынай оонньууларыгар кытыннарбыта. Холобура, “Манчаары” Оонньууларыгар 2013 сыллаахха Чурапчыга 3 миэстэ,  2021 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ 3 миэстэни ылаттаабыттара. Саха сирин саамай улахан, суолталаах күрэхтэһиилэригэр – Саха сирин норуоттарын оонньууларыгар: 2014 сыл Намҥа 3 миэстэ, 2019 сыл Аммаҕа 1 миэстэ, 2022 сыл Бороҕоҥҥо 2 миэстэни ылаттаабыттара. Улахан дьоҥҥо эмиэ ситиһиилээх ытааччылар үүнэн тахсыбыттара:

А.П. Захаров — СӨ успуордун маастара, чемпиона, Чурапчыга буолбут Манчаары оонньууларын боруонса призера.

Д.Ф. Барашков – СӨ сурдоыспарсымыаннарын күрэҕин боруонса призера.

Д.В. Тролуков — СӨ кэннинэн ытыыга үрүҥ көмүс призер.
Ити курдук буулдьалаах сааҕа уонна бэстилиэккэ 19 сыл устата үлэлээн туруоруммут сыалын-соругун толорон элбэх оҕону уһуйан  бу сылга улэтин түмүктээтэ.

Үлэлээбит үлэтин үрдүктүк сыаналаабыт бэлиэлэрэ кини үгүс элбэх наҕараадалара туоһулууллар: РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, Афанасий Софронов аатынан бириэмийэ лауреата, икки төгүллээх СӨ Ытыы успуордугар Бастыҥ тириэньэр, Чурапчы улууһугар икки төгүллээх улуус Бастыҥ тириэньэрэ, Чурапчы, Кытаанах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо уонна да араас таһымнаах Бочуотунай грамоталардаах.
Николай Федорович айылҕа маанылаабыт, эргиччи талааннах дьонугар киирсэр диэн сыаналыыбын.  Кини улуус, нэһилиэк чиэһин өрөспүүбүлүкэҕэ көмүскүүр күүстээх 1-кы разрядтаах саахымаччыт, дуобаччыт (дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат). Николай Төлөөйүскэй диэн псевдонимнаах хомоҕой тыллаах хоһоонньут, ылбаҕай ырыаһыт,  уус-уран көрүү көхтөөх кыттыылааҕа. Кини суруйбут, Чурапчылары күүс өттүнэн көһөрүү туһунан “Эргиллиэм эйиэхэ, Чурапчым чараҥар” хоһооно ырыа буолан дьон-норуот кутун букатыннаахтык туппута. Кэнники сылларга кыраайы үөрэтиинэн дьарыктанар: Кытаанах умнууга хаалан эрэр дьонун төннөрөргө үлэлэһэн ыстатыйалары улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар суруйан бэчээттэтэр, олорбут алаастарыгар бэлиэ Мэҥэ таастарын туруортарар.

Элбэх сыл устата оскуола профсойууһугар бэрэссэдээтэлинэн, чилиэнинэн үлэлээн оскуола уопсастыбаннай үлэтин сүрүннэспитэ, элбэх үлэни ыыппыта. Саҥа сылы көрсөр бырааһынньыктарга Тымныы Моруос Оҕонньор буолан, атынан ыалы кэрийэн оҕолорго бэлэхтэри туттаран оҕо-аймахха үгүс үөрүүнү аҕалара.

Олоҕун аргыһа Раиса Семеновналыын биэс оҕону төрөтөн улаатыннардылар. Оҕолоро бары идэ ылан дьиэлэнэн-уоттанан дьоһун ыал буоллулар, сиэннэри бэлэхтээтилэр. Улахан уол Семен медик идэлээх, икки оҕолоох. Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансерга медбрат көмөлөһөөччүтэ, кэргэнэ Туяра Ивановна — быраас. Улахан кыыс Марфа нуучча тылын  учуутала, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, Саха гимназиятын учуутала, педагогическай наука хандьыдаата, кэргэнэ Андрей Владимирович — быраас, икки оҕолоохтор, иккис уол Федор юрист идэлээх, Дьокуускай куорат хлебокомбинат юрист-консультана, кэргэнэ Дария Николаевна – парикмахер, үс оҕолоохтор, орто кыыс Екатерина — эргиэн менеджера. Билигин «Якутия» ФАПК эргиэҥҥэ менеджер, кэргэнэ Александр Иванович — тутуу үлэһитэ, икки оҕолоохтор, кыра кыыс Раиса экономист-финансист, билигин “Сахатранснефтегаз” экономическай отделыгар үлэлиир, кэргэнэ Иван Юрьевич — баһаарынай чаас үлэһитэ, икки оҕолоохтор.

Дириҥ билиилээх, үрдүк култууралаах, олоххо, үлэҕэ көхтөөх позициялаах талааннаах учууталбыт, коллегам Николай Федорович бүгүн 75 сааһын томточчу туолла. Бу бэлиэ кэмҥинэн эҕэрдэлээн  туран баҕарабын  дэгиттэр талаанҥын туһанан өссө да айа–тута тур, өр сылларга чэгиэн сырыт, кэргэҥҥинээн Раиса Семеновналыын оҕолоргут, сиэннэргит тапталларынан угуттанан  дьоллоохтук  олороргутугар.

 

Татьяна Пономарева,   РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй